12.09.2021 | 10:00

Дьокуускай куорат мин харахпынан

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Сахабыт сирин килбэйэр киинэ, тапталлаах куораппыт 389 сааһын томточчу туоларынан барыгытын эҕэрдэлиибит. Биһиги ааҕааччыларбытыттан Дьокуускай куорат дьон олороругар туох үчүгэйдээҕин уонна мөкү өрүттэрдээҕин ыйыталастыбыт.

 

Маргарита, 29 саастаах, маҕаһыын атыыһыта:

Куорат кытыытынааҕы оройуоннары тоҕо сайыннарбаккыт? Куорат киинигэр түргэнник кэлэр-барар уустук. Уопсастыбаннай тырааныспары  уларытыахха уонна сайыннарыахха наада. Биһиги ааспыт үйэ 70-с сылларыгар олорор курдукпут. Ол да буоллар, куораппын таптыыбын ээ. Куорат салалтата маны ааҕар буоллаҕына, оптуобустар сырыыларын уонна туруктарын хонтуруолга ылара буоллар.  Суол боппуруоһа олус сытыытык турара кимиэхэ даҕаны кистэл буолбатах. Ону ааһан, оҕо уһуйаана, оскуолата эмиэ хас биирдии куорат олохтооҕор сытыы кыһалҕа.

 

Наталья, биэнсийэлээх:

Куорат – бу каартаҕа көстөр территория эрэ буолбатах, бу – дьон-сэргэ олоҕо уонна эйгэтэ. Киин куорат комплекснай стратегията киһи олоҕор-дьаһаҕар эппиэттиир буолуохтаах. Онуоха куорат баһылыга уонна нэһилиэнньэ улахан соруктары туруоруохтарын наада.

Бэйэм үйэм тухары куоракка олордум. Кэргэним нуучча киһитэ этэ, эдэр сааһыгар олохтон туораабыта. Үс уоллаахпын. Биирим Питергэ, иккиһим Москваҕа, үсүһүм бэйэбин кытта манна баар. Эһиил кыра уолум үөрэҕин бүтэрдэ эрэ, көһөр былааннаахпын. Бэйэм бааһынай дьүһүннээхпин. Ол эрэн сахалыы иитиилээх киһибин. Уолаттарым эмиэ сахалыы иитиилээхтэр, ол эрээри тоҥ нуучча көрүҥнээхтэр. Бу сыллар тухары оҕолорбун араастаан сирэй-харах анньан көрдүлэр. Национализм тыына баар, суох буолбатах. Сахалар атын омуктары туораталлар. Ол иһин оҕолорум атын куорат кыһаларыгар үөрэммиттэрэ. Саха сиригэр үөрэх таһыма эппиэттээбэт. Билигин даҕаны уһуйаан, оскуола тиийбэт. Хата, чааһынайдар баар буолан абырыыллар. Былыр дьиэ сыаната чэпчэки эрдэҕинэ ылыммытым да үчүгэй. Куорат сайдара, ырааһырара, тупсара миэхэ олох көстүбэт. Суол да суох, таһым да үрдээбэт, олус кирдээх.

 

Ангелина, 26 саастаах, учуутал:

Хамнас олох кыра. Сыана ыарахан. Дьиэ-уот  сыаната эмиэ, куортамым ыйга 30 тыһ. тиийэр, олорор усулуобуйа атын куораттарга тиийбэт.

Уулуссаларбыт бырааһынньык эбэтэр улахан тойон кэлээри, тэрээһин ыытыллаары гыннаҕына биирдэ хомуллар курдуктар. Көннөрү күҥҥэ ханна баҕарар табах окуурагын, бытыылканы, пиибэ хаҕын көрөҕүн. Киин уулуссаҕа бөх тоҕор уурна да суох буолааччы, кытыы өттүн этэ да барбаппын.

Дьон менталитета кэлиҥҥи сылларга олус уларыйда. Майгыбытын көрүнүөххэ наада буолбут. Уопсастыбаннай тырааныспар сырыыта да, бэйэтэ да наһаа эрэйдээх. Суолбут быстар мөлтөх, Ленин проспега буомбаламмыт курдук. Уопсайынан, киһи олороругар туох даҕаны усулуобуйа суох. Киинэ театра, маҕаһыын, сквер аҕыйах. Чугас доҕотторум уонна биһиги дьиэ кэргэнинэн атын куоракка көһөр былааннаахпыт.

 

Петр, 40 саастаах, суоппар идэлээх:

Мин көрдөхпүнэ, 17-с кыбаарталбыт, Сайсары уокуруга  сэбиэскэй кэм саҕаттан уларыйбата. Хас кэлбит баһылык тупсарыах аатырар да, туох даҕаны үлэ барбат. Бэйэм геологтар оройуоннарыгар олоробун. Манна биир да спортивнай саала суох. Оҕолор футболлуур, волейболлуур, оонньуур балаһааккалара суох. Дьарыктанар тренажердар суохтар. Саас буолла эрэ, барыта чалбах, бадараан. Ыарахан хартыына.

 

Светлана, 42 саастаах, бүддьүөт тэрилтэтин исписэлииһэ:

Мин куорат килбэйэр киинигэр олоробун. Хомойуох иһин, канализация боппуруоһа баччааҥҥа диэри быһаарыллыбакка турар. Дьокуускайга киин уулуссанан киһи уһуннук сатыы сылдьыбат, сыт-сымар бөҕө.

 

Роман, 37 саастаах, тутуу үлэһитэ:

Дьокуускай куорат кыраһыабай куорат эрээри, инфраструктура өттүнэн олох мөлтөх. Кыра ардах кэлэн түстэ даҕаны, киһи сатыы сатаан сылдьыбат. Инньэ гынан, “тос” курдук сыанаҕа таксиланарга тиийэҕин. Куорат киин уулуссатын эрэ буолбакка, кытыы сирдэрин эмиэ аспааллыахха наада. Бородуукта сыаната наһаа үрдүк, олох-дьаһах таһыма эмиэ быстар мөлтөх. Дьиҥинэн, сайдыы барар ээ... Дьиэлэр тутуллаллар, мас дьиэлэри көтүрэллэр, саҥа эбийиэктэри үлэҕэ киллэрэллэр... Мин этиим маннык: куорат киин суолларын эрэ буолбакка, кытыы уулуссалары эмиэ аспааллааҥ. Аны уон сылынан Дьокуускайбыт сайдарыгар эрэнэбит.

 

Алла уонна Сергей, эдэр ыал:

Биһиги элбэх оҕолоох ыалбыт. Муниципальнай уһуйаан тиийбэтэ – тыын боппуруос. Оҕолорбут чааһынай уһуйааннарга сылдьаллар. Быһа холоон ыйга 10-15 тыһыынчаны төлүүбүт. Оскуола эмиэ туспа кыһалҕа. Улаҕан оҕом Промышленнай уокурукка тиийэн үөрэнэр, таһарга эрэйдээх. Сыллата сыана ыарыы турар, хамнас үрдээбэт. Ас-үөл, ОДьКХ өҥөтө – барыта ыарахан.

203-с оройуоҥҥа олоробут да, туох да киһи ымсыырара, хайгыы көрөрө суох. Сыл ахсын дьиэ тутуутун хаачыстыбата мөлтөөн иһэр. Суол туһунан этэ да барбаппыт. Киһи сынньанарыгар эмиэ туох даҕаны усулуобуйа суох. Оҕолорго биир паарка эрэ баар. Саас барыта бадараан, чалбах. Сайын буолла эрэ барыта быыл, кир. Киин уулуссанан киһи сатыы сылдьыбат, тротуардар да өрөмүөннэммэттэр.

 

Ирина Евгеньевна, биэнсийэлээх:

Дьокуускай сайыҥҥы кэмҥэ быыллаах, кирдээх, тоҕо?! Былыргыттан куорат намыһах сиргэ тутуллубут. Оттон сэбиэскэй кэмҥэ куораты тутан киирэн бараллар. Ити кэмҥэ уу систиэмэтин учуоттаабатахтар, инньэ гынан сорох уулуссаларбыт кыараҕастар. 90-с сылларга мээр Михальчук куораты салайбыта. Ол түмүгэр бүгүн биһиэхэ баар көстүү: барыта “пробка”, уубут тэстэр уонна тоҥон хаалар, хобдох үүнээйилэрбит быылга кубулуйдулар.

Нэһилиэнньэ кэнники сылларга олохтоох дьон суотугар улаатар. Кэм-кэрдии ааһан иһэр да, туох да тупсубат дии саныыбын. Куораппыт бүддьүөт үлэһиттэрин харчытыгар тыынан олорор. Сыанабыт ыарахан, олохтоох бородууксуйабыт эмиэ ыарахан. Инньэ гынан, кэлии эти сиибит. Омуктар аҕалар фрукталара, оҕуруоттарын аһа өр буолбат, түргэнник буорту буолар. Саҥа баһылыкпыт олох хаачыстыбыта тупсарыгар үлэлиэ диэн бүк эрэллээхпин. Билиҥҥитэ биһиги куораппытыгар киһи олорор усулуобуйата суох.

 

Милена, 36 саастаах, экономист идэлээх:

Оскуолалар тобус-толору буолан тураллар. Тоҕо элбэх оскуоланы туппаккытый?

Куорат улаатан, таас дьиэлэр бүтүн микрооройуоннарга кубулуйаллар, сыанабыт бас-баттах барар.  Кыһын уулуссаҕа туус оннугар кумах кутар буоланнар, сайыны быһа быылынан тыынабыт. Аны саатар кутан бараннар ыраастаабаттар, суолга хаалар, хастыы эмэ туонна суолга сытар. Дьокуускай нэһилиэнньэтэ 330 тыһ. диэн суруйаллар эрээри, кырата 500 тыһ. тахса киһи баар быһыылаах. Куораппыт аныгы кэм ирдэбилигэр эппиэттээбэтэ хомолтолоох. Хас сарсыарда аайы суолга “пробка”, сүүһүнэн массыына турар. Билигин ыал аайы массыына баар ээ. Суоллары кэҥэтэллэрэ буоллар диэн баҕа санаалаахпын.

 

Харысхан, 30 саастаах, баан үлэһитэ:

Арассыыйаҕа уонна кыраныысса таһыгар элбэхтик сырыттым. Атын куораттары кытта тэҥнээн көрдөхпүнэ, төрөөбүт сирим-уотум, дойдум барыта чугас курдук. Төһө даҕаны быыллаах, кирдээх буоллар, Дьокуускайым миэхэ ордук күндү. Биллэн турар, инфраструктура өттүнэн балысхан сайдыылаах куораттарга тиийбэппит. Ол эрээри, олох манна устар, таһым сыллата үрдүүр.

Адам, 44 саастаах, тутааччы:

Уопсайынан, дьиҥнээх хартыынаны ылан көрдөххө, куоракка ханна да хаачыстыбалаах үлэ барбат. Суолларбыт куһаҕаннык оҥоһуллаллар, хаар түһэ турдаҕына аспаал куталлар. Оннооҕор тротуардары үчүгэйдик оҥорор кыахтара суох. Ханна эрэ билиитэтэ тиийбэт, ханна эрэ алдьанан сытар.

Ол да буоллар, киһи төрөөбүт куората, дойдута сүрэҕэр чугас буолар. Түгэнинэн туһанан, куорат олохтоохторун Дьокуускайбыт төрөөбүт күнүнэн эҕэрдэлиибин!

Ити курдук, нэһилиэнньэ санаатын иһттибит. Кэпсэппит дьонум олох таһыма намыһаҕын ыйаллар, ол эрээри төрөөбүт дойдуларын олус күүскэ таптыыллар эбит.

Күндү ааҕааччылар, куорат сайдыытыгар этиилэргитин, санааларгытын эрэнэ күүтэбит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....