18.12.2019 | 11:14

Дьокуускайга кэлэн сайынным

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Семен Ильич Черноградскай, “Оһуохай” түмсүү бэрэссэдээтэлин солбуйааччы.

- Куоракка 60-мун туолан баран кэлбитим. Манна кыстыыбын, дойдубар Уус Алдаҥҥа сайылыыбын. Ол кэмтэн ыла мин олохпор олох атын түһүмэх саҕаланна.

“Арчы” дьиэтигэр нэдиэлэ аайы оһуохайдьыттары истэн элбэххэ үөрэнним. Сунтаартан төрүттээх Степан Яковлевич Яковлевы батыһа сылдьаммын иккиэн улуустарга оһуохайы тэрийбиппит. Ол курдук 14 улууска оһуохай филиалларын аспыппыт. Утуйа сытар улуустары уһугуннарар, сөргүтэр курдук киин улуустарга оһуохай хамсааһына лаппа таҕыста. Маныаха улуустар бэйэлэрэ өйөбүл, күүс-көмө буоллулар.

Биирдэ Степан Яковлевич Чурапчы Мугудайыттан Дьокуускай биэрэгэр кэлиэхпитигэр, өрүһү туоруохпутугар диэри оптуобуска айаннаан кэлэригэр оһуохайын тылынан утары олорор дьахтары хоһуйан кэлэн сөхтөрбүтэ. Ону сурукка-бичиккэ киллэрэн турабын. Степан Яковлевич кэргэнэ Култуура дьиэтин дириэктэринэн уһуннук үлэлии сылдьыбыта. Кини дойдутугар 2015 сыллаахха  Сунтаар Аллаҥатыгар тиийэн, Бүлүү бөлөх улуустарын куоталаһыыларыгар “Ытык киһи Ыстапааҥҥа” диэн туойаммын, хоһуйаммын Гран-при буолбутум.

Итини сэргэ олоҥхоҕо тардылынным. 2009 сыллаахха дойдубар Уус Алдаҥҥа олоҥхо үһүс ыһыаҕа буолбута. Тэрээһин үлэтэ бөҕөтө ыытыллыбыта. Кырдьаҕас олоҥхоһут суох буолан, улуустааҕы Култуура киинин худруга Елизавета Николаевна “эн хайаан да олоҥхону толор” диэн күүһүнэн модьуйан, 7 мүнүүтэлээх олоҥхону булан биэрэр. Уонна улууска аны сайын буолар ыһыахха үс түһүмэхтээх куонкурус ыытар. Ол куонкуруһу үһүөннэрин туорааммын, өрөспүүбүлүкэ олоҥхотун ыһыаҕын аһыллыытыгар олоҥхоһут оруолун толорор эппиэтинэс миэхэ сүктэриллэр. Онтон ыла мин олоҥхоҕо тардылламмын, Елизавета Николаевна Даниловаҕа, Василий Васильевич Илларионовка улахан махталлааххпын.

Онон Дьокуускайга кэлэммин мин сайынным, саха фольклоругар олоҥхоҕо, оһуохайга, ону тэҥэ тойукка сылдьабын уонна кэккэ ситиһиилэрбинэн киэн туттабын.

Куораппыт тутуулара тупсан-сайдан иһиилэрэ, куорат тутууларыгар сахалыы орнаменнары түһэрэллэрэ өссө элбиэхтэрин наада, омук дьоно кэлэригэр национальнай колориппытын атын дьон хараҕар көрдөрүө этэ. Уонна дьоҥҥо-сэргэҕэ, сахам дьонугар сахалыы кэпсэтэллэригэр баҕарыам этэ. Киһи төрөөбүт тылын билиэхтээх, атаҕастыа суохтаах.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...