Дьокуускайга коллекционердар съезтэрэ буолар
Бэс ыйын 4 күнүгэр Дьокуускайга Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин коллекционердарын уочараттаах VII-с съеһэ буолар, диэн «Саха сирин коллекционердара» регионнааҕы уопсастыбаннай тэрилтэ иһитиннэрэр.
Коллекционердар съезтэрэ – киэҥ хабааннаах тэрээһин. Сыллата бу дьоһун тэрээһиҥҥэ өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан 150-ча коллекционер, ол иһигэр үйэ аҥаарыттан ордук бу умсутуулаах дьарыгынан үлүһүйээччи көхтөөх кыттыыны ылар. Оттон съезд чэрчитинэн ыытыллар быыстапкаларга харчы, банкнот, маарка, аккырыыкка, кэмбиэр, значок арааһын, о.д.а. сэдэх, былыт саппыт былыргытын санатар ураты малы көрүөххэ сөп. Быйылгы съезд, биллэн турар, Үлэ сылыгар ананар.
Тэрийээччилэр быйыл кэккэ соһуччу түгэннэри бэлэмнээбиттэр. Оттон кыттыан баҕалаахтары 8(924)662-81-54 төлөпүөнүнэн күүтэллэр.