09.05.2023 | 17:26

Дьокуускайга - Кыайыы парада

Дьокуускайга - Кыайыы парада
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Улуу Кыайыы 78 сылын бэлиэтиир байыаннай парадка ыам ыйын 9 күнүгэр Дьокуускайга Аҕа дойду уоттаах сэриитин кыттыылаахтара, бэтэрээннэр Кирилл Павлов, Наум Слепцов, Петр Яковлев кыттыыны ыллылар.
Парад Кыайыыны уһансыбыт буойуннар монуменнарыгар сибэкки дьөрбөтүн уурууттан саҕаланна. Холуоннаны Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев салайда.
Холуонна хамсаан истэҕин аайы хас биир дьоруой-куорат мемориальнай билиитэтигэр салют тыаһаан истэ. Сибэкки дьөрбөтүн ууруу иннинэ мустубут дьон бары Аҕа дойду Улуу сэриитин дьоруойдарын биир мүнүүтэ хоҥкуйан туруунан чиэстээтилэр.
Сибэкки дьөрбөтүн уурууну Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев, Арассыыйа Дьоруойа, «Барс-2» батальон «Боотур-1» этэрээтин хамандыыра Александр Колесов, Саха Өрөспүүбүлүкэтин сэрии, үлэ, Сэбилэниилээх күүстэрин, Быраабы араҥаччылыыр уорганнарын бэтэрээннэрин уопсастыбаннай тэрилтэлэрин сэбиэтин билиҥҥи уонна урукку сыллардааҕы бэрэссэдээтэллэрэ туһааннааҕынан Вильям Иванов уонна Будимир Слепцов иилээтилэр.
Пааматынньыкка сибэкки дьөрбөтүн уурууга Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев, Уһук Илин регионун Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр кылаабынай федеральнай инспектора Евгений Корнеев, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын салайааччыта Георгий Михайлов, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ис Дьыалаҕа миниистирэ Владимир Прокопенко, Саха Өрөспүүбүлүкэтин байыаннай хамыһаара Александр Авдонин, Дьокуускай куорат Баһылыга Евгений Григорьев, Дьокуускай уонна Ленскэй архиепискоба Роман Владыка, Куттал суох буолуутугар федеральнай сулууспа Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр управлениетын, Росгвардия Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр управлениетын, Саха Өрөспүүбүлүкэтин прокуратуратын, суут систиэмэтин, Арассыыйа силиэстийэлиир кэмитиэтин управлениетын, 14129-с байыаннай чаас измерительнэй пуунун салайааччылара, дьокутааттар кыттыыны ыллылар. 

Дьокуускайга 12 Аҕа дойду Улуу сэриитин, 10 Ленинград блокадатын кыттыылааҕа, 144 Аҕа дойду сэриитин бэтэрээнин огдообото, 957 тыыл бэтэрээнэ, 6756 сэрии сылларын оҕото олорор. 


Болуоссакка мустубут дьону, миитин кыттыылаахтарын Улуу Кыайыы 78 сылынан Ил Дархан Айсен Николаев эҕэрдэлээтэ:
- Аҕа дойду Улуу сэриитин дьоруойдуу летопиһыгар 62 тыһыынчаттан тахса Саха сирин олохтооҕун аата киирбитэ. Кинилэртэн аҥаардарыттан ордуга - 38 тыһыынча киһи - кыргыһыы толоонугар сырдык тыынын толук уурбута. Тыылга хаалбыттар дьоруойдуу үлэлэринэн Кыайыыны уһансыбыттара. Саха сирин олохтоохторун үлэнэн дьоруойдуу быһыыта үрдүк судаарыстыбаннай наҕарааданан икки төгүл бэлиэтэммитэ – Дьокуускай уонна Алдан куораттарга Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин ыйааҕынан «Килбиэннээх үлэ куората» үрдүк аат иҥэриллибитэ.
Бүгүн биһиги дойдубут өссө биир кытаанах тургутууну ааһа турар. Аҕа дойдубут сырдык аатыгар, мөлүйүөнүнэн киһи олоҕун толук ууран ситиспит көҥүлбүтүгэр неонацизм эмиэ суоһурҕанна. Бүгүн дойду арҕаа өттүгэр бара турар уоттаах кыргыһыылар барыбыт кэскилин туһугар бараллар. Арассыыйа бары норуоттара Бэрэсидьиэммит Владимир Путин тула мустан, 78 сыл аннараа өттүнээҕи курдук Кыайыыны ситиһиэхпит.
 

Cаха сиригэр бүгүн 16 Аҕа дойду уот сэриитин бэтэрээнэ, 13 Ленинград блокадатын кыттыылааҕа, 13 концлааҕыр сиэртибэтэ, 2330 тыыл бэтэрээнэ уонна 13 тыһыынчаттан тахса сэрии оҕото олорор.

Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бочуоттаах гражданина Кирилл Павлов:
- Киһи аймах историятыгар 1941-1945 сыллардааҕы Аҕа дойду Улуу сэриитэ саамай хаан тохтуулаах, кырыктаах сэриинэн биллэр. Нацистар үлтүркэйдэрэ бүгүн эмиэ баалларын биллэрдилэр. Биһиги дойдубут Бэрэсидьиэнэ Владимир Путины, анал байыаннай дьайыыга Аҕа дойдуларын интэриэһин көмүскүү сылдьааччылары өйүүбүт уонна Кыайыы көтөллөөх төрөөбүт дойдуларыгар эргиллэллэригэр баҕарабыт.
Арассыыйа дьоруойа, «Боотур-1» этэрээт хамандыыра Александр Колесов бэйэтин эҕэрдэ тылыгар Аҕа дойду сэриитин уонна тыыл  бэтэрээннэригэр махтанна:
- Нацистар бүгүн эмиэ биһиги Ийэ сирбитигэр өттөйдүлэр. Биһиги, кыайыыны аҕалбыт көлүөнэ сыдьааннара, оннукка тиэрдиэхпит суоҕа. Саха сирин гражданнара дойду бүттүүн норуоттарын кытта анал байыаннай дьайыы буола турар сиригэр бэйэбит гражданскай иэспитин чиэстээхтик толоробут.
Галина Кривошапко аатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай филармониятын хорун уонна духовой оркестрын толоруутугар «День Победы» ырыанан түмүктэммит үөрүүлээх миитин кэнниттэн үгэс буолбут байыаннай-патриотическай парад буолла. 
Парадка араас сыллардааҕы бойобуой дьайыылар бэтэрээннэрэ кыттыыны ыллылар - Афганистан, Чечня, Украина байыаннай дьайыыларын кыттыылаахтара, 14129-с измерительнай чаас байыаннай сулууспалаахтара, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет байыаннай үөрэтэр киинин курсааннара, полиция, УФСИН, УФССП үлэһиттэрэ, Баһаарынай-быыһыыр сулууспа тус састааба, Хаһаахтар полкалара, устудьуоннар, кадеттар, киин куорат оскуолаларын үөрэнээччилэрэ, байыаннай-патриотическай кулууптар иитиллээччилэрэ, эдэр армеецтар кыттыыны ыллылар.
Байыаннай-патриотическай парад Галина Кривошапко аатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай филармониятын «Лена Ривер Брасс» духовой оркестрын толоруутугар музыкальнай композицияларынан түмүктэннэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...