11.09.2024 | 12:36 | Просмотров: 537

Дьокуускайга ийэ тыл эйгэтэ кэҥээтин!

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Оптуорунньукка СӨ Уопсастыбаннай киинигэр Саха сирин киин куоратыгар ийэ тыл эйгэтин тула форсайт-сессия буолан ааста. Тэрээһин «Саха тыла 400» уопсастыбаннай хамсааһын көҕүлээһининэн, Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтатын өйөбүлүнэн ыытылынна.

Өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр суруналыыс, уопсастыбаннай диэйэтэл, форсайт-сессияны иилээн-саҕалаан ыытааччы Яна Угарова иһитиннэрбитинэн, манна аҥаардас анал идэлээх үлэһиттэр эрэ буолбакка, олох араас эйгэтиттэн ийэ тыл инники кэскилин туһугар ис сүрэхтэриттэн долгуйар, «ыалдьар» дьон муһуннулар.

Ол курдук, тэрээһин бастакы чааһыгар ийэ тылы өрө тутар дьиэ кэргэттэр, «Саха тыла 400» уопсастыбаннай хамсааһын актыбыыстара, култуура эйгэтин үлэһиттэрэ кыттыыны ыллылар.

Форсайт-сессия иккис чааһыгар нууччалыы тыллаах сахалар ийэ тылларын үөрэппит уопуттарын үллэһиннилэр, тус бэйэлэрин олохторуттан «ыарыылаах» түгэннэри кэпсээтилэр.

Мунньахха атын омук бэрэстэбиитэллэрэ видеосибээс нөҥүө холбоммуттара тэрээһин далааһынын кэҥэттэ. Маны сэргэ, дьоҥҥо-сэргэҕэ киэҥник биллэр блогердар кэпсээннэрэ, ырыалара-тойуктара саала иһин ордук сэргэхситтэ. 

Тэрээһиҥҥэ куорат баһылыга Евгений Григорьев кыттыыны ылла. Кини «Саха тыла 400» хамсааһын, форсайт-сессия үлэтин үрдүктүк сыаналаата уонна эдэр блогердар сахалыы ыллыы-туойа сылдьалларын хайгыы көрбүтүн, кинилэр ыччакка, үүнэр көлүөнэҕэ үтүө холобур буолалларын бэлиэтээтэ.

«Сахабыт тыла өрүү баар буоллун! Баар буоллун Саха сирэ, баар буоллун саха омуга!» – диэн баҕа санаатын тиэртэ.

Түмүккэ Евгений Григорьев  «Саха тыла 400» уопсастыбаннай хамсааһын «Просвещающий маршрут» бырайыак олоххо киирэригэр үлэлэспит, кылааттарын киллэрбит дьоҥҥо Олохтоох дьаһалта бочуотунай грамоталарын  туттарда.

 

Тэрээһин туһунан сиһилии хаһыат аныгыскы нүөмэригэр ааҕыҥ

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.