Дьокуускайга суол саахалын сэрэтэр дьаһаллар ылыллаллар
Ааспыт сыл икки бастакы ыйыгар тэҥнээтэххэ, быйыл тохсунньу-олунньу ыйдарга өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн суол саахала 26,6% үрдээтэ, ол иһигэр тахсыбыт саахал 75,0 % нэһилиэнньэлээх пууннарга бэлиэтэннэ уонна былырыыҥҥы көрдөрүүттэн 22,9% үрдээтэ, диэн иһитиннэрдэ кулун тутар 19 күнүгэр СӨ ИДьМ Госавтоинспекцияҕа управлениетын начаалынньыга Александр Архипов суруналыыстарга ыыппыт пресс-конференциятыгар.
Пресс-конференцияҕа СӨ тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатыгар миниистирин солбуйааччы Семен Коркин уонна Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтатын Куораты тутууга уонна тырааныспар инфраструктуратыгар департаменын Тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатыгар управлениетын начаалынньыга Василий Амбросов кыттыыны ыллылар.
Этиллибитин курдук, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тахсар суол саахалын 48%, ол эбэтэр баһыйар өттө Дьокуускай куоракка бэлиэтэнэр. Төһө даҕаны өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтин аҥаара киин куоракка олордор, сыл аайы тиэхиньикэлээх киһи ахсаана элбии турдар, сырыы-айан үксээтэр, бу көрдөрүү дьиксиннэримиэн сатаммат.
Александр Архипов тоһоҕолообутунан, Дьокуускай куоракка суол саахала сыл ахсын элбии турар. Ол курдук, 2023 сыл түмүгүнэн киин куоракка 492 ДТП тахсан, 17 киһи суорума суолламмыт, 600-тэн тахса киһи араас кээмэйдээх эчэйиини ылбыт. Саахаллар сүрүннээн массыыналар харсыһыыларын уонна сатыы дьону түҥнэри көтүүнү кытта сибээстээхтэр.
Ол курдук, аҥаардас Дьокуускай куоракка былырыын 180 төгүл (!) тиэхиньикэнэн сатыы дьону түҥнэри көтүү түбэлтэтэ бэлиэтэммититтэн 50-на регулировкаланар, светофордаах сиргэ тахсыбыт, 30 – регулируйдаммат туорааһыннарга.
Оттон сатыы дьону түҥнэри көтүү сүрүннээн тахсыбыт уулуссаларын быһа охсуһуулара: Киров – Горькай, Ойуунускай – Октябрьскай – Поярков, Лермонтов – Сэргэлээх щоссета – Красильников, Хабаров – Ленин проспега.
Үүммүт сыл икки ыйыгар маннык түбэлтэлэр Чайковскай – Каландаришвили, Поярков – Дзержинскэй, Лермонтов – Халтурин, Ленин – Киров, Лермонтов – Свердлов регулировкаланар быһа охсуһууларга бэлиэтэммиттэр.
Маннык түгэннэри светофордар үрдүлэригэр туруоруллубут үрүҥ чыпчыҥныыр уоттар, уулуссалар быһа охсуһууларыгар фотовидеофиксатордар сэрэтэр аналлаахтар гынан баран, сорох суоппардар болҕомтоҕо ылбаттара дьулаан быһылааннарга тиэрдэр.
Суол саахалын сэрэтэр биир көдьүүстээх ньыманан, биллэн турар, уулуссалар ыраас, сырдык буолууларын хааччыйыы туһунан иһитиннэриини Олохтоох дьаһалта Куораты тутууга уонна тырааныспар инфраструктуратыгар департаменын Тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатыгар управлениетын начаалынньыга Василий Амбросов оҥордо, маны сэргэ Курашов уулуссатыгар уонна М.Е. Николаев аатынан проспекка оҥоһуллубут проекционнай переходтар көдьүүстээхтэрин, онон ити үлэни быйыл салгыыр былаан баарын бэлиэтээтэ, диэн иһитиннэрэр Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата.