21.06.2023 | 14:24

Дьокуускай куорат бэтэрээннэрэ Үлэ сылынан ыһыах ыстылар

Дьокуускай куорат бэтэрээннэрэ Үлэ сылынан ыһыах ыстылар
Ааптар: Маргарита Егоровна Винокурова, педагогическай наука кандидата, СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, СӨ үөрэҕириитин Бочуоттаах бэтэрээнэ
Бөлөххө киир

От-мас көҕөрөн, сибэкки арааһа хонууну киэргэтэн, кэҕэ этэн чоргуйан, алардарбыт-тыаларбыт көтөр-сүүтэр ырыатынан туолан, дьэ, саха эрэ дууһата ыллыыр, үөрэр-көтөр кэтэһиилээх самаан сайыммыт кэллэ.

Бэс ыйын 16 күнүгэр Тулагы диэки, Намныыр трасса 20 км баар  түһүлгэҕэ, Дьокуускай куорат бэтэрээннэрин түмсүүтүн ыһыаҕа буолан ааста. Быйылгы тэрээһини Варвара Иннокентьевна Дмитриева салайааччылаах Киин уокурук Бэтэрээннэрин сэбиэтэ иилээн-саҕалаан ыытта. Манна даҕатан эттэххэ, бу Сэбиэт бэтэрээннэрэ куорат салалтата тэрийэр ханнык да тэрээһиниттэн туора турбакка, барытыгар көхтөөхтүк кытталлар.

Ол курдук, быйылгы ыһыахха кинилэр эппиэтинэстээхтэрин иһин, бэлэмнэнии үлэтин олох эрдэттэн саҕалаабыттара. Хас субуота ахсын уһуйааччы Анастасия Сидорова салалтатынан АГИКИ устудьуоннарын кытта ыһыах үөрүүлээх аһыллыытын  эрэпэтииссийэлээбиттэрэ, 70-80 саастаах ытык дьоннор үҥкүүгэ, ырыаҕа, сиэри-туому толорорго үөрэммиттэрэ сөхтөрөр.

Анаммыт күн, төһө да сытыы тымныы тыаллааҕын иһин, кыанар-кыаммат бэтэрээннэр бука бары мустан, олус дуоһуйа, үөрэ-көтө ыһыахтаатылар. Быйылгы тэрээһин Дьокуускай куоракка иҥэриллибит Килбиэннээх үлэ куоратын аатыгар уонна Үлэ сылыгар ананна. Биллэн турар, ити үрдүк аат биир күнүнэн да, сылынан да ситиһиллибэт, бу мустубут бэтэрээннэр эдэр саастарыгар сүүрэн-көтөн, үлэлээн-хамсаан, көлөһүннэрин тоҕон үлэлээбиттэрин түмүгэ буолара саарбахтаммат.

Куорат Киин уокуругун сэбиэтин бэтэрээннэрэ ыһыах сиэрин-туомун толору тутуһан ыыттылар, алгыс тылын иҥэриннилэр, оһуокайы, араас күрэхтэри тэрийдилэр. Үөрүүлээх түгэни үллэстэ, эҕэрдэ тылы этэ, араас наҕараадалары туттара куорат бас-көс дьоно кыттыыны ылбыттара кырдьаҕастары үөртэ. Ол курдук, куорат Дууматын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Е.И. Евсикова, социальнай харалта управлениетын салайааччыта С.И. Матвеев, өрөспүүбүлүкэ бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ В.О. Иванов, куорат бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Н.А. Тряпша истиҥ тылларын тиэртилэр.

Евдокия Евсикова тыл этэригэр: «Киин уокурук бэтэрээннэрин сэбиэтэ (бэрэс. Варвара Дмитриева) ханнык да урут ыытыллар тэрээһиннэрдээҕэр ураты бырагырааманы бэлэмнээбиттэр, онон үрдүк таһымнаах бырааһынньыгы тэрийбиккит», — диэн бэлиэтээтэ, улаханнык махтанна.

Дьэ, ити курдук ытык кырдьаҕастарбыт сааһырдыбыт диэн дьиэлэригэр бүгэн олорбокко, олох үөһүгэр сылдьаллара киһини үөрдэр. Мэлдьи да маннык чэгиэн-чэбдик, үөрэ-көтө сылдьыҥ, уһун үйэлэниҥ диэн алгыыбыт.

Түмүгэр кэлэр 2024 сыллааҕы ыһыаҕы ыытар көһө сылдьар чороону Табаҕа бэтэрээннэрин сэбиэтэ тутта.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...