Дьокуускай сайдыытын биир кэлим былаанын дьүүллэстилэр
СӨ Экономикаҕа министиэристибэтэ уонна РФ Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарыыга министиэристибэтэ, Дьокуускай салалтатын кытта, куорат социальнай-экономическэй сайдыытын биир кэлим былаанын бэлэмнээһинин түмүктээн эрэллэр диэн Өрөспүүбүлүкэ баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Сэтинньи ыйга куорат агломерациятын маастар-былаанынан көрүллүбүт тэрээһиннэр үбүлээһиннэрин төрүтүн уонна болдьоҕун чопчулуохтара.
«Биһиги иннибитигэр дьоһун сорук турар: сыл бүтэһигэр Арассыыйа бырабыыталыстыбатын быһаарыытынан сайдыы уһун болдьохтоох былаана бигэргэтиллиэхтээх. РФ Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарыыга министиэристибэтин өйөбүлүнэн уонна Саха сирин бырабыыталыстыбатын хамаандатын көхтөөх үлэтинэн сорукпут болдьоҕор толоруллуоҕа диэн эрэнэбин», — диэтэ регион экономикаҕа миниистирэ Петр Попов.
Алтынньы 23-27 күннэригэр Дьокуускайга РФ Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарыыга министиэристибэтин бэрэстэбиитэллэрэ үлэлээтилэр. Кинилэр маастар-былаан сүрүн эбийиэктэрин көрдүлэр: биир кэлим тутуу ыытыллыахтаах дьоҕус оройуоннары, музыка үрдүкү оскуолатын, бөҕү сүүмэрдээн араарар полигоны уо.д.а.