Дьокуускайга саас кэллэ!
Күммүт уһаан, халлаан сылыйан, сааскы чаҕыл күннэр сатыылаатылар. Ону кытта киһи күҥҥэ сыламныан, сынньаныан баҕарар. Дьон барыта таһырдьа тахсан хаамар, оскуола оҕолоро сааскы сынньалаҥнарыгар бардылар.
Санаабытытыгар, кыстыкпыт этэҥҥэ ааһан эрэр курдук. Ол эрээри быйылгы дьылга хаһааҥҥытааҕар да элбэх хаар түстэ. Чэ, уһуну-киэҥи быһаарбакка, сааскы куораппытын хаартыскаларынан кэпсиибит.
Дьон санаата:
Галина:
– Кыһыммыт күрэнэн, туман суох буолбута киһини олус үөрдэр. Куһаҕана диэн, хаар анныгар сыппыт кир-хах барыта тахсан кэллэ. Быйыл хаар бөҕөтө түстэ, ууга барбат инибит. Саатар тротуардар хаардарын тоҕо ыраастаабаттара буолла? Сарсыарда уонна киэһэ дьыбарга наһаа халтараан буолар, эрдэ үлэлии барар, хойут бүтэр дьоҥҥо кыһалҕа.
Евдокия:
– Саатар тротуар хаарын ыраастыа эбиттэр. Бүтүннүү хаарынан лөглөйбүт тротуартан уулуссаны туоруур переходка ыстанан тахсаргар тиийэҕин. Онуоха халтырыйан киһи онтун-мантын өлөрүөн сөп. Аны туран, атыы-эргиэн кииннэрэ кирилиэстэрин хаарын эмиэ ыраастаабаттар, күн бүтүүтэ барыта тоҥон хаалар; дьиҥэр, бас билээччилэр маны көрүөхтээхтэр этэ. Дьэ, туох да диир кыаҕым суох, үтүмэннээх элбэх хаар сытар, бу барыта чалбах, бадараан буоларыгар тиийэр...
Никита:
– Дьокуускайга сааспыт дьэ кэллэ! Наһаа күүстээх тыаллаах, дьон барыта сөтөллө сылдьар. Аны хаарбыт элбэҕэ диибин диэн, бу бүгүн сарсыарда эмиэ хаардаата, эбиитин ардаата. Суолбут барыта массыына, ол кэриэтэ сатыы сылдьыбыт быдан ордук курдук. Лермонтов, Поярков, Дзержинскай, Дежнев уулуссаларыгар күн ахсын «пробка».