26.04.2020 | 12:10

Дьокуускай сааскы халаан уутугар бэлэмнэнэр

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Гидрометеорология управлениета иһитиннэрэринэн, Дьокуускайга Өлүөнэ мууһа ыам ыйын 12-14 күннэригэр хамсыахтаах.

Сааскы халаан уутугар бэлэмнэнии былаана өссө  олунньу 19 күнүгэр торумнаммыта. Кулун тутар 20 күнүттэн биэдэмистибэлэр икки ардыларынааҕы анал хамыыһыйа үлэлиир. Ууга барыан сөптөөх сирдэртэн нэһилиэнньэни көһөрүү, суолу-ииһи бэрэбиэркэлээһин былаанын Гражданскай оборона, ыксаллаах быһыыга-майгыга нэһилиэнньэ харыстабылын управлениета оҥорор.

Дьиэ-уот департамена иһитиннэрэринэн, ууга быладьаныан сөптөөх сиргэ 35 инфраструктура эбийиэгэ, 262 дьиэ, ол дьиэлэргэ олорор 1210 дьон (ол иһигэр 368 оҕо) бааллар. Бу дьон, халаан уута тахсар түгэнигэр, быстах болдьоххо олорор дьиэнэн хааччыллыахтара.

Куорат таһынааҕы нэһилиэктэргэ сүөһүнү, сылгыны күрэтиэхтэрэ. Хатаска уу кэлэр түгэнигэр 81 төбө хороҕор муостаах нэһилиэктэн 3 км ыраах сиргэ, 18 сылгы 4 км ыраах Ой-Бэс диэн сиргэ көһөрүллүөхтэрэ. Тулагы-Киллэмҥэ 604 төбө сүөһүнү, 866 сылгыны Кангаласс нэһилиэгин үрдүк сиригэр куоттарыахтара. Табаҕаҕа сүөһүлэрин муус хамсыан иннинэ үрдүк сиргэ таһаарар былааннаахтар.

Муус устар 23 күнүгэр өрүс мууһун кэбирэтии үлэтэ түмүктэннэ. Дьокуускай таһынан 13 км муус эрбэннэ, 47 га муус хараардылынна.

Дьокуускай дьаһалтата сааскы халааҥҥа бэлэмнэнэн, 7 мөл. солк, 126 л. уматыгы бэлэмнээтэ. Бу үп барыта сааскы халааны аһардыыга уонна баһаары утары тэрээһиннэргэ туттуллуоҕа.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...