09.06.2023 | 12:00

Дьокуускайбыт соһуччу уларыйыа дуо?

Дьокуускайбыт соһуччу уларыйыа дуо?
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Үс сыллаах тупсарыы үлэтэ быйыл түмүктэнэр. Куорат бары уокуругар, нэһилиэгэр уулусса лаампатыттан саҕалаан күөх зонаны, оҕо оонньуур балаһааккатын тэрийиигэ тиийэ үгүс өрүттээх уонна киэҥ далааһыннаах үлэ ыытылынна. Уонна бу үлэ үс сыл устата ылбыт тэтимин ыһыктыбакка ньиргиччи бара турара харахха быраҕыллар. 
Оллур-боллур суолларбыт баһыйар өттө дэхсилэнэр, тиэргэннэрбит тупсаллар,  саҥа дьиэлэри тутуу тохтообот, нэһилиэнньэни хаарбах дьиэттэн  көһөрүү салҕанар, куораты сырдатыы, бөҕү хомуйуу хабаана кэҥиир, бэл, яблоня, сирень курдук соҕуруу эрэ дойдуга үүнэр сонун мастары олордуу саҕаланна.

Бу курдук тапталлаах куораппыт күннэтэ тупса, киэркэйэ турарын олохтоохтор бары даҕаны хайҕыы, сэргии көрөбүт. Атын сайдыылаах дойдулартан итэҕэһэ суох ыраас, уурбут-туппут курдук бырайыактаах, нус-хас эйгэлээх куоракка, ама, ким олоруон баҕарыа суоҕай?

Тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ быйыл эмиэ салҕанар. Бу сааскыттан куорат баһылыга Евгений Григорьев былырыын үлэҕэ киирбит эбийиэктэри кэрийэн, туох итэҕэс-быһаҕас баарын быһаарара, олохтоохтор санааларын   бэдэрээттээх тэрилтэҕэ тиэрдэрэ — урут улаханнык тарҕамматах уонна хайҕаллаах дьыала.

Тиэргэни тупсарыы үс хайысханан ыытыллар

Баһылык Евгений Григорьев быйыл Дьокуускай куоракка 38 элбэх кыбартыыралаах дьиэ 21 тиэргэнэ тупсарыы былааныгар киирбитин этэн турар. Санатар буоллахха, киин куоракка тиэргэни тупсарыы үлэтэ үс бырагырааманан ыытыллар: куорат бүддьүөтүттэн бу сыалга 150 мөл. солк. көрүллүбүт, Ил Дархан Айсен Николаев өйөбүлүнэн "Мин тиэргэним" бырагыраама үлэлиир, итиэннэ былырыыҥҥыттан РФ Бэрэсидьиэнин Уһук Илин федеральнай уокуругар боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев көҕүлээһининэн "Уһук Илиҥҥэ 1000 тиэргэн" салҕанар.

Бу ааттаммыт бырагыраамалар сүрүннээн тиэргэннэри тупсаҕай гына оҥорууга, территориялары аспааллааһыҥҥа, оҕо оонньуур, спорт балаһааккаларын чөлүгэр түһэриигэ болҕомто уураллар.

Бэлиэтээн эттэххэ, дуогабар усулуобуйатын быһыытынан, өрөмүөн түмүктэммитин кэннэ тупсарыллыбыт тиэргэннэр турар сирдэринэн олорор дьиэлэр балаансаларыгар киириэхтээхтэр, салгыы эбийиэктэри салайар хампаанньалар көрөн-истэн үлэлэтиэхтээхтэр.

Губин уокуругар саҥа балаһаакка

Ааспыт ый ортото куорат баһылыга Богатырев уул., 4/1 уонна Севернай уул., 7 дьиэлэр олохтоохторун кытта көрсөн, санааларын истибитэ.

Богатырев уул., 4/1 дьиэтин олохтоохторо үлэ хаачыстыбатын үчүгэйдик сыаналыыллар, тупсаран оҥоруу ыытыллыбытыттан бары даҕаны астыммыттарын биллэрэллэр. Ол да буоллар кэккэ этиилээхтэр. Олохтоохтору ордук көҕөрдүү боппуруоһа долгутар эбит. Санатан эттэххэ, көҕөрдүү боппуруоһун олохтоохтор дьиэни салайар хампаанньаны кытта быһаарыахтаахтар.

Евгений Илларионов, Богатырев уул., 4/1 уонна Севернай уул., 7 тупсарыы үлэтин ыыппыт «Основа» ХЭТ прораба:

Бүгүн-сарсын ыйыллыбыт итэҕэстэри туоратыы түмүктэнэр. Тротуар билиитэлэрин көннөрдүбүт, сырдатыы өттө барыта үлэлиир. Дьиэ тула бетон кутулла сылдьар. Көҕөрдүү өттүгэр олохтоохтор уонна салайар хампаанньа бэйэлэрэ үлэлиэхтээхтэр, биһиги бэйэбит өттүбүтүттэн хара буорун киллэрэн биэрбиппит. 

Олохтоохтор этэллэринэн, тиэргэн иннэ-кэннэ аспаалланан, хаамарга кытта чэпчэки буолбут, аныгылыы моһуоннаах оҕо оонньуур балаһаакката баар буолан, оҕо аймах салгыҥҥа сылдьара элбээбит.

Евдокия:

Мин олохтоохтор ааттарыттан куорат салалтатыгар уонна бу үлүгэрдээх эбийиэги үлэҕэ киллэрбит тэрилтэҕэ махтанабын. Сайыҥҥы күннэр тураннар, дьон-сэргэ таһырдьа тахсан сынньанар, быыла-бадараана суох тиэргэҥҥэ дуоһуйа хаамар буолла.

Михаил:

Дьэ, чахчы, киһи мыыммат үлэтэ барда. Хата, саха сэргэх уолаттара үлэлиир буоланнар, баар кыһалҕалары туруорустубут. Мин көрүүбэр, үлэ барыта былааннаммытын курдук барда. Түгэнинэн туһанан, махталбын тиэрдэбин. Бу үлүгэр тутуулары кытаатан ыраастык уонна харыстаан туттуохха!

Ити курдук, бэдэрээтчит гарантиянан итэҕэстэрин барытын ситэрбит. Иккиһинэн, көҕөрдүү боппуруоһа көтөҕүллэн, харыйа, черёмуха, акация атыылаһан тиксэрбиттэр. Үсүһүнэн, Богатырев уул., 4/1 дьиэтиттэн  Севернай, 7-гэр диэри сатыы хаамар суол суоҕун иһин хахха туруорар. Онон, олохтоохтор да, бэдэрээтчит тэрилтэ да үөрүүлэрэ үгүс диэн түмүк оҥоробут.

«Главстрой» МХТ эбийиэктэри хайдах хонтуруоллууруй?

Киин куоракка былырыын тупсарыллыбыт эбийиэктэри кэрийэн бэрэбиэркэлиир тэрилтэнэн «Главстрой» МХТ буолар. Ол үлэ хайдах ыытылларын хапытаалынай тутуу салаатын сүрүн  исписэлииһэ Игорь Конькову кытта кэпсэттибит.

— Хас биирдии тупсарыы бырайыагар тэхиньиичэскэй надзор үлэлиир. Бастаан бырайыак оҥоһуллар, смета таҥыллар, онтон бэдэрээтчит тэрилтэ ылсан үлэтин саҕалыыр. Холобура, урукку тутууну көтүрэр, онтон сирин тэҥнээн, сыбаайа түһэрэр. Ол кэннэ сметаҕа сурулла сылдьар бары ирдэбиллэри учуоттаан үлэтин саҕалыыр. Үлэ бара турар кэмигэр технадзор хаста даҕаны бырайыактыыр-сметалыыр докумуоннары тута сылдьан бэрэбиэркэлиир. Ол курдук, сметаҕа 7 км аспаал кутуллар диэн суруллубут буоллаҕына, онтон кыччыа суохтаах.

Үлэни хаһан туттаралларый?

Үлэ болдьоҕуттан уонна кээмэйиттэн улахан тутулуктаах. Хас биирдии кэрчиккэ, ымпыкка-чымпыкка, кээмэйгэ тиийэ бэрэбиэркэ ыытыллар. Бастатан туран, үлэ хайдах толоруллубутун, төһө хаачыстыбалааҕын илэ харахпытынан көрөбүт.

— Үгэс курдук, хаар уулуннар эрэ, бөҕү-сыыһы кытта алдьаммыт-кээһэммит барыта ырылыччы көстөн тахсар. Бу түгэҥҥэ эһиги өттүгүттэн туох үлэ барарый?

Сайдыылаах үйэ сиэринэн (социальнай ситиминэн, хаһыатынан, бассаабынан да буоллун) ханнык баҕарар ситиминэн кыһалҕалаах эбийиэги биллэриэххэ сөп. Биир эмит эбийиэк алдьаммыт, тостубут, хайыта барбыт түгэнигэр, технадзор тиийэн аакта толорон, бэдэрээттээх тэрилтэҕэ тахсан, гарантиянан итэҕэстэри туоратар болдьоҕун кэпсэтэр.

— Үлэҕэ киирбит эбийиэктэр хас сыл гарантиялаахтарый?

Үлэни толорооччу үс сыл гарантиялыыр. Бу кэм иһигэр сыыһаны-халтыны барытын туоратарга үлэлэһиэхтээх.

Куораппыт дьон олороругар табыгастаах дуо?

Надежда Петрова:

Мин санаабар, кэнники үс сылга Дьокуускай куоракка баһаам үлэ ыытылла турар. Чахчы, өрөспүүбүлүкэ салалтата даҕаны үтүмэннээх үлэни ыытта, болҕомтотун уурда. Урукку сыллары кытта тэҥнээн көрдөххө, куораппыт быдан сайынна уонна инникитин даҕаны бу тэтимин ыһыктыбакка тупса турарыгар баҕарабын.

 

Никита Федоров:

Куорат тупсар! Мин саамай сэргээбитим диэн — бэрт кылгас кэм иһигэр Ленин проспега аспааллана охсубута уонна көстө кэҥээбитэ. Поярков уонна Автовокзал оройуонун уулуссатын эмиэ түргэнник оҥороллоро буоллар бэрт да буолуо этэ.

Куораппын олус таптыыбын! Төһө даҕаны кирдээх, быыллаах да буоллар, аныгы куоракка син майгыннаан эрэбит быһыылаах. Хомойуох иһин, сквердэр, балаһааккалар тиийбэттэр, бу хамсааһыны сөргүтэргит буоллар.

 

Мария Данилова:

Мин куоракка олохсуйбутум 40-тэн тахса сыл буолла. Эдэр салайааччылаах буоламмыт, куораппыт саҥалыы тыыннанна дии саныыбын. Эрдэ даҕаны үлэ барар этэ буоллаҕа, ол эрээри быйылгы курдук элбэх хаар хаһан даҕаны түспэтэҕэ. Суол урут даҕаны оҥоһуллара, билигин даҕаны тыын боппуруос буолан турар. Хата, ити тэлгэһэлэри саҥалыы оҥорон саҕалаабыттара олус хайҕаллаах, кытаатан ыһа-тоҕо, алдьата сылдьыбатахпытына, үйэлээх буолуох этилэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...