08.06.2021 | 22:21

Дьокуускайга саҥа уһуйааннар тутуллаллар

Киин куоракка “Демография” национальнай бырайыак чэрчитинэн саҥа уһуйааннар тутуллаллар. СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын пресс-сулууспата үс саҥа эбийиэги билиһиннэрдэ.
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ол курдук, Гагаринскай уокурукка Кузьмин уул., 25, саҥа уһуйаан тутулла турар. Быйыл сэтинньи ыйга түмүктэниэхтээх. Бырайыак быһыытынан 240 миэстэлээх оҕо уһуйаана 3 165, 63 кв.миэтэрэ иэннээх, үс этээстээх, физкультура саалалаах, медблоктаах, ас астыыр, таҥас сууйар хостордоох, верандалаах уонна лифтээх буолуоҕа. Ааспыт нэдиэлэ туругунан тутуу 50 бырыһыана бэлэм.

Иккис эбийиэк – 203-с микрооройуоҥҥа 23 №-дээх «Цветик-семицветик» уһуйаан эбии бөлөхтөрө. Бу 85 миэстэлээх эбийиэк номнуо 100% бэлэм. Билигин дьиэ үлэҕэ киирэригэр туһааннаах докумуоннар оҥоһуллаллар. Былаан быһыытынан 2021 сыл балаҕан ыйын 1 күнүгэр аһыллыахтаах.

Үһүс эбийиэк – 18 №-дээх «Прометейчик» уһуйаан эбии бөлөхтөрө. 1184 кв. миэтэрэ иэннээх, 119 миэстэлээх буолуоҕа.

Автодорожнай уул., 13/1 г, турар эбийиэк судаарыстыбаннай-чааһынай партнерство бырагырааматынан, “Демография” национальнай бырайыак чэрчитинэн федеральнай уонна өрөспүүбүлүкэ үбүлээһининэн тутуллар.

Оҕо уһуйаана аныгы технологиялаах оонньуур оборудованиенан, миэбэлинэн хааччыллыбыт. Манна универсальнай саала, ас астыыр блок, медицинскэй кабинет, Монтессори оҕо эрдэтээҥҥи сайдыытын устуудьуйата уонна сенсорнай хос баар.  

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....