Дьокуускайга чэпчэки атлетика чемпионата ыытыллар
Бэс ыйын 11-12 күннэригэр Дьокуускай куоракка, Н.Н. Тарскай аатынан Туймаада стадиоҥҥа дьахталлар уонна эр дьон ортолоругар Саха Өрөспүүбүлүкэтин чэпчэки атлетикаҕа чемпионата ыытыллар диэн иһитиннэрдэ Саха сирин Физическэй култуураҕа уонна маассабай спортка управлениетын пресс-сулууспата.
Күрэхтэһии Саха сирин норуоттарын VIII-с спортивнай оонньууларыгар чэпчэки атлетикаҕа кыттааччылары сүүмэрдиир, онон тыҥааһыннаах буолара күүтүллэр.
Спортсменнэр 100 м., 200 м., 400 м., 800 м., 1500 м., 3000 м. (дьахталлар), 5000 м. сүүрүүгэ (эр дьон, дьахталлар), 10000 м. уһуну ыстаныыга (эр дьон), үстэ төхтөрүйэн ыстаныыга, спортивнай хаамыыга 3000 м. (дьахталлар), 5000 м. (эр дьон) уонна шведскай эстафетаҕа – 800х400х200х100 күрэхтэһиэхтэрэ.
Хас биирдии спортсмен икки эрэ тус көрүҥҥэ уонна эстафетаҕа кыттар бырааптаах. Оонньуу финалыгар, икки сүүмэрдиир күрэх түмүгүнэн, 16 бастыҥ спортсмен киириэхтээх. Эстафетаҕа сүүмэрдээһини 8 эрэ хамаанда ааһыахтаах.