13.05.2020 | 13:31 | Просмотров: 731

Дьокуускайга халаан уутун куттала суоһаата

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьокуускайга  ыксаллаах быһыы-майгы эрэһиимэ биллэрилиннэ. Cааскы халаан уутун таһыма кутталы үөскэтэр таһымы куоһарда.

Ыам ыйын 13 күнүгэр, олохтоох бириэмэнэн 14.00 чаас саҕанааҕы көрдөрүүнэн,  Дьокуускай гидропоһун таһынан халаан уутун таһыма 830 сантиметрга тэҥнэстэ. Уу таһыма 827 сантиметртан үөһэ таҕыстаҕына кутталы үөскэтэр быһыы-майгы олохтонор.

Кангаласс микрооройуонугар сааскы халаан уутун таһыма 994 сантиметрга тэҥнэстэ (кутталы үөскэтэр көрдөрүү 1000 сантиметр), Табаҕаҕа – 955 сантиметрга тэҥнэстэ (кутталы үөскэтэр көрдөрүү 970 сантиметр), Тулагыга – 1115 сантиметрга таҕыста.

Дьокуускай уонна Кангаласс аннынан муус харыыта бэлиэтэнэр. Тулагыны, Капитоновканы, Кангалаһы, Пригороднайы, Даркылааҕы, Хатаһы сорох сиринэн уу ылла.

Өрөспүүбүлүкэ улахан өрүстэрин мууһун устуутун «Половодье 2020» сайт нөҥүө кэтээн көрүөххэ сөп.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.