28.10.2022 | 16:00

Дьокуускай оттук сезонугар бэлэмин туһунан пааспары ылла

«Дьокуускай куорат» куорат уокуругар алтынньы 27 күнүгэр 2022 - 2023 сылларга оттук сезонугар бэлэмин туһунан пааспар бэрилиннэ диэн иһитиннэрдэ Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата.
Дьокуускай оттук сезонугар бэлэмин туһунан пааспары ылла
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Докумуон ититиинэн хааччыйар тэрилтэлэр, ситимнэр, элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр кыһыҥҥа толору бэлэмнэрин туһунан туоһулуур.  Ол туһунан СӨ Ростехнадзорун Ленскэйдээҕи управлениета бигэргэттэ. Хамыыһыйа бэрэбиэркэтин түмүгүнэн пааспары биэрэр быһаарыы ылыннылар.

«Куорат бэлэмин туһунан пааспары болдьоҕор ылла, ити ититиинэн хааччыйар куорат систиэмэтэ кыһыҥҥы тымныыларга харгыһа суох үлэтин мэктиэлиир», – диэн бэлиэтээтэ баһылыгы куорат хаһаайыстыбатын боппуруостарыгар солбуйааччы Егор Кардашевскай.

Дьокуускай куоракка 2938 элбэх кыбартыыралаах дьиэ баар, итинтэн 1271 дьиэтэ пааспарданыахтаах. Оттук сезонугар бэлэм туһунан пааспар 1249 дьиэҕэ бэриллинэ (98%). Оттон 22 элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ хапытаалынай өрөмүөн ыытылларынан сибээстээн, Арассыыйа Энергетикаҕа министиэристибэтин 2013 сыл кулун тутар 12 күнүнээҕи 103 №-дээх бирикээһигэр олоҕуран, бэлэм туһунан аакта туттарылынна. Бэлэм туһунан аакта 2938 элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ барыларыгар бэрилиннэ (100%).

Итини сэргэ бэрэбиэркэни 307 социальнай тэрилтэ, ол иһигэр оҕо уһуйааннара, оскуолалар, эбии үөрэхтээһин эбийиэктэрэ уо.д.а. аастылар.

Киин куорат территориятыгар 76 хочуолунай баар, ититии эбийиэктэрэ бары 100 % үлэлииллэр. Оттук сезонугар бэлэмнэрин туһунан пааспары 17 ресурсанан хааччыйар тэрилтэ бары ыллылар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...