Дьокуускай куорат Думата сири туһаныы уонна тутуу Быраабылаларыгар уларытыыны бигэргэттэ
Уокуруктааҕы дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, киин куоракка Каландаришвили аатынан уонна «Родничок» муниципальнай оҕо лааҕырдарын территорияларыгар 21 уонна 31 №-дээх оскуолалар филиалларын тутуута дьүүллэһиллэр. Ол эрэн, сайыҥҥы кэмҥэ ити эбийиэктэр оҕо сайыҥҥы лааҕырын быһыытынан үлэлэрин салҕыыллара былааннанар.
Бала5ан ыйын 22 күнүгэр Уокуруктааҕы дьаһалтаҕа Альберт Семенов бэрэссэдээтэллээх Дьокуускай куорат Думатын 32-с (уочараты таһынан) сессията ыытылынна. Манна «Дьокуускай куорат» уокуругар сири туһаныы уонна тутууну ыытыы Быраабылаларыгар уларытыыны киллэрии туһунан боппуруос көрүлүннэ.
«ВЭБ.РФ» судаарыстыбаннай корпорация кыттыылаах СӨ территориятыгар уонна Дьокуускай куоракка үөрэҕирии тэрилтэлэригэр эбии миэстэлэри тэрийии бырайыагын чэрчитинэн, куораты тутуу регламенын Р-4, Р-5 зоналарыгар, итини сэргэ, элбэх оҕолоох ыалларга сир учаастактарын биэрэр сыаллаах, Бүлүүлүүр тракка баар территориальнай зоналарга уларыйыылар киирдилэр. Щорс күөлүгэр баар эко-паарка кыһыҥҥы өттүгэр кустарын, хаастарын уонна кубаларын тутарын курдук, Маҥанныыр тракка баар зоналарга эмиэ уларыйыылары киллэрдилэр.
Куорат былааһа Каландаришвили аатынан уонна «Родничок» муниципальнай оҕо лааҕырдарын территорияларыгар 21 уонна 31 №-дээх оскуолалар филиалларын тутуутун былаанныыр. Инники өттүгэр итинник хамсааһын «Радуга», «Спутник» уонна «Бинго» лааҕырдар территорияларыгар буолара күүтүллэр.
«Билиҥҥи туругунан, былааҥҥа икки эбийиэк – Каландаришвили аатынан уонна «Родничок» муниципальнай оҕо лааҕырдара киирдилэр. Атын эбийиэктэргэ тутууга уонна инженернэй ситимнэргэ холбонууга биһирэнэр түмүк ирдэнэр», – диэн иһитиннэрдэ куорат тутуутугар уонна тырааныспар инфраструктуратыгар Департамент салайааччыта Северина Архипова. Эбийиэктэр үлэҕэ 2024 сылга киирэллэрэ былааннанар.
Сессия уонна депутаттар дьүүллэһиилэрин түмүгүнэн ити боппуруоһу биир санаанан өйөөтүлэр.
«Куораты тутуу регламеныгар, «ВЭБ.РФ» судаарыстыбаннай корпорация бырайыагын чэрчитинэн, Дьокуускай куорат оскуолаларыгар эбии миэстэлэри оҥорор курдук уларыйыылары киллэрдибит. Оскуолалары тутарга сир учаастактарын бэлэмнээһин ыытыллар, сүрүннээн, кинилэр оҕо лааҕырдарын территорияларыгар баар буолуохтара. Үлэ түмүгүнэн 1800 кэриҥэ саҥа үөрэх миэстэлэрин оҥоруохпут», – диэн бэлиэтээтэ Дьокуускай куорат Думатын бэрэссэдээтэлэ Альберт Семенов.