26.01.2024 | 17:30

Дьокуускайга экскурсиялары тэрийэр бюро арыллыан сөп

Дьокуускайга экскурсиялары тэрийэр бюро арыллыан сөп
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Куорат баһылыгын иһинэн Урбааҥҥа уонна туризмҥа координационнай сэбиэт тохсунньу 25 күнүнээҕи уочараттаах мунньаҕа баһылык Евгений Григорьев салалтатынан буолаары турар «Азия оҕолоро» Норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньуулар чэрчилэринэн туризм боппуруостарын дьүүллэстэ.

Координационнай сэбиэт маны сэргэ куораты тупсарыы, дьиэлэри киэргэтии, атыыны-эргиэни, уопсастыбаннай аһылыгы тэрийии тула мунньахтаата.

Киин куорат Урбааҥҥа, потребительскэй ырыынакка уонна туризмы сайыннарыыга департаменын начаалынньыгын эбээһинэһин толорооччу Кирилл Лазарев Оонньуулар кэмнэригэр эргиэн уонна уопсастыбаннай аһылык туочукаларын тэрийэр миэстэлэри аатталаата.

Сүрүн болҕомто Оонньуулар кыттыылаахтарыгар уонна ыалдьыттарга анал экскурсиялары тэрийиигэ уурулунна. Ол курдук, бүгүҥҥү күҥҥэ сатыы уонна оптуобуһунан сылдьар маршруттар бырайыактара оҥоһулла сылдьарын, бу маршруттары Оонньуулар да кэннилэриттэн салгыы үлэлэтэр былаан баарын иһитиннэрдилэр.

Ону сэргэ куоракка экскурсияларынан дьарыктанар анал бюрону тэрийэр, Кырдьаҕас куорат оройуонун туристар тоҕуоруһар кииннэригэр кубулутар үлэни ыытар, «Азия оҕолоро» урукку сыллардааҕы кыайыылаахтарын улнна призердарын туһунан быыстапканы тэрийэр наадатын туһунан этилиннэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....