27.09.2023 | 18:00

Дьокуускайга архитектура бастакы бэстибээлэ ыытыллар

Балаҕан ыйын 29-30 күннэригэр, Аан дойдутааҕы архитектура күнүн көрсө, «Үлэ кыбаартала» креативнай кластерга «Эйгэ: Диалог на квартале» архитектура бастакы бэстибээлэ ыытыллар диэн СӨ баһылыгын иһинэн үлэлиир Архитектура уонна куораты тутуу управлениетын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Дьокуускайга архитектура бастакы бэстибээлэ ыытыллар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бэстибээл «ЭЙГЭ-2024» архитектура уонна дизайн бириэмийэтин туттарыытын иннинээҕи бастакы тэрээһининэн буолар.

«Быйыл архитектура бэстибээлин саҥа форматынан ыытарга быһаарынныбыт, бастакы түһүмэҕэ балаҕан 14 күнүттэн Казань куоракка саҕаланна. Онно Татарстан Өрөспүүбүлүкэтин Куораттары сайыннарар института Саха сирин оройуоннарын исписэлиистэригэр анаан үөрэх бырагырааматын тэрийдэ. Үөрэххэ Мэҥэ Хаҥалас уонна Бүлүү улуустарыттан, Дьокуускай, Мииринэй, Нерюнгри куораттартан уонна Жатай бөһүөлэгиттэн хамаандалар кытыннылар. Кэлэр сылга кинилэр бары тупсаран оҥоруу бөдөҥ эбийиэктэрин олоххо киллэриэхтэрэ. Итинник практикумнар бырайыактыыр түһүмэхтэн саҕалаан хаачыстыбалаах үлэни ыытар сыалы туруорарга көмөлөһөллөр», - диэтэ СӨ баһылыгын иһинэн үлэлиир Архитектура уонна куораты тутуу управлениетын салайааччыта Любовь Папок.

Кини бэлиэтээбитинэн, бэстибээлгэ архитектордар, дизайнердар, сакаасчыттар, бэдэрээтчиттэр, оҥорон таһаарааччылар, муниципальнай тэриллиилэр баһылыктара, экспертэр уонна куорат көхтөөх олохтоохторо кыттыахтара.

«Итини сэргэ 2023 – 2024 сылларга араас хайысхаларынан көрсүһүүлэри уонна үөрэтэр бырагыраамалары тэрийэри былаанныыбыт, ол түмүгүнэн сүрүн тэрээһин – «ЭЙГЭ-2024» архитектура уонна дизайн бириэмийэтин туттарыыта буолуоҕа», - диэн бэлиэтээтэ Любовь Папок.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...