Дьокуускай – Нам: Бииргэ үлэлэһии тосхоллоро
Бу күннэргэ Дьокуускай куоракка Нам улууһун күннэринэн куорат баһылыга Евгений Григорьев уонна Нам улууһун баһылыга Юрий Слепцов 2019 сыллаахха түһэрсиллибит бииргэ үлэлэһии сөбүлэҥин тосхоллорун чопчулаатылар.
Көрсүһүүгэ куорат баһылыгын нэһилиэктэри сайыннарыыга, тыа хаһаайыстыбатыгар уонна урбааҥҥа солбуйааччыта Владимир Аржаков, Култуура уонна духуобунай сайдыы управлениетын начаалынньыга Индира Ли, куорат кылаабынай архитектора Семен Сергеев, тас сибээскэ уонна норуоттар дьыалаларыгар отдел начаалынньыга Миралюба Киренская кыттыыны ыллылар.
Бэлиэтээн эттэххэ, 2019 сыллаахха Дьокуускай куорат уонна ыаллыы сытар Нам улууһа тыа хаһаайыстыбатын, үөрэх, наука, култуура, экономика, туризм, инвестиция, социальнай эйгэ, ыччат политикатын эйгэтигэр бииргэ үлэлэһии сөбүлэҥин түһэрсибиттэрэ.
Сөбүлэҥ иитинэн бу икки бөдөҥ муниципальнай тэриллии икки ардыгар урбаан, тыа хаһаайыстыбатын, туризм, култуура эйгэтигэр, бөдөҥ судаарыстыбаннай уонна култуура деятеллэрин ааттарын үйэтитиигэ үгүс өрүттээх үлэ ыытыллар.
Көрсүһүүгэ Нам улууһун дэлэгээссийэтэ чуолаан туризм эйгэтигэр киин куорат урбаанньыттарын уонна туроператордарын кытыннарарга, кыттыгас туристыыр маршруттары, оҕо сынньанар, чэбдигирэр бырайыактарын толкуйдуурга этии киллэрдэ.
Нам улууһун олохтоох бородууксуйатынан куорат нэһилиэнньэтин хааччыйааччыларга сир учаастактарын тыырыы боппуруоһа эмиэ таарылынна. Оттон Нам улууһун биир дойдулаахтарын түмсүүтүн салайааччыта Гаврил Местников 2-с Хомустаах нэһилиэгэр бастакы нуучча остуруогун тутар туһунан этии киллэрдэ.