01.11.2023 | 17:30

«Дьокуускай куорат бастыҥ урбаанньыта» күрэххэ сайаапкалары хомуйуу саҕаланна

Олохтоох дьаһалта сылын аайы «Дьокуускай куорат бастыҥ урбаанньыта» күрэҕи тэрийэр. Быйыл, сэтинньи 1 күнүттэн 30 күнүгэр диэри күрэххэ кыттарга урбаанньыттартан маннык номинацияларынан сайаапкалары хомуйаллар:
«Дьокуускай куорат бастыҥ урбаанньыта» күрэххэ сайаапкалары хомуйуу саҕаланна
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

- «Дьокуускай куорат атыы-эргиэн эйгэтигэр бастыҥ урбаанньыта (тэрилтэтэ)»;

- «Дьокуускай куорат уопсастыбаннай ас-үөл эйгэтигэр бастыҥ урбаанньыта (тэрилтэтэ)»;

- «Дьокуускай куорат оҕолору көрүү-истии эйгэтигэр бастыҥ урбаанньыта (тэрилтэтэ)»;

- «Дьокуускай куорат өҥө оҥоруутугар бастыҥ урбаанньыта (тэрилтэтэ)»;

- «Дьокуускай куорат туризм эйгэтигэр бастыҥ урбаанньыта (тэрилтэтэ)»;

- «Дьокуускай куорат гостиница эйгэтигэр бастыҥ урбаанньыта (тэрилтэтэ)»;

- «Дьокуускай куорат медицинскэй өҥө эйгэтигэр бастыҥ урбаанньыта (тэрилтэтэ)»;

- «Дьокуускай куорат тырааныспар эйгэтигэр бастыҥ урбаанньыта (тэрилтэтэ)»;

- «Дьокуускай куорат оҥорон таһаарыы эйгэтигэр бастыҥ урбаанньыта (тэрилтэтэ)»;

- «Дьокуускай куорат олох-дьаһах хомунаалынай эйгэтигэр бастыҥ урбаанньыта (тэрилтэтэ)»;

- «Дьокуускай куорат норуот уус-уран айымньытын эйгэтигэр бастыҥ урбаанньыта (тэрилтэтэ)»;

- «Дьокуускай куорат IT технология эйгэтигэр бастыҥ урбаанньыта (тэрилтэтэ)»;

- «Дьокуускай куорат бастыҥ урбаанньыта (тэрилтэтэ) – үрдүкү номинация.

Куонкуруска Дьокуускай куорат уокуругар регистрациялаах уонна үс сылтан итэҕэһэ суох үлэлээбит дьоҕус уонна орто урбаан субъектара кытталлар, кыттааччыларга сүрүн ирдэбиллэр:

- «Арассыыйа Федерациятыгар дьоҕус уонна орто урбаан сайдыытын туһунан» 2007 сыл от ыйын 24 күнүгэр 209-с нүөмэрдээх Федеральнай сокуон 4-с ыстатыйатыгар сөп түбэһии;

- страховой усунуостарынан, нолуок эбэтэр атын Арассыыйа Федерациятын бүддьүөтүн систиэмэтигэр киирэр булгуччу төлөбүрдэринэн иэһэ суох буолуу.

Сайаапкалары 2023 сыл сэтинньи 1 күнүттэн 30 күнүгэр диэри кумааҕы көрүҥүнэн маннык аадырыска туталлар: Дьокуускай куорат, Ленин пр., 15, 209-с кэбиниэт, эбэтэр электроннай почтаҕа: opt.yakutsk@mail.ru.

Билсэр төлөпүөн: 8(4112) 40-80-93.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....