28.08.2021 | 12:00

Дьокуускай өрөспүүбүлүкэ 100 сыллаах үбүлүөйүгэр бэлэмнэнэр

Ааптар: Айыына Ксенофонтова
Бөлөххө киир

Атырдьах ыйын 21 күнүгэр СӨ Ил Дархана Айсен Николаев, киин куорат баһылыга Евгений Григорьев салалталарынан хас да эбийиэги кэрийдибит, үлэ хаамыытын билистибит.

Бүтүн нэһилиэк үөрүүтэ

Бу күн Хатаска ураты долгутуулаах күн буолан ааста. Ол курдук, саҥа тутуллуохтаах спорт комплексын бастакы сыбаайата түстэ. Алгыс тылынан улахан эбийиэк тутуута саҕаланна. Нэһилиэнньэ биэс сыл күүппүт, туруорсубут бырайыага олоххо киирэр буолбутуттан сүргэтэ көтөҕүллүбүт. Чахчы, үөрүүлээх күн үүннэ. 

Ил Дархан Айсен Николаев саҥа тутуу саҕаламмытынан олохтоохтору эҕэрдэлээтэ.  

Евгений Григорьев, куорат баһылыга Бу тутуллар саҥа комплекска улахан оонньуур хонуулаах, бокса уонна тустуу саалалаах буолар. Хатас сириттэн саха омук аатын ааттатар спортсменнар үүнэн-сайдан тахсыахтара диэн эрэнэбин”, – диэтэ.

 

Биэс сыл кэтэстибит

Евгений Егорович Гоголев, И.И. Захаров аатынан 7-с нүөмэрдээх спортивнай оскуола дириэктэрэ:

2016 сыллаахха ыам ыйын 15 күнүгэр спортивнай саалабыт уокка былдьанан, күл-көмөр буолбута. Онтон ыла саҥа саала тутуутун 5 сыл 88 күн кэтэстибит. Бу иннинэ ааркалаах саала тутуохха эҥин диэн этиилэр бааллара, биһиги сөбүлэспэтэхпит. Билиҥҥи салалта биһигини өйөөн, тутуу саҕаламмытыттан үөрэбит. Ил Дархан Айсен Сергеевич Николаевка, мээр Евгений Николаевич Григорьевка, олохтоох дьаһалтабытыгар, тэрилтэбэр махталым улахан. Оҕо искусствотын оскуолатын үлэһиттэригэр төһүү күүс-көмө буолбуттарыгар өссө төгүл махтанабын. 

 

 Спорду өрө тутабыт

Наталья Ивановна Руфова:

– “Тускул” култуура киинигэр (сал. Людмила Михайловна Чепалова) үлэлиибин. Бүгүҥҥү үөрүүлээх күҥҥэ уопсастыбаннас аатыттан кэллибит. Өссө элбэх буолан мустуохтаах этибит. Биллэр биричиинэнэн аҕыйахпыт. Ол эрээри  бу бэлиэ күн бүтүн нэһилиэк үөрүүтэ-көтүүтэ буолла диэхпин баҕарабын. Эдэр-эмэн буолан бары сүргэбит көтөҕүлүннэ.

Хатас – спорду өрө туппут нэһилиэк, Дьокуускай куорат спартакиадатыгар ким да тилэҕин көрө илик. Күн бүгүнүгэр диэри Арассыыйаҕа тиийэ үрдүк көрдөрүүлэрдээх, ситиһиилэрдээх спортсменнардаахпыт. “Манчаары оонньууларын”, “Азия оҕолоро” норуоттар икки ардыларынааҕы, о.д.а. таһымнаах оонньуулары көтүппэппит, өрүү көхтөөхтүк уонна ситиһиилээхтик кыттабыт. Адаптивнай спорка эмиэ баарбыт. Чөл, чэгиэн олоҕу көҕүлүүр үлэбит үгүс. Кырдьык, биэс сыл иһигэр ыарахаттары көрүстүбүт. Манна урут саалабыт баар эрдэҕинэ биир да чаас таах турбат этэ. Онон саҥа саала тутулларын долгуйа күүппүппүт.

Хатас эрэлэ – ыччатыгар

Алексей Аргунов – 11 кылаас үөрэнээччитэ. Кыра эрдэҕиттэн спорду өрө туппут. Билигин Чурапчы спортивнай оскуолатыгар үөрэнэр. Сайыҥҥы сынньалаҥар тапталлаах Хатаһыгар кэлэ сылдьар.

Иккис кылаастан тустуунан утумнаахтык дьарыктанабын. Нэһилиэк, куорат, өрөспүүбүлүкэ, онтон атын улахан таһымнаах күрэхтэһиилэргэ ситиһиилээхтик кыттабын.  Манна тренерим Александр Павлович Осипов этэ. Сэттис кылаас кэннэ Чурапчыга үөрэнэ барбытым, онно Игнат Михайлович Сысолятиҥҥа уһуйуллабын. Дойдубар кэллим да, тренербэр тиийэбин, кини сүбэтин-аматын истэбин. Онон саҥа спорт комплекса тутуллар буолбутуттан олус үөрдүм, – диир Хатас спорка эрэлэ, кэскиллээх ыччата.

400 миэстэлээх спорт комплекса “2020-2024 сылларга Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр физическэй култуура уонна спорт сайдыыта” судаарыстыбаннай бырагыраамаҕа олоҕуран тутуллуоҕа. Уопсай иэнэ 2 285, 36 кв. м буолуохтаах.

Хатастар мантан ыла саҥа эбийиэк үлэҕэ киирэр күнүн-дьылын долгуйа күүтэллэр.

Икки оройуону ситимниир суол тупсарыллар

Салгыы Иван Кульбертинов уулуссатыгар тиийдибит. Манна суол тутуутун үлэтэ күөстүү оргуйбут. Птицефабрика уонна ДСК оройуонун ситимниир суолга билигин тупсарыы, ситэрии үлэтэ ыытыллар. Олохтоохтор үөрүүлэрэ үгүс, махталлара муҥура суох.

СӨ Тырааныспарга, суол-иис хаһаайыстыбатыгар миниистирэ Владимир Сивцев уонна куорат баһылыга Евгений Григорьев туох үлэ ыытыллыбытын, былаан хайдах туолан иһэрин сиһилии отчуоттаатылар. Айсен Николаев күргүөмнээх үлэ барбытын бэлиэтээтэ. Евгений Григорьев быйылгы былаан былырыыҥҥыны быдан куоһарар, киһи хайдах да тэҥнээбэт диэн тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.  

Дьон талаһар сирэ

Салгыы Таалай күөлгэ айанныыбыт. Бу уопсастыбаннай эйгэ сирэйдиин-харахтыын уларыйбытын, күн аайы тупсарын куорат олохтоохторо бары да көрө-билэ сылдьабыт. Оробуочай бөлөҕү Саха сирин кылаабынай архитектора Ирина Алексеева уонна Уопсастыбаннай эйгэлэри салайар киин дириэктэрэ Николай Мартынов көрүстүлэр, туох үлэ барбытын сырдаттылар.

Манна сотору кэминэн дьоҕус лааппылар кэчигирэһиэхтэрэ, фонтан баар буолуоҕа, сырдатыы, көҕөрдүү, тупсарыы үлэтэ салгыы ыытыллыаҕа. Айсен Сергеевич видеонан кэтээн көрүү баар буолара ордук диэн этии киллэрдэ. Онуоха “Куттала суох куорат” бырагырааманан “Ростелеком” камера туруортуохтаах диэтилэр. Собоҕо аналлаах пааматынньык аттынан ааһан иһэн: “Биһиги собобут”, – диэтэ Ил Дархан. Ирина Алексеева балык барахсан сөптөөх миэстэтин булла диэн кэпсээтэ.

Аҕам саастаах кэргэнниилэр хачыаллыы олороллор. Айсен Сергеевич тохтоон, Таалай күөл кытыла хайдаҕый диэн ыйыталаста. “Олус тупсубут. Мантан чугас олоробут, онон сотору-сотору сылдьабыт”, – диэтилэр.   

Тиэргэммит тупсар! Үөрүүбүт үксүүр!

Салгыы Лермонтов уул. 23/2 нүөмэрдээх дьиэтин тиэргэнигэр ыалдьыттаатыбыт.  Манна тупсарыы үлэтэ ыытыллар. Бырайыак “Мин тиэргэним” бырагыраама чэрчитинэн, Ил Дархан өйөбүлүнэн олоххо киирэр.

Светлана Жарникова тиэргэн урукку уонна билиҥҥи хаартыскаларын түмпүт, барытын паапкаҕа мунньан, тиһэн испит. Тупсарыыны хайдах туруорсубуттарын, сүүрбүттэрин-көппүттэрин, докумуон хомуйбуттарын кэпсээтэ.

Көрүҥ, тиэргэммит, суолбут, оҕо балаһаакката маннык мөлтөх туруктаах этэ. Подъезка киирэр-тахсар кыһалҕа курдуга.  47 саастаах кырдьаҕас тиэргэн буоллаҕа. 70-с сылларга, бу дьиэ бастаан киирбит кэмигэр, уон сыл устата син өрөмүөн ыытыллыбыт. Онтон сыыйа барыта эргэрэн, алдьанан, суолбут аспаала да хаалбатах. Чэ, үлтүркэй таас кутуллара, ол эрээри утары алдьана турара. Бэдэрээтчити, сакаасчыты кытта ыкса үлэлээтибит.  Бырайыакпытын биир сүбэнэн олоххо киллэрдибит.

Тиэргэммитин көрө-көрө дуоһуйабыт. Аны билигин олорор сир былдьаһык диэн күлсэбит. Дьон күргүөмүнэн тахсар, сынньанар, олорон кэпсэтэр буоллулар диэн үөрэбит, – диэн санаатын үллэһиннэ

 

Светлана кэпсээбитинэн, бу субуотаҕа олохтоохтор тутуспутунан тахсан тиэргэннэригэр көҕөрдүү үлэтин ыытыахтара. Хас биирдии маска ким олордубутун суруйан, табличка ыйыахтара.

 

Бэлиэтээн эттэххэ, балаҕан ыйа бүтүөр диэри киин куоракка 15 тиэргэн тупсарыллыахтаах. Оттон хаалбыт 15 эбийиэккэ үлэ эһиил түмүктэниэхтээх. 2022 сыл испииһэгэр 30 тиэргэн тупсарыыта киирбит, онуоха ити этиллибит көһө сылдьар эбийиэктэр эбиллэн, эһиил барыта 45 тиэргэн тупсарыллыахтаах. 

 

Айсен Николаев Дьокуускай күн аайы тупса турарын, ол үгүс үлэ түмүгэр ситиһиллэрин бэлиэтээтэ. Өрөспүүбүлүкэ тэриллибитэ 100 сылын көрсөрбүтүгэр билиҥҥэттэн бэлэмнэниэххэ, ырааһырдыы үлэтин ыытан саҕалыахха диэн куорат олохтоохторун ыҥырда.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....