09.09.2022 | 12:00

Дьокуускай куораттааҕы Дуума уочараттаах 39-с сессията ыытылынна

Дьокуускай куораттааҕы Дуума дьокутааттара уочараттаах 39-с сессияҕа 25 боппуруоһу дьүүллэстилэр уонна ылыннылар диэн иһитиннэрдэ Дуума пресс-сулууспата.
Дьокуускай куораттааҕы Дуума  уочараттаах 39-с сессията ыытылынна
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ол иһигэр Оскуола иннинээҕи, уопсай орто уонна  эбии үөрэхтээһин эйгэтигэр боломуочуйалар тустарынан балаһыанньа, Хонтуруоллуур-суоттуур палаата бэрэссэдээтэлин анааһын, куорат уулуссарыгар ааты иҥэрии боппуруостара бааллар.

Сессияҕа дьокутааттар Куорат уокуругун устаабыгар, федеральнай сокуоҥҥа олоҕуран, уларытыылары киллэриини, итиэннэ  2022 уонна 2023-2024 сылларга былааннаммыт куорат бүддьүөтүн быһаарыыларыгар уларытыылары бигэргэттилэр.

Үп департаменын начаалынньыга Ольга Максимова информациятынан, 2022 сыллааҕы куорат бүддьүөтүн чуолкайдааһын 688,2 мөлүйүөн солкуобай улаатыннаран оҥоһуллар. Чуолкайдаммыт былаан дохуот өттүнэн суумата – 26,9 млрд солкуобай. Бүддьүөт ороскуота 688,2 мөлүйүөн солкуобайынан улаатта, былааннаммыт суума – 27,7 млрд солкуобай.

2022 сылга эбии үп үөрэҕирии сайдыытыгар (+ 717,3 мөл), муниципальнай бырагыраамаларга – «“Дьокуускай куорат” куорат уокуругун култуурата 2020-2024 сылларга» (+ 95,9 мөл), «Баай-дуол уонна сир комплексын сайдыыта 2020-2024 сылларга» (+59,8 мөл), «Ыччат. Дьиэ кэргэн. Спорт. Доруобай куорат 2020-2024 сылларга» (+54,4 мөл), «Куорат уокуругун нэһилиэнньэтин дьиэнэн хааччыйыы 2020-2024 сылларга» (+ 34,6 мөл), «Куорат уокуругун агропояһын сайыннарыы 2020-2024 сылларга» (+34,3 мөл), «Куорат уокуругун ОДьКХ үлэлэтии уонна сайыннарыы 2020-2024 сылларга» уо.д.а. хайысхаларга көрүлүннэ.

Итини сэргэ, дьокутааттар Куорат уокуругун бүддьүөтүн туһунан балаһыанньаҕа, территориятын тупсарыы, итиэннэ сирин туһаныы уонна тутууну ыытыы быраабылаларыгар уларытыылары киллэриини бигэргэттилэр.

Итини таһынан, «Саҥа уулуссаларга уонна переулоктарга ааты иҥэрии туһунан» уураахха уларытыы киллэрилиннэ, Евгений Евтушенко, Степан Васильев ааттарынан уулуссалар, Сергей Васильев-Борогонскай аатынан переулок баар буоллулар.

Сессияҕа Оскуола иннинээҕи, уопсай орто уонна  эбии үөрэхтээһин эйгэтигэр боломуочуйалар, муниципальнай үөрэҕирии тэрилтэлэрин үбүлээһин тустарынан балаһыанньа бигэргэтилиннэ, куорат уокуругун  Хонтуруоллуур-суоттуур палаататын бэрэссэдээтэлэ ананна. Куоластааһын түмүгүнэн Виктор Ушницкай кандидатурата бигэргэтилиннэ.

Дуума дьокутааттара Иван Анисимовка, Семен Жирковка, Мария Жорницкаяҕа, Иван Кычкиҥҥа, Александра Черниноваҕа, Игорь Черскэйгэ мемориальнай дуосканы туруорар туһунан быһаарыыны ылыннылар. Итини таһынан «Дьокуускай куорат бочуоттаах олохтооҕо» ааты иҥэрии, «Дьокуускай иннигэр үтүөлэрин иһин» бэлиэнэн наҕараадалааһын кандидатураларын сөпсөстүлэр.  

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...