04.07.2023 | 15:54

Дьокуускай куораттан икки учуутал Арассыыйа таһымнаах бириэмийэ хаһаайына буолла

Дьокуускай куораттан икки учуутал Арассыыйа таһымнаах бириэмийэ хаһаайына буолла
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Арассыыйаҕа буола турар Учуутал уонна уһуйааччы сылынан дойду 1250 бастыҥ учууталыгар, ол иһигэр Саха сириттэн 12 учууталга анал бириэмийэ туттарыллар, диэн Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата иһитиннэрэр. 
Саха сирин 12 бастыҥ учууталын кэккэтигэр Дьокуускай куораттан икки учуутал киирбит – Дьокуускай куорат 7 №-дээх оскуолатын нуучча тылыгар уонна литератураҕа учуутала Надежда Шестакова уонна Дьокуускайдааҕы куорат лицейин химияҕа учуутала Туйаара Жиркова. 
Кыайыылаахтар бары – муниципальнай күрэҕи ааспыт, үөрэх кыһатыгар административнай ноҕуруусканы сүкпэт, үс сылтан итэҕэһэ суох педагог ыстаастаах учууталлар. Бэлиэтээн эттэххэ, муниципальнай күрэххэ 103 учуутал кыттыыны ылбытыттан экспертэр бастыҥнары тус методика, кэлиҥҥи үс сылга үрдүк көрдөрүү, предмети үөрэтиигэ үөрэҕи таһынан үлэни ыытыы о.д.а. курдук критерийдэринэн талбыттар.
Ол курдук, бастыҥ үлэлэрин иһин Арассыыйа таһымнаах бириэмийэнэн наҕараадаланыахтара:
– Туйаара Алексеева, Сунтаардааҕы политехническэй лицей-интэринээт нуучча тылыгар уонна литератураҕа учуутала;
– Равелла Пинигина-Сосина, Таатта улууһун Ытык-Күөл 1№-дээх оскуолатын биологияҕа учуутала;
– Надежда Шестакова, Дьокуускай куорат 7 №-дээх оскуолатын нуучча тылыгар уонна литератураҕа учуутала;
– Раиса Уйгурова, Өлүөхүмэ улууһун Абаҕа орто оскуолатын саха тылыгар уонна литературатыгар учуутала;
– Дарья Криволапова, Мииринэй оройуонун 19 №-дээх оскуолатын физикаҕа учуутала;
– Марианна Кушнир, Нерюнгри куорат 1 №-дээх гимназиятын географияҕа учуутала;
– Екатерина Комарова, Бүлүү куорат 3 №-дээх оскуолатын учуутала;
– Туйаара Жиркова, Дьокуускайдааҕы куорат лицейин химияҕа учуутала;
– Лена Слепцова, Чурапчы орто оскуолатын алын сүһүөх кылаастарга учуутала;
– Инесса Шредер, Нерюнгри куорат 24 №-дээх Информационнай-технологическай лицейин математикаҕа учуутала;
– Ульяна Колесова, Бэрдьигэстээх орто оскуолатын алын сүһүөх кылаастарын учуутала;
– Оксана Семенова, Үөһээ Бүлүү Ботуулуу орто оскуолатын нуучча тылыгар уонна литератураҕа учуутала.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Хотой кырыыhа
Сынньалаңңа | 21.12.2024 | 12:00
Хотой кырыыhа
Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар кыпчыттаран, олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүң тыыннарын өрүhүнэр түбүгэр түстүлэр.     Оргуйа турар сэрии кутаатыттан тэскилээн, суттан-кураантан күрэнэн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, чуумпу-уйгу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки...
Ульяна Корякина:  «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Дьон | 20.12.2024 | 10:00
Ульяна Корякина: «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл алгыс балаҕаныгар Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр” олоҥхотун оллоонноон олорон толорон истээччилэри мунньар эдэркээн кыыс кимий?   – Ульяна, «Киин куорат» ааҕааччыларыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ. – Мин Чурапчы улууһугар Хоптоҕоҕо күн сирин көрбүтүм, улааппытым. Билигин Дьокуускайдааҕы М.Н. Жирков аатынан музыка коллеһын...
2025 сыл – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла
Сонуннар | 20.12.2024 | 18:51
2025 сыл – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла
Ахсынньы 19 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһулааһыныгар кэлэр 2025 сылы Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сылынан биллэрдэ. Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, Саха сиригэр бүгүҥҥү күҥҥэ Аҕа дойду Улуу сэриитин 9 бэтэрээнэ олорор. «Бу саалаҕа анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара – Арассыыйа дьоруойдара, «Эр санаа» уордьанын, «Хорсунун иһин», «Бойобуой үтүөлэрин...