19.08.2022 | 18:00

Дьокуускайга Го оонньуу бэстибээлэ ыытыллыаҕа

Дьокуускай куоракка атырдьах ыйын 23-28 күннэригэр Го оонньууга Ил Дархан кубога уонна бэстибээл ыытыллыаҕа. Бу туһунан СӨ баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Дьокуускайга Го оонньуу бэстибээлэ ыытыллыаҕа
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

«Го оонньууну оскуола саҕаттан маассабай дьарык оҥоруу – кэрэхсэбиллээх идиэйэ. Ити оонньуу көмөтүнэн оҕо эмиэ математиканан, бырагыраамалааһынынан дьарыктанарын курдук, дьоҕура сайдан, инники өттүгэр ситиһиигэ тиэрдиэҕэ», − диэн бэлиэтээтэ Ил Дархан Айсен Николаев.

Бэстибээл кыттыылаахтара интеллектуальнай оонньуу быраабылаларын үөрэтиэхтэрэ уонна бастакы баартыйалары оонньуохтара. Кинилэри Го оонньуу философиятын уонна историятын, ити оонньууну сайыннарбыт илиҥҥи норуоттар култуураларын кытта билиһиннэриэхтэрэ.

Атырдьах ыйын 26 күнүгэр дойду күүстээх спортсменнара Саха сирин Ил Дарханын кубогын иһин күрэхтэһиэхтэрэ. Күрэх Дьокуускайдааҕы саахымат-дуобат киинигэр ыытыллыаҕа.

Тэрээһин кэмигэр Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурук бастыыр иһин күрэҕэ буолуоҕа. Күрэхтэһиигэ 9 саастарыгар диэри уонна 9-11 саастаах, итиэннэ 12-15 уонна 16-19 саастаах кыргыттар, уолаттар кыттыахтара.

Күрэхтэһиигэ Арассыыйа регионнарыттан 140-тан тахса киһи, ол иһигэр 50 оҕо, Казахстантан уонна Польшаттан икки спортсмен кыттара күүтүллэр.

Го — логиканы эрчийэр остуол оонньуута. Араас сабаҕалааһыннарынан, былыргы Кытайга 2-5 тыһыынча сыл анараа өттүгэр үөскээбит. XIX-с үйэҕэ Арҕаа Азияҕа, оттон XX-с үйэҕэ аан дойдуга барытыгар тарҕаммыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....