16.06.2023 | 12:00

Дьокуускай — ыччат сайдар киинэ!

Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтатын Ыччат дьыалатыгар уонна уопсастыбаннай сибээскэ управлениетыгар актыбыыс ыччаттар куруук бааллар, олортон биирдэстэринэн Покровскай куораттан төрүттээх Игнатий Руфов буолар.
Дьокуускай — ыччат сайдар киинэ!
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

— Игнатий, бастатан туран, бэйэҥ тускунан кылгастык билиһиннэр.

— Дьокуускай куорат биир бастыҥ сахалыы тыллаах хаһыатын ааҕааччылара, дорооболоруҥ! Мин М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет Хайа институтугар «Хайа инженерэ» идэтигэр 3 кууруска үөрэнэбин. Ону таһынан тутуу тэрилтэтигэр маркетолог быһыытынан үлэлиибин.

— Тыый! Билиҥҥи устудьуоннар, үлэни, үөрэҕи тэҥҥэ дьүөрэлээн, маладьыас да дьоҥҥут!

— Быйылгыттан саҕалаан үлэлээтим. Кырдьыгы кистээбэккэ эттэххэ, устудьуон куруук харчыта суох! Ол инниттэн биир үтүө күн үлэ булунарга санаммытым. Истипиэндьийэ билигин 6 000 солк. эрээри, аныгы үйэҕэ бу харчы туохха даҕаны тиийбэт. Кэм уларыйан буолуо, билигин устудьуоннар үксүлэрэ үлэлииллэр. Сарсыарда үөрэнэллэр, эбиэт кэннэ иллэҥ устудьуон үлэлиир. Үлэбин сөбүлүүбүн, таптыыбын да диэххэ сөп. Ону сэргэ хаартыскаҕа түһэрэрбин, видео устарбын сөбүлүүбүн. Дрон үөдүйбүтүгэр, онно умсугуйан, клиптэри  устан саҕалаабытым.

— Дрон диэбиккэ дылы, аҕыйах сыллааҕыта дрон көмөтүнэн киһини булан турардааххын дии, ол туһунан кэпсии түһэриҥ буоллар.

— 2021 сылга, оскуолабын бүтэрэр сылбар, сайыҥҥы чуумпу киэһэ табаарыстарбын кытта мээчик тэбэ, салгын сии, күүлэйдии таҕыстыбыт. Чаһыбыт 23.00 чаас. Арай миэхэ төлөпүөн кэллэ. Ол эрэ иннинэ интэриниэт ситимигэр сыбаайбалары, төрөөбүт күннэри, үбүлүөйдэри дронунан видеоҕа устабын диэн биллэрии таһаарбытым. Көрдөһүүлээх  эрийбиттэр. Биир кырдьаҕас тыаҕа сылдьан мунан хаалбыт. Биэс күн устата дроннарбын холбоон көрдөөтүм, бэһис күммэр дрон көмөтүнэн кырдьаҕас киһини булбутум.

— Туһалаах мал эбит... Эн сүрдээх актыбыыс ыччаккын билэбин, куорат тэрээһиннэригэр куруук баар буолаҕын. Уопсастыбаннай үлэҕэ хаһааҥҥыттан кыттаҕын?

— Уопсастыбаннай үлэҕэ кыра эрдэхпиттэн чугаспын, ол, арааһа, дьонум иитиилэрэ буолуо. Аҕам эмиэ уопсастыба кыһалҕаларыгар сүрэҕинэн-быарынан ыалдьар киһи, кыаммат дьоҥҥо көмө-тирэх буолар “Бумеранг добра” диэн аһымал пуондалаах. Саҥа дьылга оннооҕор Тымныы оҕонньор буолан оҕолорго бэлэх туттарар үгэстээх. Кыра сылдьан киниэхэ остуоруйа кыылларын оруолун толорон көмөлөһөр буоллахпына, быйылгыттан бэйэм Тымныы Оҕонньор оруолугар ылыстым (күлэр).

— Дьокуускай куорат Ыччат дьыалатыгар уонна уопсастыбаннай сибээскэ управлениетын иһинэн туох тэрээһиннэргэ кыттаргын сөбүлүүгүн?

— Куорат олоҕор сөбүлээн кыттабын диэххэ сөп. Былырыын Туймаада ыһыаҕар волонтерунан үлэлээбитим, дьаһалта аатыттан спорт тэрээһиннэригэр көхтөөхтүк  кыттабын. Ону таһынан былырыын Ил Дархан Айсен Николаев дьаһалынан Марха оройуонугар саҥа дьиэ тутан киллэрбиппит.

— Ээ, ити сонун биһиэхэ тахсан турар. Дьокуускай куорат ыччатын политикатын концепцията туохханый?

— Ыччат сайдарыгар усулуобуйаны тэрийии буоллаҕа. Биһиги куораппытыгар маннык усулуобуйа чахчы тэриллэр: аныгы спортивнай саалалар, оскуолалар, сынньанар сирдэр балысханнык тутуллаллар, тэриллэллэр. Куорат баһылыга Евгений Николаевич Григорьев уонна дьаһалта бары салаалара ыччакка анаан туруорсар, үлэлэһэр, олоххо киллэрэр бырайыактара үгүс. Оҕо оонньуур балаһаакката да буоллун, бэстибээллэр да буоллуннар — барыта куорат ыччатын сайдыытыгар, кини инникилээх буоларыгар туһуланар. Онон киин куораты ыччат сайдар киинэ диэххэ сөп!

— Оттон, эн санааҕар, өссө ханнык хайысхаҕа болҕомто ирдэнэр курдугуй?

— Туризм өттүгэр болҕомто наада. Холобура, Хаҥалас улууһа маныаха олус табыгастаах. Онуоха бастакы уочарат суол кыһалҕата быһаарыллыан наада. Биллэрин курдук, Хаҥалас улууһунан соҕуруу кэлэр-барар улахан кыамталаах массыыналар быыстала суох айанныыллар, онтон сылтаан суоллара бүттэтэ суох. Биир тыын кыһалҕанан арыгы маҕаһыыннара хас хардыы аайы арыллан үлэлии олороллоро буолар. Мин санаабар, бу эмиэ болҕомтону эрэйэр бүтүн уопсастыба «төбөтүн ыарыыта». Ханнык эрэ кэмҥэ арыгынан эргинэр сирдэри хааччахтыыр дьаһал тахса сылдьыбыта, оччолорго, чахчы, итирик киһи ахсаана лаппа аҕыйах этэ. 

— “Ситиһии” диэн тылы хайдах өйдүүгүн?

— Олоххо араас кыһалҕалар бааллар, киһи олоҕо куруук биир кэмник ааспат. Бу бэриллибит олоххо киһи суобастаахтык олоруохтаах, оччоҕо бу ситиһии төрдө буолуон сөп.

— Дьэ, оччотугар маннык ыйытыы баар: билиҥҥи ыччат мэтириэтин ойуулаа эрэ, биһиги ааҕааччыларбыт эмиэ билиэхтэрин баҕараллар.

— Мин көрөрбүнэн, билиҥҥи ыччат урукку кэм эдэр дьонуттан чыҥха атын. 2000 сылтан саҕалаан төрөөбүт оҕолор сайдыылаах олоххо тардыһаллар. Холобур, урут пиибэ, табах «муода» эбит буоллаҕына, билигин төттөрү буолан турар. Аныгы ыччат спорду өрө тутар, саҥаттан саҥа идэни баһылыырга дьулуһар, өйдөөх, киэҥ көрүүлээх.

— Сахалартан кими холобур оҥостоҕун?

— Саха сиригэр элбэх үчүгэй тутуулары, саха оҕото сайдыылаах буоларыгар, атын омуктан уратыта суохтук улаатарыгар улахан кылаатын киллэрбит киһи Михаил Ефимович Николаевы буоллаҕа.

— Ээ, Михаил Николаевы элбэх ыччат ытыктыыр! Оттон саха ыччатын ортотугар лидер диэн баар дуо, баар буоллаҕына, кими ааттыаҥ этэй?

— Мин санаабар, устудьуоннар идэлээх сойуустарын бэрэссэдээтэлэ Александр Румянцев буолуон сөп. Өскөтүн кинини 12 тыһыынчаттан тахса ыччат өйөөбүт буоллаҕына, лидер диэн ааттыырга тоҕоостоох. 

— Сөп, түмүккэ бэйэҥ саастыылаахтаргар тугу сүбэлиигин?

— Эдэр ыччакка этиэм этэ, дойдугутун уонна норуоккутун таптааҥ. Үлэни уонна үөрэҕи өрө тутуҥ, сайдыылаах буолуҥ. Оскуоланы бүтэрээччилэр БКЭ-ни үрдүк баалга туттаран, талбыт идэҕитин баһылааҥ. Туохтан да толлубакка, иннигит диэки эрэллээхтик дабайан иһиҥ!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...