Дьокуускайга үөрэҕирии үлэһиттэрин балаҕан ыйынааҕы мунньахтара ыытыллар
Балаҕан ыйын 14 күнүттэн Дьокуускайга «Актуальные вопросы достижения стратегической цели повышение качества образования» диэн тиэмэнэн үөрэҕирии үлэһиттэрин балаҕан ыйынааҕы мунньахтара ыытыллар. Ол туһунан Уокуруктааҕы дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Быйылгы мунньах дьүүллэһиитигэр Дьокуускай куоракка үөрэҕирии хаачыстыбатын үрдэтэр сыаллаах түөрт хайысха көрүллэр: иитии уонна эбии үөрэхтээһин боппуруостара; муниципальнай уонна үөрэҕирии тэрилтэтин таһымнарыгар үөрэҕирии хаачыстыбатын салайыы механизмнара; киин куорат үөрэҕириитигэр каадырдары бэлэмнээһин боппуруостара, үөрэҕирии тэрилтэлэрин педагогтарын уонна салайааччыларын профессиональнай таһымнарын үрдэтии; естественнай-научнай хайысхалаах үөрэҕирии сайдыытын, хаачыстыбатын үрдэтиитин, ресурсаларын уонна кыаҕын боппуруостара.
Балаҕан ыйынааҕы мунньахха СӨ үөрэҕириигэ уонна наукаҕа миниистирэ Михаил Сивцев, Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев, Дьокуускай куорат Думатын бэрэссэдээтэлэ Альберт Семенов кытыннылар.
«Дьокуускай куорат нэһилиэнньэтэ улаатан иһэрин учуоттаан, киин куорат үөрэҕириитин систиэмэтигэр уларыйыы ирдэнэрин көрөбүт. Инники биэс сыл иһигэр оскуолаларга 17 тыһ. саҥа үөрэх миэстэтэ уонна оҕо уһуйааннарыгар 5 тыһ. миэстэ оҥоһуллуоҕа. Итини сэргэ үрдүк квалификациялаах үлэһиттэринэн хааччыйар курдук учууталлары уонна иитээччилэри бэлэмниир боппуруос сытыытык турар», – диэтэ эҕэрдэ тылыгар куорат баһылыга Евгений Григорьев.
СӨ үөрэҕириигэ уонна наукаҕа миниистирэ Михаил Сивцев педагогтары саҥа үөрэх дьыла саҕаламмытынан видеоконференция көрүҥүнэн эҕэрдэлээтэ.
«Үөрэҕирии үлэһиттэрэ оҕолорбут үөрэнэллэригэр куттала суох усулуобуйалары тэрийэллэрэ үтүө түмүктээҕин көрөбүт. Коронавирус инфекциятын пандемиятын кэмигэр үөрэх тохтооботоҕо саамай сүрүнэ буолар», – диэн бэлиэтээтэ Михаил Сивцев.
Сүрүн дакылааты Дьокуускай куорат Уокуруктааҕы дьаһалтатын үөрэҕириигэ Управлениетын начаалынньыга Алексей Семенов оҥордо.
2020 сыллаахха «Об образовании в Российской Федерации» Федеральнай сокуоҥҥа уларыйыылар киирэннэр «үөрэнээччилэри иитии» диэн өйдөбүл сокуонунан бигэргэтиллибит. Докумуоҥҥа олоҕуран иитэр үлэ үөрэҕирии бырагырааматын сүрүн чааһынан буолбут. Ааспыт үөрэх дьылыгар «Примерная программа воспитания» көмөтүнэн киин куорат үөрэҕириитин тэрилтэлэрэ иитэр үлэҕэ бэйэлэрин бырагыраамаларын уонна халандаарынан былааннарын оҥорбуттар. Сүрүн оруол кылаас салайааччыларыгар анаммыт.
Оскуолалар уонна эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэрэ араас хайысхалары ситиһиилээхтик сайыннараллар: спорт, айар үлэ, туристыыр-кыраайы үөрэтэр. Дьокуускай куорат уокуругар оҕо туризмын сайыннарыыга Концепция ылыныллан үлэлээн эрэр. Оҕолор аныгы компьютер технологияларыгар интириэстэрэ үрдээн иһэрин учуоттаан, техническэй айымньы сайдыытыгар ыытыллар үлэ улахан болҕомтоҕо сылдьар. Балаҕан ыйын 1 күнүгэр, «Үөрэҕирии» национальнай бырайыак чэрчитинэн, техническэй айымньы Киинин базатыгар «IT-куб» оҕолору цифровой үөрэхтээһин Киинэ аһыллыбыта. Киин куораттааҕы оҕо уһуйааннара иитиллээччилэрин сайыннарыыга уонна социализациялыырга эмиэ бары усулуобуйалары тэрийэргэ үлэлииллэр. Бары оҕо уһуйааннарыгар математиканы, экологияны үөрэтэр, эксперименниир кииннэр, 94% тэрилтэлэргэ аччыгый лабораториялар бааллар.
Дьокуускай куорат Уокуруктааҕы дьаһалтатын үөрэҕириигэ Управлениета «ТОП-10» бастыҥ оскуолалары таһаарар курдук Балаһыанньыны бигэргэппит. Ити төрүөтүнэн киин куорат оскуолаларын 70%-гар региональнай олимпиадалар кыайыылаахтара уонна призердара үөрэнэллэрэ буолбут.
Былырыыҥҥы үөрэх дьылын түмүгүнэн «ТОП-10» рейтиҥҥэ Бүтүн Арассыыйатааҕы олимпиада ситиһиилээх кыттааччылара киирбиттэр – В.П. Ларионов аатынан Физико-техническэй лицей, Дьокуускай куораттааҕы лицей, Куораттааҕы классическай гимназия, 31 №-дээх орто оскуола, Н.О. Кривошапкин аатынан 5 №-дээх орто оскуола, А.Г. уонна Н.К. Чиряевтар ааттарынан Дьокуускай куораттааҕы национальнай гимназия, 2 №-дээх орто оскуола, 1 №-дээх орто оскуола, Саха политехническэй лицей, В.И. Малышкин аатынан 23 №-дээх орто оскуола.
Дьокуускай куорат Уокуруктааҕы дьаһалтатын үөрэҕириигэ Управлениетын начаалынньыга Алексей Семенов оҕолор уустук кэмҥэ үөрэнэллэрин бэлиэтээн туран барыларыгар тулуурдаах, ситиһиилээх буолууну баҕарда.
Балаҕан ыйынааҕы мунньах чэрчитинэн киин куорат үөрэҕириитин педагогтарыгар үтүө суобастаах үлэлэрин уонна Дьокуускай куорат социальнай-экономическэй сайдыытыгар тус кылааттарын иһин биэдэмистибэ наҕараадаларын туттардылар.