23.10.2023 | 18:30 | Просмотров: 481

Дьокуускайга 28 сылаас тохтобул аһаҕас

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Олохтоох дьаһалта балаансатыгар сылдьар 38 сылаас тохтобултан билиҥҥи туругунан 28-һа аһаҕас. Куорат уопсай планеркатыгар сылаас тохтобуллар оператордара «ЦУОП» МАТ иһитиннэрбитинэн, хаалбыт 10 тохтобулларга өрөмүөн түмүктэнэн эрэр. Итини таһынан, сэтинньи 15 күнүгэр диэри саҥа 10 сылаас тохтобул үлэҕэ киириэхтээх.

Уонтан иккитэ үлэтин саҕалаата – ити Кулаковскай уулуссатыгар баар  «Университет» тохтобул (Ленин проспегын диэки барар өттүгэр) уонна Красильников уулуссатыгар «Автодорожнай факультет» тохтобул (куорат диэки барар өттүгэр). Итини сэргэ, быйыл маннык аадырыстарга тохтобуллар арыллыахтара: Советскай Армия 50 сыла уул., «Рихард Зорге» (куорат диэки барар өттүгэр), Бабушкин уул., «Бабушкин», Челюскин уул., «Челюскин» (тиһэх тохтобул), «Эргэ Табаҕа», «Полиция 3-с №-дээх салаата», Ленин проспегар «Лена киинэ театра» (Кулаковскай уулуссатын диэки барар өттүгэр), Ленин проспегар «Доҕордоһуу болуоссата» (Октябрьскай уулуссатын диэки барар өттүгэр), Ленин проспегар «Центральнай киинэ театра» (Орджоникидзе болуоссатын диэки барар өттүгэр).

Үс саҥа сылаас тохтобул муниципальнай бырагыраама чэрчитинэн, 7 – «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыагынан туруоруллуохтара.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.