Дьокуускай куораттааҕы Дуума дьокутааттара суол өрөмүөнүн бэрэбиэркэлээтилэр
Көһө сылдьар мунньахха Дьокуускай куораттааҕы Дуума дьокутааттара Феликс Романов уонна Николай Васильев, СӨ Тырааныспарга министиэристибэтин, «Главстрой» МХТ, «Биир Ньыгыл Арассыыйа» Баартыйа, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ уонна бэдэрээтчит тэрилтэлэр бэрэстэбиитэллэрэ кытыннылар.
Мунньах кыттыылаахтара Федор Попов уулуссатыгар уонна Энергетиктэр переулоктарыгар, Богдан Чижик уулуссатыттан Кальвицаҕа диэри учаастак өрөмүөнүн көрдүлэр.
Итиэннэ дьокутааттар кэккэ уулуссалар хапытаалынай өрөмүөннэрин көрдүлэр:
- Очиченко уул., (Б. Марлинскай уулуссатыттан 1-кы холуонньаҕа диэри);
- Пирогов уул., (Петр Алексеев уулуссатыттан Жорницкайга диэри);
- Бабушкин уул., (Советскай Армия 50 сыла уулуссаттан Очиченкоҕа диэри);
- Труд уул.;
- Щорс күөлүн кытыытынааҕы уулуссалары.
Дьокутааттар куоракка массыына суолларын туруга тупсубутун бэлиэтээтилэр. Өрөмүөн хаачыстыбалаах буолбут уонна болдьоммут кэмигэр ыытыллар.
«Аспаал-бетон бүрүөһүнүн ууруу технологическэй өттүн, сырдатыы тирээбиллэрин, хааччахтары таһаарыы туһунан этэр буоллахха, барыта ГОСТ ирдэбиллэригэр эппиэттиир. Сакаасчыт өттүттэн суһал быһаарыылар ылыллыбыттарын бэлиэтиэхпин баҕарабын. Алексей Михайлович Варламов салалтатынан профессионаллар хамаандалара соруктары ситиһиилээхтик толорор», - диэн кэпсээтэ Дьокуускай куораттааҕы Дуума дьокутаата, «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак регионнааҕы координатора Феликс Романов.
Көһө сылдьар мунньах түмүгүн таһааран, Дьокуускай куораттааҕы Дуума бэрэссэдээтэлэ Альберт Семенов суол оҥоһуута саамай тыын боппуруос буоларын, ол иһин эбийиэктэргэ сылдьан үлэ хаачыстыбатын бэрэбиэркэлиир тоҕоостооҕун бэлиэтээтэ.