Дьокуускай куораттааҕы Дуума 40-с уочараты таһынан сессията ыытылынна
Сессияҕа Дьокуускай куораттааҕы Дуума, Олохтоох дьаһалта структурнай салааларын салалтата уонна бэрэстэбиитэллэрэ, киин куорат Прокуратурата уонна Хонтуруоллуур-суоттуур палаатата кытыннылар.
Дьокутааттар ««Дьокуускай куорат» куорат уокуругар Сири туһаныы уонна тутуу быраабылалара» 169-НПА №-дээх нормативнай быраап аактатыгар уларытыылары киллэриини бигэргэттилэр.
Уларытыылар федеральнай суолталаах бырайыагынан – М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Мединститутун виварийдаах Үөрэтэр-научнай куорпуһун 68-с кыбаарталга турар сирин кытта сибээстээх.
Дьокуускай куорат кылаабынай архитектора Семен Сергеев бэлиэтээбитинэн, ити бырайыагы ылыныы куорат уокуругун бүддьүөтүттэн ороскуоту таһаарбат.
Сокуону кытта сөп түбэһиннэрэр курдук дьокутааттар «Куорат уокуругун тутуутун олохтоох нормативтарын бигэргэтии туһунан» 278-НПА №-дээх нормативнай быраап аактата күүһүн сүтэрбитин билинэр быһаарыыны ылыннылар.
Итини таһынан, сессияҕа Дьокуускай куораттааҕы Хонтуруоллуур-суоттуур палаата аудиторын анааһын туһунан боппуруоһу дьүүллэстилэр. Куоластааһын түмүгүнэн Неустроев Герман Робертович кандидатурата бигэргэтилиннэ.