Дьокуускайга «Саюри» маҕаһыына арылынна
Дьокуускайга Труд уул., 1а дьиэтигэр «Саюри» тэпилииссэ бастакы бэйэтин маҕаһыына арылынна. Маҕаһыын «Үлэ кыбаартала» креативнай кластерга үлэлиир.
Бэлиэ күнүнэн 2015 сыллаахха «Алмазэргиэнбаан» тэрилтэни салайар кэмигэр «Саюри» ХЭТ үбүнэн өйөөбүт СӨ уус-уран гимнастикаҕа федерациятын бэрэсидьиэнэ Людмила Николаева, куорат баһылыгын бастакы солбуцйааччы Георгий Гаврильев, экономика миниистирэ Майя Данилова эҕэрдэлээтилэр уонна «Саюри» тэпилииссэ сибиэһэй оҕуруот аһын нэһилиэнньэ биһирээн, бырайыак көдьүүстээҕин дакаастаабытын бэлиэтээтилэр.
Тэрилииссэни салайар «Звезда Арктики» ХЭТ генеральнай дириэктэрэ Сергей Балнайтис тэрилтэ мантан антах оҥорон таһаарар иэнин өссө кэҥэтэр былааннааҕын эттэ.
«Саюри» бастакы фирменнэй маҕаһыынын арыйыы үөрүүлээх тэрээһинигэр «Алмазэргиэнбаан» АБ бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ Николай Долгунов, олимпийскай чемпион Павел Пинигин, «Горснаб» МУТ генеральный дириэктэрэ Петр Абрамов кыттыыны ыллылар.