12.10.2022 | 19:30

Дьокуускайга үһүс стадион тутуллуон сөп

Дьокуускайга үһүс стадион тутуллуон сөп
Ааптар: Баһылай ПОСЕЛЬСКАЙ
Бөлөххө киир

Ааспыт нэдиэлэҕэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин физическэй култуураҕа уонна спорка министиэристибэтин иһинэн үлэлиир Уопсастыбаннай сэбиэт  уочараттаах сүбэ мунньаҕа икки боппуруоһу көрдө.

Физкултуура уонна маассабай спорт сайдыытыгар спорт миниистирин 1-кы солбуйааччы Александр Бугаев, Агротехнологическай университет ипподромугар стадион тутуутун туһунан АГАТУ тутууга сүрүн инженерэ Петр Обутов иһитиннэриилэри оҥордулар. Сүбэ мунньаҕы Уопсастыбаннай сэбиэт бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Платонов салайан ыытта.

Бастакы боппуруоска нэһилиэнньэ, дьон доруобуйатын тупсарыыга физкултуурунай-чэбдигирдэр, чөл олоҕу өрө көтөҕүүгэ Арассыыйа спорка министиэристибэтин бырайыактара холобур быһыытынан аҕалылыннылар. Николай Бугаев ыйытыыларга хоруйдаата, боппуруос сүнньүнэн кэпсэтиилэр буоллулар. Хамсатыылаах дьаһаллары ыытарга, үбүлээһини булууга Тыа хаһаайыстыбатын, Үөрэх, Доруобуйа харыстабылын, Физическэй култуура уонна спорт, Ыччат министиэристибэлэрэ бииргэ үлэлииллэрэ наадатыгар болҕомто уурулунна.

2030 сылга диэри чэбдигириинэн дьарыктанааччылар, ол иһигэр спордунан дьарыктанар оскуола оҕолорун ахсаана элбиэхтээх. Маныаха спортивнай медицина өҥөтө, хас биирдии нэһилиэккэ физкултуура-спорт инструктордара баар буолуулара ситиһиллиэхтээх. Уопсастыбаннай сэбиэт дьону, нэһилиэнньэни кытта чопчу үлэни ыытыаҕа. Оҕолорбут, дьон-сэргэ доруобуйалара – бу барыбыт дьыалата буоларынан, нэһилиэктэр, бөһүөлэктэр көхтөөхтүк ылсыыларыттан, өйөөһүннэриттэн эмиэ тутулуктаныаҕа.

Агротехнологическай судаарыстыбаннай университет ипподромун ортотугар стадион бырайыагын туһунан АГАТУ сүрүн инженерэ Петр Обутов иһитиннэриитэ сэргэхсийиини үөскэттэ.

Өскөтүн, стадион бырайыага сиһилии быһаарыллан, экраҥҥа көрдөрүллүбүтүн курдук олоххо киирдэҕинэ, туһааннаах университет устудьуоннара, преподавателлэрэ, тренердэрэ, бары үлэһиттэрэ эрэ буолбакка, чугастааҕы уокуруктар, “Прометей” кыбаартал, куорат таһынааҕы бөһүөлэктэр олохтоохторо дьарыктаналларыгар, доруобуйаларын тупсарыналларыгар саарбахтааһын суох. 300 тыһыынчаттан тахса  нэһилиэнньэлээх уһук хотугу кыраайбыт киин куората Дьокуускай үс аһаҕас стадионнанан, улахан таһымнаах култуурунай-спортивнай дьаһаллары, ол иһигэр “Азия оҕолоро” оонньуулары да ыытарга табыгастаах буолуо этэ.

АГАТУ ректора Валерий Федоров номнуо боччумнаах кэпсэтиилэри ыыппыт, өйдөөһүн, өйөөһүн баар эбит. Өрөспүүбүлүкэбит үрдүкү салалтата ылыннар эрэ, киин куораппытыгар үһүс стадионнаныахпытын сөп.

Көрүллүбүт боппуруостарга рекомендациялар ылылыннылар. Ити курдук, физическэй култуура уонна спорт кэскиллээхтик сайдан иһиилэригэр сэргэх, күүстээх үлэлэр бараллар. Ону бастыҥ спортсменнарбыт чаҕылхай ситиһиилэринэн мэктиэлииллэр. Болҕомто нэһилиэнньэ бүттүүнэ чэгиэн-чэбдик, чөл туруктаах буолуутугар туһаайыллар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....