31.07.2024 | 10:56

Дьокуускай куорат сиригэр-уотугар баһаартан сэрэхтээх буолуу кэккэ ирдэбиллэрэ

Дьокуускай куорат сиригэр-уотугар баһаартан сэрэхтээх буолуу кэккэ ирдэбиллэрэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Олохтоох дьаһалта тыа хаһаайыстыбатыгар управлениета Дьокуускай куорат сиригэр-уотугар – тыа хаһаайыстыбатын аналынан туттуллар бары сиргэ-уокка, саппаас сирдэргэ, нэһилиэнньэлээх пууннарга – хаппыт оту, маһы, бөх бары көрүҥүн уматар, өртөөһүн үлэтин ыытар кытаанахтык бобулларын санатар. 
Ол курдук, Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтатын тыа хаһаайыстыбатыгар управлениета таһаарбыт бирикээһинэн, куорат таһынааҕы нэһилиэктэр дьаһалталарын, тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэрин, бааһынай, фермерскэй хаһаайыстыбалар салайааччылара ыһыы, хомуур, оттооһун чэрчитинэн баһаартан сэрэхтээх буолуу боппуруостарын тус хонтуруолларыгар ылаллар. 
«Дьокуускай куорат» Куорат уокуругун территориятыгар киирэр тыа хаһаайыстыбатын аналынан туттуллар бары сирдэргэ сэтиэнэҕи уматар, өртөөһүнү ыытар кытаанахтык бобуллар. 
Салайааччылар ойууртан, хонуу усулуобуйатыгар ньиэп бородуукталарын харайар уонна сапараапкалыыр пууннартан, нэһилиэнньэлээх пууннартан чугас бары бас билэр, эппиэттээх сирдэрин-уоттарын хаппыт, кураанах оттон-мастан, умайар бөхтөн ыраастааһыны хааччыйыахтаахтар. Маны таһынан, уот турар түгэнигэр дьоҥҥо куттал суоһаабатын хааччыйары мэһэйдиир баһаартан сэрэхтээх буолуу ирдэбиллэригэр сөп түбэспэт дьиэлэри, тутуулары үлэҕэ-хамнаска о.д.а. туһаныы бобуллар, диэн иһитиннэрэр Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...