Дьокуускайга икки Креативнай индустрия оскуолата аһылынна
Оскуолалар «Придумано в России» федеральнай бырайыак чэрчитинэн арылыннылар. Биир оскуола – Дьокуускайдааҕы култуура уонна искусство колледжын иһинэн, иккиһэ – Дьокуускайдааҕы художественнай училищеҕа. Креативнай идэлэргэ 160-ча оҕо үөрэниэҕэ.
Миниистир бэлиэтээбитинэн, Креативнай индустрия оскуолатын арыйыы – култуура эйгэтин үөрэҕириигэ тэрилтэлэригэр дьоһун өйөбүлүнэн буолар.
«Арассыыйа Култуураҕа министиэристибэтин улахан бырайыагар киирбиппит улахан ситиһии. Икки оскуоланы хааччыйыыга министиэристибэ 90-ча мөлүйүөн солкуобайы көрдө. Хас биирдии үөрэх кыһатыгар маннык оскуоланы арыйыы – инникигэ хардыы. Манна үөрэнэр оҕолор инники өттүгэр өрөспүүбүлүкэбит экономикатын креативнай сегменин сайыннарар көлүөнэнэн буолуохтара. Ил Дархан Айсен Сергеевич Николаев бу хайысха сүрүн буоларын мэлдьи бэлиэтиир. 2022 сыл түмүгүнэн креативнай индустрия сайдыытыгар биһиги Арассыыйа бастыҥ субъегынан буоллубут. Ити таһымы тута сылдьыахтаахпыт, итиэннэ талааннаах оҕолорбутун сайыннарарга бары күүһү ууруохтаахпыт», - диэн бэлиэтээтэ миниистир.
Бастакынан Дьокуускайдааҕы култуура уонна искусство колледжын иһинэн үлэлиэхтээх оскуола аһылынна. Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ колледж салайааччыта, өрөспүүбүлүкэ норуодунай дьокутаата Захар Никитин устудьуоннары бэлиэ күнүнэн эҕэрдэлээтэ. Креативнай индустрия оскуолатыгар звукорежиссура, аныгы электроннай музыка, хаартысканы уонна видеоны оҥоруу салаалара бааллар. Наадалаах тэрили ыларга федеральнай бүддьүөттэн 44,1 мөлүйүөн солкуобай көрүлүннэ. Оскуолаҕа барыта 100 оҕо үөрэниэҕэ. Үөрэххэ ылыы алтынньы 1 күнүгэр диэри ыытыллар.
Дьокуускайдааҕы художественнай училище иһинэн үлэлиир Креативнай индустрия оскуолатын хааччыйыыга федеральнай бүддьүөттэн 47-тэн тахса мөлүйүөн солкуобай тыырылынна. Оскуола үс устуудьуйалаах: анимация уонна 3Д графика, хаартысканы уонна видеоны оҥоруу, дизайн. Училище оскуолаҕа анаабыт өттүгэр өрөмүөн оҥоһулунна, үөрэнэр уонна айар туона сөптөөх тэрилинэн хааччылынна. Манна барыта 60-ча оҕо үөрэниэҕэ, үөрэххэ ылыы түмүктэннэ.
Оскуолалар үөрэҕирии тэрилтэлэрин структурнай салааларын быһыытынан үлэлииллэр. Икки сыллаах үөрэҕи бүтэрбиттэр анал туоһу суругу тутуохтара.