06.10.2023 | 10:00

Дьокуускайга — архитектура бастакы бэстибээлэ

Балаҕан ыйын 29-30 күннэригэр, Аан дойдутааҕы архитектура күнүн көрсө, Дьокуускай куораттааҕы «Үлэ кыбаартала» креативнай кластерга «Эйгэ: Диалог на квартале» архитектура бастакы бэстибээлэ буолан ааста.
Дьокуускайга —  архитектура бастакы бэстибээлэ
Ааптар: Айыына ДОНСКАЯ
Бөлөххө киир

Бастакы күн тэрээһин икки сааланан ыытылынна: бастакы саалаҕа – үөрэтэр бырагыраамалар, семинардар, кэпсэтиилэр, дьүүллэһиилэр, иккискэ – хааччыйааччылар быыстапкалара. Быыстапка саалатыгар «Звезднай» дьоҕус оройуон («РИА» АУо), «Маҕарас» микрополис («Индустрия будущего»), «Зеркальный лес» («Утум») макеттара киэҥ дьүүлгэ таҕыстылар.

Бэстибээл аһыллыытыгар өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев, бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Кирилл Бычков, Олохтоох дьаһалта баһылыгын бастакы солбуйааччы Георгий Гаврильев, «Үүнэр көлүөнэ тус сыаллаах пуондатын» генеральнай дириэктэрэ Владимир Егоров, «Приоритет 2030» бырагыраама «Урбанистика» трегин салайааччыта Ирина Алексеева уо.д.а. кытыннылар.

«Бүгүҥҥү күҥҥэ дойдубут бэрэсидьиэнэ Владимир Путин өйөбүлүнэн Дьокуускай уонна Нерюнгри куораттар маастар-былааннарын олоххо киллэрэр сүҥкэн бырайыакпытын саҕалыыбыт. Өрөспүүбүлүкэ бөдөҥ нэһилиэнньэлээх пууннарыгар маастар-былааннары бэлэмнииллэр. Кинилэри уопсастыбаннай туоналар архитектураларын, урбанистикаларын уонна дизайннарын боппуруостарын дьүүллэспэккэ эрэ олоххо киллэрии сатаммат», – диэн бэлиэтээтэ Ил Дархан Айсен Николаев.

Бэстибээл «ЭЙГЭ-2024» архитектура уонна дизайн бириэмийэтин туттарыытын иннинээҕи бастакы тэрээһининэн буолла. Манна архитектордар, дизайнердар, сакаасчыттар, бэдэрээтчиттэр, оҥорон таһаарааччылар, муниципальнай тэриллиилэр баһылыктара, экспертэр уонна куорат көхтөөх олохтоохторо кытыннылар.

Любовь Папок, Ил Дархан иһинэн үлэлиир Архитектура уонна куораты тутуу управлениетын салайааччыта:

Быйыл архитектура бэстибээлин саҥа форматынан ыытарга быһаарынныбыт, бастакы түһүмэҕэ балаҕан 14 күнүттэн Казань куоракка саҕаланна. Онно Татарстан Өрөспүүбүлүкэтин Куораттары сайыннарар института Саха сирин оройуоннарын исписэлиистэригэр анаан үөрэх бырагырааматын тэрийдэ. Үөрэххэ Мэҥэ Хаҥалас уонна Бүлүү улуустарыттан, Дьокуускай, Мииринэй, Нерюнгри куораттартан уонна Жатай бөһүөлэгиттэн хамаандалар кытыннылар. Кэлэр сылга кинилэр бары тупсаран оҥоруу бөдөҥ эбийиэктэрин олоххо киллэриэхтэрэ. Итинник практикумнар бырайыактыыр түһүмэхтэн саҕалаан хаачыстыбалаах үлэни ыытарга көмөлөһөллөр.

Бэстибээл чэрчитинэн икки өрүттээх кэпсэтии быһыытынан сакаасчыттар уонна тутааччылар, архитектордар, дизайнердар икки ардыларыгар уопсай хайысханы булар сыаллаахпыт. Хомойуох иһин, архитектордар уонна тутааччылар уопсай тылы булуулара, биир санааҕа кэлиилэрэ уустуктардаах. Тоҕо диэтэххэ архитектордар айымньылаах дьон буолалларын быһыытынан креативнай, ураты, киэҥ хабааннаах эбийиэги оҥоруохтарын баҕараллар. Оттон тутааччылар экономиялыыллар, ити кинилэр бизнестэрэ буоллаҕа. Ол иһин маннык тэрээһиннэри ыытан биир санааҕа кэлэллэрин ситиһэ сатыыбыт. Итини сэргэ 2023 – 2024 сылларга араас хайысхаларынан көрсүһүүлэри уонна үөрэтэр бырагыраамалары тэрийэри былаанныыбыт, ол түмүгүнэн сүрүн тэрээһин – «ЭЙГЭ-2024» архитектура уонна дизайн бириэмийэтин туттарыыта буолуоҕа.

Никита Токарев, Москватааҕы «МАРШ» архитектурнай оскуола дириэктэрэ, Москва архитектордарын сойууһун чилиэнэ:

Манна кэлбит сыалым – үөрэхпит бырагырааматын сырдатыы. АГИКИ-ны кытта бииргэ үлэлиибит. Биһиги маастар-былааннааһыҥҥа уонна территориялары салайыыга бырагыраамалары оҥоробут. Алтынньы ыйга онтубутун Саха сиригэр аан бастаан үлэҕэ киллэрэр былааннаахпыт. Оскуолабыт иһинэн маастар-былааны олоххо киллэрэр кыахтаах каадырдары бэлэмниибит. Саха сирин кытта эрэ буолбакка, Уһук Илиҥҥи федеральнай уокуругу бүттүүнүн кытта үлэлиибит. Бу – «арктическай урбанистикаҕа» бастакы хардыынан, иэнинэн дойдубут 70%-н ылар Арктика оройуоннарын сайыннарыы буолар.

Үөрэхпит туһунан кэпсии түстэххэ, эбии үөрэхтээһин бырагырааматынан буолар. Муниципальнай тэриллиилэр исписэлиистэригэр, хампаанньалар, компетенция кииннэрин, итиэннэ территориялары сайыннарар корпорациялар үлэһиттэригэр, архитектордарга, биир тылынан, территориальнай бырайыактарга үлэлиир дьоҥҥо туһуланар. Бырагыраамабыт сүрүн болҕомтотугар кейстэр бааллар, ол курдук территориялары хабан муниципалитеттары кытта үлэлэһэбит. Үөрэхпит сыала исписэлиистэри эрэ чочуйан таһаарбакка, олоххо бигэтик киирэр бырайыактары оҥоруу.

Үлэбит түмүгүнэн Саха сиригэр элбэх ахсааннаах үрдүк квалификациялаах исписэлиистэр – архитектордар, былааннааччылар (планировщиктар), муниципальнай үлэһиттэр баар буолуохтара. Кинилэр салайан, бэйэлэрин куораттарыгар, сэлиэнньэлэригэр дьоһун уларытыылары киллэриэхтэрэ. Манна даҕатан эттэххэ, Саха сирин кытта 2016 сыллаахтан ыкса үлэлиибит. Онон региону номнуо чугастык билэбит дии саныыбыт. Бу кэм устата икки үөрэҕирии бырагырааматын оҥордубут. Биирэ аччыгый куораттарга, историческай түөлбэлэргэ сыһыаннаах, иккиһэ – маастар-былааннааһыны оҥоруу. Барыта Дьокуускайга ыытыллыбыт «воркшоптан» саҕаламмыта, онно бырайыак оҥоһуллубута, ол түмүгэр Учуутал бульвара баар буолбута. Бырайыактарга үөрэнээччилэрбит үлэлииллэриттэн үөрэбит, киэн туттабыт.

Александра Улинова, «LETO» куорат эйгэтин боппуруостарыгар компетенция киинин салайааччытын солбуйааччыта:

Былырыын «ЭЙГЭ» архитектура уонна дизайн бириэмийэтэ олохтоммута, ону сыл аайы буолбакка, икки сылга биирдэ ыытарга быһаарбыппыт. Тоҕо диэтэххэ, биллэн турар, эбийиэктэр сыл иһигэр тутуллубаттар, онон номинаннар ахсааннара аҕыйах буолан тахсар. Тэрийээччи – Ил Дархан иһинэн үлэлиир Архитектура уонна куораты тутуу управлениета. 2022 сыллаахха өрөспүүбүлүкэ 100 сылынан сүүс бастыҥ бырайыагы сүүмэрдээбиппит уонна хамаандаларга Гран-при олохтообуппут. Түмүккэ Гран-при хаһаайынынан Горнай улууһун Бэрдьигэстээх сэлиэнньэтин хамаандата буолбута уонна бырайыагын олоххо киллэриигэ 10 мөлүйүөн солкуобайы ылбыта. Бу хамаанда улуус уонна улуус киинин салалталара бииргэ, түмсүүлээхтик үлэлииллэрин арылхайдык көрдөрдө.

Быйылы быһа «ЭЙГЭ» бириэмийэҕэ бэлэмнэнэр тэрээһиннэри ыытыахтаахпыт.  Бүтүн Арассыыйатааҕы аччыгый куораттарга, историческай түөлбэлэргэ анаммыт куонкурус баар. Ол чэрчитинэн Ньурбаҕа, Покровскайга иккилии, Өлүөхүмэҕэ биир бырайыак олоххо киирдилэр. Быйыл наһаа үчүгэй сонуннаахпыт, Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка икки куонкуруһу биллэрбиттэрэ. Онно өрөспүүбүлүкэбит кыайыылааҕынан тахсан, уон бырайыагы олоххо киллэриигэ 900 мөлүйүөн солкуобайы ылла. Ити улахан ситиһии.

Алексей Аргунов, «Бэрдьигэстээх нэһилиэгэ» муниципальнай тэриллии баһылыга:

Нэһилиэкпит бастакынан дизайн-кодтаммыта, биһиги кэннибититтэн өрөспүүбүлүкэҕэ тарҕаммытынан киэн туттабыт. Билиҥҥи туругунан нэһилиэкпит Саха сирин үрдүнэн саамай элбэх уопсастыбаннай туоналааҕынан биллэр. Былырыын «ЭЙГЭ» архитектура уонна дизайн бириэмийэтин Гран-при хаһаайынынан буолар чиэскэ тиксибиппит. Нэһилиэкпитигэр биир бырайыагы олоххо киллэриигэ 10 мөлүйүөн солкуобай көрүллүбүтэ. Ол бырайыакпытын быйыл олоххо киллэрдибит, балаҕан ыйын 1 күнүгэр аһыллыыта буолла. Ини-бии Семен, Софрон Даниловтар ааттарынан дьоҕус паарканы оҥорон үлэлэттибит. Бу уопсастыбаннай туона оҥоруутугар доруобуйаларыгар хааччахтаах, итиэннэ аҕам саастаах дьоҥҥо анаан бары усулуобуйаны тэрийдибит. Олохтоохтор наһаа үөрдүлэр, астыннылар. Ил Дархан иһинэн үлэлиир Архитектура уонна куораты тутуу управлениета хайа күн тэриллиэҕиттэн ыла ыкса үлэлэһэбит. Быйылгы өссө биир ситиһиибит – Магадан куоракка ыытыллыбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкуруска кыттан бастаатыбыт уонна 50 мөлүйүөн солкуобайынан наҕараадаланныбыт. Итинэн Бэрдьигэстээххэ Кыайыы болуоссатын оҥоруохтаахпыт. Аукцион ыытыллан, бэдэрээтчит чуолкайданан, үлэ саҕаланна. Билигин биир бырайыагы торумнуубут. Ол курдук анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарыгар, байыаннай сулууспалаахтарга анаан сквер оҥоруохпутун баҕарабыт. Манна Чечняҕа хорсуннук олоҕун уурбут Александр Парфенов диэн уолбутугар анаабыт мемориалбытын көһөрүөхпүт. Өссө биир дьоҕус бырайыагы олоххо киллэриигэ бастакы хардыыларбытын оҥордубут. Бу саас АГАТУ кытта үлэлэһэн, бырайыак толкуйдааһыныгар куонкурус биллэрбиппит, уонтан тахса үлэ киирбитэ.  Ити университеты кытта «Ландшафтный дизайн» бырайыагынан Бэрдьигэстээҕи көҕөрдүүгэ үлэлэһиэхпит. Былаан, үлэ-хамнас элбэх

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...