Дьокуускай куораты тупсарыыга 2,7 млрд солк. кээмэйдээх кирэдьиит харчы кэлиэҕэ
Арассыыйа хааһынатыттан Уһук Илин алта бастакы регионун иһигэр Саха сирин Дьокуускай уонна Нерюнгри куораттарын бырайыактара биир бастакынан үбүлэнэр буолбуттар. Ол туһунан сонуну киэҥник-көрдөрөр иһитиннэрэр тиһиктэргэ СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Саха сиригэр анаммыт уопсайа 3,3 млрд солк. кээмэйдээх кирэдьиит харчыттан чуолаан Дьокуускай куоракка уопсайа 2, 7 мөл. солк. кээмэйдээх үп тиксибит, ол иһигэр: 1,2 млрд солк. -- «Спортивнай» саҥа түөлбэҕэ 240 миэстэлээх оҕо саадын уонна элбэх функциялаах спорт саалатын тутууга, 1,5 млрд солк. -- Ленин болуоссатын, Сайсары кытылын уонна 202-с түөлбэҕэ Роман Дмитриев аатынан кытылы тупсарыыга.
Оттон 500 мөл. солк. курдук кирэдьиит харчы Нерюнгри куоракка балыыһа куорпуһун хапытаалынай өрөмүөнүгэр анаммыт.
Санатар буоллахха, Уһук Илин куораттарын тас көстүүлэрин тупсарыы 2021 сыллаахха Илиҥҥи экономическай форумҥа дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээһининэн саҕаламмыта. Дьокуускай куорат онно биир бастакынан кыттан, маастар-былаан оҥорторбута. Маастар-былааҥҥа нэһилиэнньэ сүрүн кыһалҕата, баҕа санаата учуоттаммыта -- хаарбах уонна саахалланар туруктаах дьиэлэртэн босхолонуу, уулусса, суол ситимин, тиэргэннэри, уопсастыбаннай туоналары тупсарыы.