Дьокуускайга оҕо уопсастыбаннай сэбиэтэ тэрилиннэ
Мунньахха баһылыгы социальнай боппуруостарга солбуйааччы Наталья Степанова, Үөрэҕирии управлениетын начаалынньыга Мария Петрова, киин куорат оскуолаларыттан уонна эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэриттэн сүүмэрдиир куонкуруһу ааспыт уонна Олохтоох дьаһалта баһылыгын иһинэн тэриллибит оҕо уопсастыбаннай сэбиэтин састаабыгар киирбит көхтөөх үөрэнээччилэр кытыннылар.
Куорат баһылыга алтынньы 29 күнэ – Ийэ дойдубутугар бэлиэ күн диэн санатта. 1918 сыллаахха Бүтүн Арассыыйатааҕы ыччат ленинскэй коммунистическай сойууһа тэриллибитэ, оттон 2015 сыллаахха – Арассыыйатааҕы үөрэнээччилэри хамсааһыннара.
«Бу күн куорат баһылыгын иһинэн тэриллибит оҕо уопсастыбаннай сэбиэтин бастакы мунньаҕын ыытарбыт үөрүүлээх. Бүгүн бэйэбитигэр сорук туруорабыт – оҕо баҕа санаатын тэҥҥэ тутарга, оҕолор көҕүлээһиннэрин истэргэ уонна олоххо киллэрэргэ. Тус бэйэбэр сэбиэт суолтата – эһиги үөрэнээччилэри уонна биһигини, куорат салайааччыларын, ситимниир звенонан буолаҕыт. Эһиги этиилэргитин киллэриэххит, оттон биһиги ону учуоттуохпут. Бары кыттыһан экспертнэй уорган буолабыт. Уопсастыбаннай сэбиэт – эһиэхэ суолталаах тиэмэлэргэ кэпсэтэр балаһааккабыт. Биһигини улахан уонна олус интириэһинэй үлэ күүтэр», - диэн бэлиэтээтэ Евгений Григорьев.
Үөрэнээччилэр идиэйэлэрин көхтөөхтүк киллэрдилэр, ол иһигэр социальнай ситимнэргэ оскуола олоҕун, баҕа өттүнэн үлэлиир этэрээттэр тустарынан сырдатар уопсай сирэйи оҥоруу, ыччат ортотугар чөл олоҕу пропагандалааһын, психологтар өттүлэриттэн уустук балаһыанньаҕа түбэспит оҕолору өйөөһүн, экологическэй уонна патриотическай иитии курдук суолталаах боппуруостарга тохтоотулар.
Евгений Григорьев оҕолор баҕа санааларын барытын иһиттэ, кинилэр этиилэрэ көрүллүөҕэ уонна өйөнүллүөҕэ диэн мэктиэлээтэ.
Үөрэнээччилэр уопсастыбаннай сэбиэттэрин мунньаҕа кыбаарталга биирдэ ыытыллар буолуоҕа диэн былааннанна.