10.09.2022 | 16:00

Дьокуускай куорат Дууматын 200 сыллаах үбүлүөйэ бэлиэтэннэ

Балаҕан ыйын 9 күнүгэр П.А. Ойуунускай аатынан академическай театрга Дьокуускайга аан бастакы бэрэстэбиитэллээх уорган – куорат Дуумата төрүттэммитэ 200 сылыгар анаммыт үөрүүлээх мунньах ыытылынна.
Дьокуускай куорат Дууматын 200 сыллаах үбүлүөйэ бэлиэтэннэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Тэрээһин «Дьокуускай куорат бэрэстэбиитэллээх уорганын историята» театрализованнай көрдөрүүттэн саҕаланна, итиэннэ Дуума дьокутааттарын уонна үлэһиттэрин хора Дьокуускай гимнин толордулар.

Дьокуускай куораттааҕы Дуума историята 1822 сылга Арассыыйа биллиилээх реформатора Михаил Сперанскай «Учреждение для управления сибирских губерний» дьаһалы бигэргэппититтэн саҕаланар. Итиннэ олоҕуран Дьокуускай орто куораттар ахсааннарыгар киирбитэ, куорат ратушата тэриллэр буолбута. Хайа күн тэриллиэҕиттэн ыла Дьокуускай куорат Дуумата норуокка саамай чугас, олох тупсуутун уонна киин куорат сайдыытын туһугар үлэлиир былаас уорганынан буолар.

Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ киин куорат бэрэстэбиитэллээх уорганын  салайааччылара уонна дьокутааттара, өрөспүүбүлүкэ уонна куорат салалтата, Саха сирин уонна Арассыыйа муниципальнай тэриллиилэрин уонна бэрэстэбиитэллээх уорганнарын салайааччылара, уопсастыбаннас кытыннылар.

«Биһиги, Дьокуускай куораттааҕы Дуума дьокутааттара, былаас систиэмэтин үлэтин таһымын үрдэтэргэ олохтоох бэйэни салайыныыга сүрүн оруол ананарын өйдүүбүт. Дьокуускай куорат сайдыыта бигэ туруктаах, нэһилиэнньэ олоҕун усулуобуйата тупсарын, куорат эйгэтэ олорорго бары өттүнэн табыгастаах буоларын туһугар туох баар күүспүтүн-уохпутун ууруохпут», - диэтэ Дьокуускай куорат Дууматын Бэрэссэдээтэлэ, РФ Бэрэсидьиэнин иһинэн үлэлиир Олохтоох салайыныы сэбиэтин чилиэнэ Альберт Семенов.

Кини кэллиэгэлэригэр, Дьокуускай куорат Дууматын бары ыҥырыылаах мунньахтарын дьокуутааттарыгар, муниципальнай сулууспалаахтарга уонна бэтэрээннэргэ үтүө суобастаах үлэлэрин, олохтоох салайыныы сайдыытыгар кылааттарын, куораттарыгар тапталларын иһин истиҥ махталын биллэрдэ.  

«Дьокуускай куораттааҕы Дуума дойду таһымыгар иһиллэр куоластаах, Арассыыйа муниципальнай тэриллээһиннэрин ортотугар улахан аптарытыатынан туһанар. Итиннэ, биллэн турар, дьокутааттар улахан өҥөлөрө баар, бүгүн кинилэргэ дириҥ махталбытын уонна ытыктабылбытын биллэрэбит», - диэтэ эҕэрдэ тылыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев.

Кини бүгүҥҥү күҥҥэ Дьокуускай куорат иннигэр саҥа соруктар туралларын уонна сүрүн сыал – 2032 сылга өрөспүүбүлүкэ киин куоратын 400 сылын дьоһуннук көрсүү буоларын бэлиэтээтэ.  Дьокуускай Уһук Илиҥҥэ уонна Арассыыйаҕа экономическай сайдыыга, саҥа технологиялары киллэриигэ, дьон олоҕун хаачыстыбатын тупсарыыга холобур буолар, инники кэккэҕэ сылдьар регион киинэ буолуохтааҕа этилиннэ.

 Эҕэрдэ тылы Ил Түмэн Судаарыстыбаннай мунньах Бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев, СӨ бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Кирилл Бычков, куорат баһылыга Евгений Григорьев эттилэр. Үөрүүлээх мунньахха «Дьокуускай куорат бэрэстэбиитэллээх уорганын 200 сыла» үбүлүөйдээх мэтээллэри уонна наҕараадалары туттардылар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...