Дьокуускай уулуссаларын сырдатыы үлэтэ салҕанар
«Горсвет» МУТ информациятынан, киин куорат уулуссаларыгар уонна уопсастыбаннай миэстэлэригэр сырдатыы үлэтэ салҕанар.
«Билиҥҥи кэмҥэ «Сырдык киин куорат» бырагыраама чэрчитинэн Тулагы-Киллэм нэһилиэгин Капитоновка сэлиэнньэтин Подгорнай уулуссатыгар үлэ түмүктэннэ. Ол курдук, уулусса сырдатыытын 9 тирээбилэ туруорулунна, 16 лаампа олордулунна, ситим уопсай уһуна 750 м. Кэлэр нэдиэлэлэргэ Марха дьоҕус оройуонугар Интернациональнай уулуссаҕа үлэ былааннанар», – диэтэ «Горсвет» МУТ дириэктэрэ Максим Машков.
Ити иннинэ Хатас нэһилиэгин Владимировка сэлиэнньэтин Сиэллээх уулуссатыгар 22, Тулагы сэлиэнньэтин Молодежнай уулуссатыгар 34, Кангалаас дьоҕус оройуонун Молодежнай уулуссатыгар 2 уонна Комсомольскай уулуссатыгар 4 тирээбиллэри, Маҥан сэлиэнньэтин Брусничнай уулуссатыгар 9 тирээбили уонна 9 лаампаны, ону сэргэ Севернай дьоҕус оройуоҥҥа 34 тирээбили уонна 33 лаампаны туруорбуттар.
Сэргэлээх шоссетын 8 км-тэн 10 км диэри, Кульбертинов уул., Студенческайга диэри, 2 №-дээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһа территориятыгар, Владимировка бөһүөлэгин Березовай Роща уул., Кольцевой уул., уонна Покровскай тракт учаастагыттан Речевой оскуолаҕа диэри тирээбиллэри туруоруу салҕанар.
Быйыл Дьокуускайга уонна куорат таһынааҕы нэһилиэнньэлээх пууннарга уулусса сырдатыытын 551 тирээбилэ уонна 592 лаампата туруоруллуохтаах. Уулуссалары сырдатыы «Сырдык киин куорат» хос бырагырааматтан үбүлэнэр, тирээбиллэри уонна лаампалары туруорууга 78,6 мөл. солк. кэриҥэ ыытыллыбыт. Итинтэн 8,6 мөл. солк. куорат, оттон 70 мөл. солк., Ил Дархан Ыйааҕынан, эбии өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн көрүллүбүт.
«Горсвет» МУТ итини сэргэ куорат киинигэр баар “Талое” күөл кытылыгар сырдатыыны холбообут.
««Горсвет» МУТ “Талое” күөл кытылын таһынаа5ы сырдатыыны холбоото. Үлэ барыта оҥоһулунна. Итини сэргэ «Ворота Якутска» болуоссакка «Надвратная башня Тыгына» эбийиэк сырдатыыта холбонно», – диэн иһитиннэрдэ «Куорат хаһаайыстыбатын үлэлэтэр сулууспа» МХТ салайааччыта Айаал Егинов.