05.11.2020 | 14:41

Дьокуускайга кафе уонна маҕаһыын үлэтэ 30 сууккаҕа тохтотулунна

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Сэтинньи 2 күнүгэр Дьокуускай куорат суута Азатян К.Д. диэн чааһынай предприниматель «Армянская кухня» кафетын үлэтин 30 сууккаҕа тохтотто. Ол курдук, ас-үөл тэрилтэтэ ураты бэлэмнээх буолуу эрэсиимин кэспитин иһин 30 тыһ.солкуобайга административнай эппиэтинэскэ тардылынна. Бу туһунан Дьокуускай куорат Административнай хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Феликс Антонов иһитиннэрдэ.

Оттон бэс ыйын 25 күнүгэр Дьокуускай куорат суута «Lavash» диэн маҕаһыыны эмиэ маннык 30 тыһ.солкуобай суумаҕа административнай эппиэтинэскэ тардыбыта. Ол эрээри СӨ Үрдүкү суута атырдьах ыйын 20 күнүгэр ыстараабы сэрэтиигэ уларыппыта. Сэтинньи 2 күнүгэр тэрилтэ үлэтэ тохтотулунна.

 «Алтынньы 14 күнүгэр маҕаһыыҥҥа хас да кэһии баарын быһаарбыппыт – уопсастыбаннай миэстэҕэ киирии уонна сылдьыы анал эрэсиимэ турбатах, дьон мааскалаах сылдьыы эрэсиимин тутуспатах, ону таһынан, үлэһиттэргэ харыстанар сириэстибэ бэриллибэтэх», – диэтэ Феликс Антонов.

Бэнидиэнньиккэ Дьокуускай куорат суһал штабын бөлөҕө атыы-эргиэн уонна ас-үөл 17 эбийиэгин үлэтин бэрэбиэркэлээтэ. Онтон 10-гар кэһиилэр бааллара бэлиэтэннэ. Ол түмүгэр административнай эппиэтинэс туһунан 5 боротокуол, 5 профилактическай бэсиэдэ ыытылынна.  

«XO-YKT» баар, «Чудо выпечка» кафе, «В тридевятом», «Пуф-пуф» маҕаһыыннар,  «Алмаз» арыгы маркета, «Пивной двор» маҕаһыын санитарнай-противоэпидемическай ирдэбиллэргэ эппиэттээбэккэ үлэлии турбуттара билиннэ.

Административнай хамыыһыйа үтүө суобастаахтык үлэлиир тэрилтэлэр баалларын эмиэ бэлиэтээтэ. Ол курдук, «BARBOSS», «Магазин» баар-маҕаһыыннарга, онтон да атыттарга бары миэрэ тутуһуллар диэтэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....