23.10.2021 | 17:00

Дьокуускай куорат бочуоттаах гражданина — граф

Дьокуускай куорат бочуоттаах гражданина — граф
Ааптар: Дьокуускай куорат Дууматын пресс-сулууспатын уонна СИА матырыйаалларынан Айыына Ксенофонтова бэлэмнээтэ
Бөлөххө киир

Оруобуна биир үйэ, 131 сыл анараа өттүгэр, 1890 сыл алтынньы 25 күнүгэр, граф Алексей Игнатьевка Дьокуускай куорат Бочуоттаах гражданинын аатын иҥэрэр туһунан көрдөһүүгэ илии баттаммыта.

Ураты категория

(история чахчылара)

Арассыыйа империятыгар 1832 сыллаахха ыраахтааҕы Николай I суругунан этиитинэн “бочуоттаах гражданнар” диэн ураты категория үөскээбитэ. Дворянин сыдьааннара буолбатах атыыһыттар, чунуобунньуктар, духовенство, култуура уонна наука деятеллэрэ бу үрдүк аакка-суолга тиксэр бырааптаммыттара. Тус эбэтэр удьуорунан бэриллэр бочуоттаах гражданство грамотата анал быһаарыынан туттарыллара.

1863 сыллаахха куораттарга бочуоттаах гражданство института баар буолбута, бу аат-суол Арассыыйа империятын олохтоохторугар (ханнык баҕарар араҥа бэрэстэбиитэлигэр), ону таһынан омук дьонугар куорат сайдыытыгар ураты өҥөлөрүн-үтүөлэрин иһин иҥэриллэрэ. Бочуоттаах гражданствоҕа киирии Бырабыыталыстыба Сенатын эбэтэр ыраахтааҕы ыйааҕын быһаарыытынан оҥоһуллара.   

 

Түһээнтэн босхолоноллоро

Биллэр-көстөр историк, 40-тан тахса кинигэ, үгүс ыстатыйа ааптара Пантелеймон Петров бэлиэтииринэн, 1845 сыл бэс ыйын 11 күнүттэн 14-10 кылаастаах чунуобунньуктар өр сыллаах бэриниилээх үлэлэрин иһин (ыстаастарынан) бочуоттаах гражданнар кэккэлэрин кэҥэтэллэрэ.  XIX-с үйэ иккис аҥаарыттан куорат сайдыытыгар ураты кылааттарын киллэрбит дьоҥҥо “Бочуоттаах гражданин” ааты Куорат дуумата иҥэрэр буолбута.

Бочуоттаах аат-суол түһээнтэн, байыаннай бэбииннэстэн уонна эт-хаан өттүнэн накаастааһынтан босхолуура. Бочуоттаах гражданнар куорат быыбардарыгар кыттар, Куорат дууматын мунньахтарыгар сылдьар, уопсастыбаннай дуоһунастарга тиксэр бырааптаналлара. Кинилэр онон үйэлэрин тухары эбэтэр нэһилиэстибэнэн туһанар кыахтаахтара.

 

Граф Алексей Игнатьев

1886 сыл сайыныгар граф Алексей Павлович Дьокуускайга уобаластааҕы уонна куорат салайар уорганнарын үлэлэрин бэрэбиэркэлиир сыаллаах Саха сирин губернатора Константин Светлицкэйи кытта борохуотунан бииргэ кэлбиттэр.

Граф Игнатьев Дьокуускайга кэлиэн иннинэ уулуссалары уонна тиэргэннэри ыраастыыр туһунан дьаһала иһиллибитэ. Саха сирин киин куората үрдүк сололоох ыалдьыты уонна кини арыалдьыттарын хаһааҥҥытааҕар даҕаны ыраастык уонна тупсаҕайдык көрсүбүтэ, ол кэрэхсэбиллээх түгэни хаартыска кэрэһилиир.

СӨ Национальнай архыыбын сүрүн архивиһа Андрей Казаев СИАҕа таһаартарбыт матырыйаалынан, граф Алексей Павлович Игнатьев Дьокуускайга 1886 сыллаахха Илин Сибиир генерал-губернаторын (Иркутскай губернатора) дуоһунаһыгар сылдьан дьиэ кэргэнин илдьэ «Генерал Синельников» борохуотунан кэлэн, икки нэдиэлэ буолбут. 1886 сыл от ыйын 5 күнүгэр кэлбит уонна от ыйын 20 күнүгэр төннүбүт. Кини манна олохтоох нэһилиэнньэ сүрүн кыһалҕаларын кытта билсибитин түмүгэр ыар буруйдаах хаайыылаахтары киин Арассыыйаҕа утаарыы, медицина, ветеринария, тыа хаһаайыстыбатын эйгэлэригэр элбэх дьоһун дьаһал ылыллыбыт. Ол иһигэр Дьокуускай куорат Мархатыгар олохсуйбут аттакылар үүннэрэр бурдуктарын сиэмэтин Иркутскайга чинчийиигэ ыытары ситиспитэ наука сайдыытыгар сөҕүмэр кылааттааҕа саарбахтаммат.

Уопсайынан, Игнатьев генерал, архыып докумуоннара кэпсииллэринэн, бэрт сиэрдээх салайааччы курдук көстөр. Ону Боотуруускай улуус дьоно Эр дьон прогимназиятын иитиллээччилэригэр кини аатынан истипиэндьийэ олохтоору гыммыттарын сиэрэ суоҕунан ааҕан аккаастаммытыгар, ол оннугар хомуйбут харчыларын бырыһыанын дьадаҥы үөрэнээччилэргэ түҥэтэргэ сүбэлээбитигэр, Дьокуускай куорат Дуумата кинини Бочуоттаах гражданин оҥоро сатаабытын дуоһунаһынан үлэтин толорбутунан быһааран, ол үрдүк наҕараадаттан эмиэ аккаастаммытыгар о.д.а. быһыыларыгар көрүөххэ сөп. Инньэ гынан сахалар Игнатьевка Дьокуускай куорат Бочуоттаах гражданинын аатын иҥэрэр туһунан хадатаайыстыбаларын кини атын дуоһунаска көспүтүн кэннэ сөргүппүттэр. Ол суругу император Александр III 1890 сыл алтынньы 25 күнүгэр бигэргэппитигэр, граф Саха сирин губернатора В. З. Коленко аатыгар Саха сирин уопсастыбаннаһыгар махталын биллэрбит, итиэннэ Дьокуускай куоракка уонна олохтоохторугар сайдыыны баҕарбыт суруга архыыпка кичэллээхтик харалла сытар эбит.

Бэлиэтээн эттэххэ, граф Алексей Игнатьевы аҕалбыт уунан устар аал тохтообут сирэ кэнэҕэһин “Граф биэрэгэ” диэн ааттаммыта, борохуокка эмиэ кини аата иҥэриллибитэ биллэр. Үрдүк чыыннаах уонна Саха сирин сайдыытыгар дьоһун кылааты киллэрбит ыалдьыт дьон өйүгэр-санаатыгар ити курдук үйэтитиллэн турар.

 

Граф Алексей Игнатьев – Дьокуускай куорат бастакы Бочуоттаах гражданнарыттан биирдэстэрэ диэн Дьокуускай куорат Дууматын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Евдокия Евсикова кэпсиир.

 “Ханнык да кэмҥэ олорбуттарын, ханнык да идэҕэ олохторун анаабыттарын иһин, Дьокуускай куорат Бочуоттаах гражданнарын биир үтүө хаачыстыба – бэйэ дьыалатыгар эппиэтинэстээх буолуу сомоҕолуур! Кинилэр олохторун сүрүн кэрдиис кэмнэрин үөрэтэн, 390 сыллаах история былаһын тухары  Дьокуускай куорат төрүттэниитигэр, атаҕар туруутугар, сайдыытыгар араас көлүөнэ дьон кылааттарын билэн-көрөн, куорат кэскилин – ыччатын олоххо көхтөөх уонна куорат дьылҕатын туһугар эппиэтинэстээх буола иитэргэ олук уурабыт. Итиэннэ, биллэн турар, Дьокуускай куорат Бочуоттаах гражданнарын ортотугар Алексей Игнатьев дьоһун миэстэни ылар”, – диэн Евдокия Ивановна санаатын үллэстэр.

 

Үрдүк билинии бэлиэтэ

Санатан эттэххэ, “Дьокуускай куорат бочуоттаах гражданина” аат сыл аайы Куорат күнүгэр хас да киһиттэн талыллан, биир дьоһун хандьыдаакка иҥэриллэр. Бу гражданнар куорат тупсарын, чэчирии үүнэрин-сайдарын туһугар уһулуччу үтүөлэрин уонна тус үлэлэрин, өҥөлөрүн  үрдүк билинии бэлиэтэ. Бочуоттаах гражданин ый аайы харчынан дьоҕус төлөбүрү ылар.  

 

Эрэдээксийэттэн 

2018 сыллаахха “Киин” киинэ театрын кэннигэр куораппыт социальнай-экономическай сайдыытыгар сүдү кылааттаах дьон аатын үйэтитэр “Дьокуускай куорат бочуоттаах гражданнара” мемориальнай дуоска туруоруллубута. Бу үрдүк аат-суол куорат хайа төрүттэниэҕиттэн сүүстэн тахса киһиэхэ иҥэрилиннэ. Кинилэр олохторо – историческай суолталаах нэһилиэстибэ, Ийэ дойдуга бэриниилээх буолуу туоһута, дьон туһугар килбиэннээх үлэ үтүө холобура. 

Наҕараадалааһын түгэниттэн
Киин куорат баһылыга Евгений Григорьевы кытта. 2021 сыл, балаҕан ыйын 12 күнэ.

Быйыл “Дьокуускай куорат бочуоттаах гражданина” үрдүк аат икки киһиэхэ иҥэрилиннэ: Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үрдүкү суутун судьуйата, СӨ үтүөлээх юриһа, Дьокуускай куорат суутун бэрэссэдээтэлинэн өр кэмҥэ үлэлээбит Афанасий Васильевич Никодимовка уонна «Якутдорстрой» акционернай уопсастыба генеральнай дириэктэрин бастакы солбуйааччы, СӨ үтүөлээх тутааччыта, Дьокуускай куораты тупсарыыга үгүс кылаатын киллэрбит Петр Григорьевич Сергеевкэ. 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Өксөкүлээх суолунан...
Дьон | 27.09.2024 | 10:00
Өксөкүлээх суолунан...
Саха норуотун сайдыытын суолун түстэспит улуу киһибит А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй олорбут олоҕо, сүҥкэн суолталаах айымньылара күн бүгүн ааҕылла, үөрэтиллэ тураллара кини сүдүтүн, кэрэхсэбиллээх олоҕу олорон ааспытын туоһулуур. Өксөкүлээх Өлөксөй олоҕун биир дойдулааҕа, С.Р. Кулачиков-Эллэй аатынан Чычымах орто оскуолатын алын сүһүөх учуутала  Вера Богдокумова чинчийэн үөрэтиитин бу нүөмэргэ билсиэҕиҥ. Вера Васильевна...
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Дьон | 26.09.2024 | 16:00
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Анал байыаннай дьайыыга тыылга көмөлөһөр дьоммут уолаттарбытыгар биир улахан тирэх, өйөбүл буолалларын ааҕан сиппэккин. Кинилэр тустарынан хайаан да билиһиннэрэр, дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсиир эбээһинэстээхпит.   2022 сыл сэтинньи ыйтан анал байыаннай дьайыы тиэмэтигэр суруйабын. Ийэлэри, уолаттары, сүтүктээхтэри, волонтердары... Биһиги, суруналыыстар, кинилэри сырдатарбыт, кэпсиирбит, ааҕааччыларга тиэрдэрбит олус наада. Сорох ардыгар суруйар дьоруойгун көрдүүрүҥ уустуктардаах...
«Кыһыл көмүс» выпуск
Сонуннар | 27.09.2024 | 12:00
«Кыһыл көмүс» выпуск
Бүлүү педучилищетын 50 сыл анараа өттүгэр баһаатай идэтин баһылаабыт эдэркээн кыргыттар, уолаттар пионерскай үлэҕэ оҕо аймаҕы үөрэтэ, сырдыкка угуйа туруммуттара. Бүгүн бу выпуск туһунан СӨ үөрэҕириитин туйгуна, методист-баһаатай Любовь Николаевна Сидорова кэпсиир. Сыл-хонук түргэнник да ааһар эбит. 1970 сыллаахха кырылас кумахтаах Бүлүү куоратыгар турар Н.Г. Чернышевскай аатынан педучилищеҕа саҥа арыллыбыт...
Судаарыстыбаннас күнэ киэҥник бэлиэтэнэр
Сонуннар | 25.09.2024 | 11:46
Судаарыстыбаннас күнэ киэҥник бэлиэтэнэр
Балаҕан ыйын 23-27 күннэригэр өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн Судаарыстыбаннас күнэ киэҥ далааһыннаахтык бэлиэтэниэҕэ. Сүрүн тэрээһиннэр Саха сирин бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев аатын үйэтитиигэ ананыахтара. Ол курдук, киин куорат оскуолаларыгар линейкалар, кылаас чаастара, бэсиэдэлэр, викториналар, кинигэ быыстапкалара, аһаҕас уруоктар, күрэхтэр ыытыллаллар. Балаҕан ыйын 26 күнүгэр Нам улууһугар Өрөспүүбүлүкэтээҕи судаарыстыбаннас историятын түмэлигэр уопсастыбаннас мунньаҕа,...