04.11.2023 | 16:00

Дьокуускайга Эрмитаж ыалдьыттыыр

Алтынньы 25 күнүттэн сэтинньи 20 күнүгэр диэри Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай художественнай түмэлигэр аан бастакытын “Часы и эпоха” диэн Эрмитаж быыстапката үлэлиэҕэ.
Дьокуускайга Эрмитаж ыалдьыттыыр
Ааптар: Уйгулана БОЧОНИНА
Бөлөххө киир

«Эрмитаж күннэрэ» бырайыак чэрчитинэн Дьокуускай олохтоохторугар уонна ыалдьыттарыгар Эрмитаж исписэлиистэрин лиэксийэлэрэ, уруһуй маастар-кылаастара ыытыллыннылар, виртуальнай киинэ тыйаатыра үлэлээтэ. Кырачаан ыалдьыттар “Прогулка по экспозиции с котом Эрмиком” диэн умсугутуулаах бырагыраамаҕа кыттыыны ыллылар.             

Влада Тимофеева, Национальнай художественнай түмэл дириэктэрэ:

—Эрмитаж быыстапкатын Дьокуускайга тэрийэр санаа өссө 2005 сылтан баар, ол эрээри бу сылга барыта табыллан, биһиги түмэлбит тэриллибитэ 95 сылыгар ананна. Быыстапкаҕа 1,5 сыл бэлэмнэммиппит. Бу кылгас кэм иһигэр элбэх үлэ ыытылынна. Эрмитаһы көрсөргө түмэлбит материальнай баазатын бөҕөргөппүппүт, бүтүн этээспитин Эрмитаж ирдэбиллэригэр барсар быыстапка саалатын оҥордубут. Бу быыстапкабыт бастакы уонна тиһэх буолбатыгар эрэнэбит. Эрмитаһы кытта салгыы бииргэ үлэлэһэргэ олук уурулунна. Бу быыстапка туһуттан түмэл үлэлиир эрэсиимин уларытта, өрөбүлэ суох, күн аайы 20:00 чааска диэри үлэлиэҕэ. Онон түмэл кэлэктиибигэр махтанабын.

Быыстапка сүрүн экспоната 18-с үйэҕэ оҥоһуллубут глобус быһыылаах күн чаһыта. Бу императрица Анна Иоанновнаҕа бэлэхтэммит сыаналаах чаһыны Швейцарияттан кэлбит маастар Исаак Брукнер уонна кини үөрэнээччитэ Петр Голицын 1734 сыллаахха оҥорбуттар.

Григорий Ястребинскай, Нуучча култууратын историята салаатын научнай үлэһитэ, “Часы и эпоха” быыстапка куратора:

—Саха сиригэр кэлиэн иннинэ бу чаһы 1988 сылга эрэ Эрмитаж дьиэтиттэн тахсыбыта. Итиэннэ 35 сыл ааспытын кэннэ Дьокуускайга аан бастакытын көтөн кэллэ. Экспонаттары көһөрөргө бэйэтэ уустуктардаах: барытын үчүгэйдик суулаан, айан устун Росгвардия харабыллаах көрө-харайа сылдьыахтаахпыт.

Бу чаһы көмөтүнэн билигин да бириэмэни быһаарыахха сөп. Ол үрдүнэн чаһы ураты механизмын көмөтүнэн билигин ханнык баҕарар дойдуга, куоракка билиҥҥи бириэмэтин суоттаан билиэххэ сөп.

Юлия Кравцова, СӨ НХТ научнай уонна выставочнай үлэ генеральнай дириэктэрин солбуйааччы

—Эрмитаж испиисэлиистэрэ Саха сирин түмэллэрин үлэһиттэригэр реставрация, экспонаттары харыстыыр уонна түмэл куттала суох буолуутун туһунан семинар ыытыахтара. Ону таһынан косторезнай   ускуустуба боппуруостара сырдатыллыахтара. Биһиэхэ элбэх сайаапка киирдэ, араас улуустартан кыттааччылар кэлиэхтэрэ.

Чаһыттан ураты быыстапкаҕа Петр I, Анна Иоанновна, Елизавета II, Екатерина II мэтириэттэрэ уонна Иоганн Георг де Майра “Вид на Дворцовую набережную со Стрелки Васильевского острова в Санкт-Петербурге” хартыыната Эрмитажтан Дьокуускайга кэлэн дьон биһирэбилин ылыахтара. Ону таһынан НХТ бэйэтин кэллиэксийэтиттэн XVIII-XIX үйэтээҕи Санкт-Петербург графическай пейзажтарын көрдөрүөҕэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...