10.10.2022 | 16:00 | Просмотров: 557

Дьокуускайга аспааллааһын түмүктэнэн эрэр

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бу нэдиэлэҕэ Дьокуускайга аспааллааһын үлэтэ түмүктэнэрин туһунан куорат уопсай планеркатыгар «Главстрой» МХТ дириэктэрэ Алексей Варламов иһитиннэрдэ.

Билиҥҥи туругунан суол үлэтин быйылгы сыллааҕы былаана 98,5% туолла.

«Бүгүҥҥү күҥҥэ биһиэхэ биир эрэ эбийиэк хаалла – Ильменскэй уулуссата. Итиннэ 600 миэтэрэ аспаал иккис дьапталҕатын уурарбыт хаалла», — диэн отчуоттаата Алексей Варламов.

Куорат баһылыга Евгений Григорьев үлэ булгуччу техническэй уонна уопсастыбаннай хонтуруоллаах ыытыллыахтаах диэн бэлиэтээтэ.

«Бэдэрээтчит аспаалы ууруутун саҕалаатаҕына, үлэ технологията тутуһулларын, камеранан кэтэбилгэ тиийэ, хонтуруоллуургутугар көрдөһөбүн. Информацияны киэҥник тарҕатар сириэстибэлэри кытта үлэлэһиҥ, куорат олохтоохторо үлэ хайдах барарын көрүөхтээхтэр», — диэтэ баһылык.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ытарҕата тал
Сынньалаңңа | 16.11.2026 | 19:00
Ытарҕата тал
Сөбүлүү көрбүт ытарҕаҕын тал, бэйэҕин бил.
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Сонуннар | 11.11.2026 | 17:00
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Ол онно киирэн судаарыстыба оҥорор өйөбүллэрин туһунан иһитиннэриини, ыйытыыларга харданы ылыахха сөп.
Сулусчут сүбэтин туһан
Сонуннар | 12.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтин туһан
Сэтинньи 12 күнүнээҕи гороскоп
Сулусчут сүбэтэ: Сэтинньи 16 - 22 күннэрэ
Сонуннар | 16.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтэ: Сэтинньи 16 - 22 күннэрэ
Бу нэдиэлэҕэ үлэ хаамыыта хайдах тэриллибитигэр болҕойон, ону чопчулууртан, тупсарыыттан саҕалыыр ордук. Нэдиэлэ дьиҥ түмүгэ көстөн кэлэр үлэни толоро сатааҥ.