Дьокуускайга тоҕус ассенизаторскай массыынаны аҕалыахтара
«Россия 24» телевизионнай ханаал «Куораты кытта быһа эпиир» бырагырааматыгар Олохтоох дьаһалта Олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыбатыгар уонна энергетикаҕа департаменын начаалынньыга Максим Шомоев саҥа хомунаалынай тиэхиньикэни атыылаһыы туһунан кэпсээтэ.
Быйыл Олохтоох дьаһалта муниципальнай тэрилтэлэригэр уон саҥа тиэхиньикэ кэлиэхтээх, ол иһигэр тоҕус ассенизаторскай массыына.
«Уулусса-суол ситимигэр ууну оботторорго туттуллар тоҕус ассенизаторскай массыына «Жилкомсервис» МУТ бэриллиэҕэ. Итини сэргэ, «Якутдорстрой» тэрилтэҕэ анаан баар ханааллары сууйар массыынаны атыылаһабыт. Сылын аайы «Горканаалга» тиийэрин курдук, саас лотуоктары уонна ууну ыытар турбалары ыраастыыллар. Ити үлэҕэ анаан бу тиэхиньикэни ылабыт», - диэтэ Максим Шомоев.