19.10.2022 | 18:30

Дьокуускай мобилизацияламмыттар дьиэ кэргэннэригэр көмөлөһөр

Дьокуускай мобилизацияламмыттар дьиэ кэргэннэригэр көмөлөһөр
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Алтынньы 18 күнүттэн Байыаннай дьайыыга кытта сылдьар дьон дьиэ кэргэттэрин өйүүр Дьокуускай куораттааҕы киин үлэтин саҕалаата. 

Аадырыһа: 
Курашов уул., 1/1, 8, 9, 23, 44 кабинеттар.
Төлөпүөннэрэ: 
8-914-110-60-20
40-88-70
09:00-18:00 чч.
Өрөбүлэ, тохтобула суох.

Бу кииҥҥэ юристар, психологтар, волонтердар өҥөлөрө уонна да атын көмө тэриллиэҕэ. Мобилизацияланан уонна баҕа өттүнэн барбыт дьоҥҥо судаарыстыба уонна өрөспүүбүлүкэ таһымыгар оҥоһуллар көмөнү таһынан, куорат таһымыгар эбии көмө олохтонно: 
– биирдэ бэриллэр 30 тыһ. солк. харчынан көмө; 
– оскуола оҕолорун босхо аһылыгынан хааччыйыы;
–  уопсастыбаннай тырааныспарга оҕолорго босхо айан; 
– уһуйаан төлөбүрүттэн босхолонуу; 
– уһуйааҥҥа оҕолорун уочарата суох ылыы; 
– оҕуруот аһынан көмө; 
– муниципальнай бас билии эбэтэр сир арыандатын төлөбүрүн болдьоҕун уһатыы; 
– сулууспалыы сылдьар дьону наадалаах сэбиргэлинэн хааччыйыы; 
Бу ыйыллыбыт көмөҕө муниципальнай бүддьүөттэн уонна резервэлээх пуондаттан үп көрүллэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....