18.04.2021 | 16:14

Дьокуускай куоракка сир боппуруостара (уларыйыылар, хааччахтааһыннар, сүбэлэр)

Инстаграмҥа «Мои Документы» киин олус интэриэһинэй быһа эфирдэри ыытар. Куорат олоҕор-дьаһаҕар сыһыаннаах кэпсэтиилэри биир бэйэм көтүппэккэ көрөбүн уонна хаһыакка сырдатарга дьулуһабын. Ааҕааччыларга туһалаах буоллун диэн.
Дьокуускай куоракка сир боппуруостара (уларыйыылар, хааччахтааһыннар, сүбэлэр)
Ааптар: Айыына Ксенофонтова
Бөлөххө киир

Соторутааҕыта Дьокуускай куорат уокуругун Баайга-дуолга уонна сиргэ-уокка сыһыаннаһыыларын департаменын начаалынньыгын солбуйааччы Игнатий ПОПОВ нэһилиэнньэ ыйытыыларыгар хоруйдаата.  

Барыта сокуоҥҥа олоҕуран

– Дьокуускай куорат уокуругун олохтоохторо иччитэх турар сир учаастагын хайдах докумуоннаһалларый?

– Сокуоҥҥа олоҕуран, иччитэх турар сир учаастагын аукциона суох льготалаах эрэ дьон ылыахтарын сөп: элбэх оҕолоох ыал эбэтэр дьиэҕэ-уокка наадыйар, Дьиэ-уот сыһыаннаһыыларын департаменыгар учуокка турар инбэлииттэр (инбэлиит барыта буолбатах).

Өссө 39.18 ыстатыйаҕа олоҕуран, уопсай бэрээдэк диэн баар. Гражданин сайабылыанньа биэрдэҕинэ, өскөтүн барыта сөп түбэһэр буоллаҕына, ону тустаах уорган көрдөрөр-иһитиннэрэр эйгэҕэ таһаарар. Биир ый күүтэбит. Атын сайаапка киирбэтэҕинэ, бу киһини кытта аукциона суох куортам дуогабара оҥоһуллар. Бу ИЖС-ка диэн сири биэрии уратыта.

Оттон хамсаабат баай-дуол эбийиэгэ турар учаастагын хайдах докумуоннаһалларый?

– Сир кодексатыгар сурулларынан, хамсаабат баай-дуол  бас билээччитэ бу сиргэ докумуон оҥорторор “преимущественнай” бырааптаах. Дьиэ бырааба Росреестр управлениетыгар регистрацияламмыт буоллаҕына, бу бас билээччигэ сир учаастага аукциона суох бэриллэр, ол эрээри төлөбүрдээх. Кадастровай сыана бырыһыанынан ааҕыллар.

Эксперт сүбэлиир

– Дьиэ туттуон баҕалаахтар Докуускай куорат иһигэр баар учаастактары ханна киирэн көрүөхтэрин сөбүй?

– Бу боппуруоһу үгүстүк ыйыталлар. Бастатан туран, Дьокуускай куорат геопорталын киирэн көрөргүтүгэр сүбэлиибин. Бу куорат электроннай каартатыгар кэккэ иһитиннэрии, тустаах докумуоннар бааллар: генеральнай былаан, сири туһаныы уонна тутуу быраабылалара, “Проект межевания территорий” докумуон, о.д.а. Онтон электроннай каартаны Росреестр.ру сайтка киирэн сибидиэнньэлэри көрүөххүтүн сөп. Салгыы спутнигы арыйыҥ, холобур, Google каартаны. Интэриэһиргиир сиргитигэр хапытаалынай тутуу эбийиэгэ суох, учаастак күрүөтэ суох буолуохтаах. Өскөтүн күрүөлээх, хапытаалынай тутуу хаалан хаалбыт буоллаҕына, бу сир 80-с эбэтэр 90-с сылларга бэриллибит буолуон сөп. Маннык түгэҥҥэ докумуоннастаххына даҕаны, быһаарыы суутунан көтүрүллүөн сөп.

Аны туран, сири-уоту миэстэтигэр тиийэн хайаан да көрөргүт ордук диэн сүбэлиибин. Чахчы туох даҕаны тутуу суоҕун, бу сир иччитэх турарын илэ хараххытынан көрүҥ-истиҥ. Онтон геопорталы бэчээттэтэн баран, “Мои Документы” офиһыгар бараҕыт. Урут олус элбэх докумуон ирдэнэр эбит буоллаҕына, 2015 сылтан Баай-дуол уонна сир-уот сыһыаннаһыыларын департамена туох баар запростары бэйэтэ оҥорор.

Геопорталы көрүҥ

– “Перераспределение” (“прирезка”) туһунан кэпсии түһүөҥ дуо? Хайдах оҥоһулларый?

– 2015 сылтан сүрүн учаастак аттыгар сытар сири эбии учаастагы докумуоннаһыахха сөп буолбута. Ол эрээри кэккэ хааччахтааһыннар бааллар. “Проект межевания территорий” диэн докумуон хас кыбаартал аайы олохтонор. Онно сир учаастага барыта ыйыллар. Дьокуускай куорат геопорталыгар киирэн көрүҥ. Өскөтүн “Проект межевания территорий” диэн докумуон суох буоллаҕына, сир ханна сытар схематын сакаастаан оҥорторуоххутун наада. “Мои Документы” киин офиһын нөҥүө Олохтоох дьаһалта, Баай-дуол уонна сир-уот сыһыаннаһыыларын департаменын аатыгар суруйаҕыт. Биһиги запрос ыытабыт. Куораты тутуу уонна тырааныспар инфраструктуратын департаменыттан “Проект межевания территорий” көрдүүбүт. Сүрүн учаастаккытын көрөбүт, барыта сөп түбэһэр буоллаҕына, сөбүлэҥ бэриллэр. Оччоҕуна “Проект межевания территорий” докумуон фрагменын биэрэбит эбэтэр бигэргэтиллибит схеманы туттарабыт. Сайабылыанньа биэрбит киһи кадастровай үлэни ыытар. Инженергэ сакаастаан саҥа кадастровай нүөмэри ылар. Иккис түһүмэххэ “согласие” оҥоһуллар. Бу төлөбүрдээх өҥө. Сир учаастагын кадастровай сыанатыттан 15 % буолар.  

“Прирезка” диэн бэрт судургу курдук эрээри, дьыалатыгар киирдэххэ, сүүрүүлээх-көтүүлээх буолуон сөп. Ол иһин бастаан Дьокуускай куорат геопорталын көрүҥ, сүрүн учаастаккытыгар эбии учаастак баарын чахчы итэҕэйиҥ диэн сүбэлиибин. Өскөтүн “Проект межевания территорий” докумуоҥҥа сөп түбэспэт буоллаҕына, Куораты тутуу уонна тырааныспар инфраструктуратын департаменыгар сайабылыанньа суруйаҕыт, ити этиллибит бырайыакка уларыйыы киллэрэр туһунан көрдөһөҕүт.

Сир учаастагын туһаныы көрүҥүн хайдах уларытыахха сөбүй?

– “Сири туһаныы уонна тутуу быраабылалара” диэн баар. Биһиги куораппыт сирэ-уота онно олоҕуран түҥэтиллэр. Холобур, куорат киинэ “Уопсастыбаннай-дьыалабыай зона” диэн ааттанар уонна ханнык көрүҥҥэ киирэрэ ыйыллар: “административнай дьиэҕэ”, “быраабы араҥаччылыыр үлэҕэ”, о.д.а. ГРЭС оройуона “Производственнай зона” диэн ааттанар уонна көҥүллэммит туһаныы хас да көрүҥҥэ арахсар. Оттон Сайсары оройуонун чааһынай сектора “Дьон олорор зоната” диэн ыйылла сылдьар. Өскөтүн урут манна ылбыт учаастаккыт “Под садоводство-огородничество” диэн бэриллибит эбит буоллаҕына, билигин сиргит “Дьон олорор зонатыгар” киириэн сөп. Бу түгэҥҥэ көҥүллэммит туһаныы көрүҥүн бэйэҕит талар бырааптааххыт. Итиннэ икки “ноолоох”. Сир учаастагын бас билэр буоллаххытына, “Мои Документы” киин нөҥүө Росреестр управлениетыгар көҥүллэммит туһаныы көрүҥүн уларытар туһунан сайабылыанньа суруйаҕыт, декларацияны толороҕут. Холобур, даачаҕытын ИЖС оҥорторор буоллаххытына. Росреестр управлениета докумуоннары бэрэбиэркэлиир, барыта сөп түбэһэр буоллаҕына, уларытыллар. Өскөтүн сир учаастага куортамынан бэриллибит түгэнигэр, Баай-дуол уонна сир-уот сыһыаннаһыыларын департаменын аатыгар сайабылыанньа суруйаҕыт. Биһиги докумуоннары көрөбүт, барыта сөп түбэһэр буоллаҕына, сири туһаныы көрүҥүн уларытар туһунан быһаарыныы ылынабыт уонна Олохтоох дьаһалта дьаһалын бэлэмниибит. Ол докумуон Росреестр управлениетыгар тиийэр уонна сири туһаныы көрүҥэ уларыйар.

Манна биири бэлиэтиэхпин баҕарабын. “Условно-разрешенные” диэн өйдөбүл баар. Онно ыйыллыбыт көрүҥтэн талар буоллаххытына,  Куораты тутуу уонна тырааныспар инфраструктуратын департаменыгар сайабылыанньа суруйаҕыт. Оччоҕуна уопсастыбаннай дьүүллэһии ыытыллар. Ол түмүгүнэн дьаһал тахсар. Онон Росреестр управлениета тустаах докумуону бэлэмниир.

 

Куортам дуогабарын болдьоҕун хайдах уһатабытый?

– 2015 сыллаахха сокуоҥҥа, Сир кодексатыгар үгүс уларыйыы киирбитэ. Куортам дуогабарын болдьоҕун уһатыы туһунан биир эрэ көрүҥҥэ хаалбыта. Өскөтүн эһиги сир учаастагын ылбыккыт уонна тугу эрэ тутан саҕалаабыккыт. Ону “Объект незавершенного строительства” диэн регистрациялаабыккыт. Маннык түгэҥҥэ Олохтоох дьаһалта болдьоҕу биирдэ эрэ уһатар – үс сылга. Эбийиэги тутан бүтэрэргэ диэн. Бу сокуон сир учаастагын ылбыт киһи тута баһылыахтаах, манна тугу эрэ тутуохтаах диэн санаалаах оҥоһуллубут. Урут биэс сыл тухары тугу да туппакка гынан баран, өссө биэс сылга, онтон өссө уһатыахха сөп этэ. Ол иһин ирдэбил кытааппыта,  хааччахтааһын киллэриллибитэ. Холобур, куортам болдьоҕо муус устар 1 күнүгэр диэн эбит. Эһиги ол туһунан умнубуккут уонна муус устар 8 күнүгэр саныы түспүккүт. Биир эмэ күн хойутаатаххына, куортам дуогабара түһэрсиллибэт. Сир учаастага аукцион нөҥүө бэриллибит буоллаҕына, хос аукцион биллэрэбит. Урут бу сир учаастага аукциона суох бэриллибит буоллаҕына, билигин эмиэ оннук буолар диэн өйдөнөр. Холобур, оттуур сири физическэй сирэйгэ (бааһынай хаһаайыстыбаҕа, чааһынай предпринимательгэ буолбатах) аукциона суох үс сылга бэриллэр. Ол болдьоҕо ааһан хаалар түгэнигэр, куортам ылар киһи урукку дуогабарбын көтүрүөххэ уонна саҥа дуогабары түһэрсэбин диэхтээх.

Сир учаастагын куортамҥа ылбыт буоллаххытына, тута баһылаан-көһүлээн, тутуу ыытан бараргытыгар сүбэлиибин.

 

Элбэх оҕолоох ыалларга сири түҥэтии туһунан

– Хайдах уочаракка турабытый, уочараппытын ханна кэтээн көрөбүтүй, хантан ыйыталаһабытый диэн үгүс киһи ыйытар.

– Бу муниципальнай өҥө электроннай көрүҥҥэ толору көспүтэ. Элбэх оҕолоох ыал дьиэттэн тахсыбакка олорон, уочаракка туруон сөп. Ол эбэтэр e-yakutia.ru порталга киирэн, электроннай сайабылыанньа биэрэр кыахтаах. Ол биһиэхэ кэлэр, сөп түбэһэр буоллаҕына, уочарат олохтонор. Урут биэс сыллаах прописка ирдэнэрэ, ол 2017 сыллаахха тохтообута. Элбэх оҕолоох ыал биэс сыл устата улууска олорбут буоллаҕына, уочаракка туруон сөп. Ону хайдах дакаастыыбыт? Бастатан туран, оҕо уһуйааныттан эбэтэр оскуолаттан ыспыраапка ылыллар. Иккиһинэн, нотариуһунан бигэргэтиллибит үлэ киниискэтэ эбэтэр хамсаабат-баай дуол эбийиэгин докумуона буолуон сөп. Холобур, бу ыал улууска пропискалаах, ол эрээри куоракка кыбартыыра ылбыта биэс сылтан ордубут. Маннык түгэҥҥэ уочаракка туруорабыт.  

Урут ыал улахан оҕотун сааһа 18-гар диэри диэн хааччахтаах этэ. Билигин 25-гэр диэри уһаабыта. Кини үрдүк эбэтэр орто үөрэх кыһатын тэрилтэтигэр күнүскү үөрэххэ үөрэнэр буолуохтаах.

Дьиэ кэргэн уочаракка турбутун кэннэ Олохтоох дьаһалта сир учаастактарын тэрийэр уонна түҥэтиигэ ыҥырар. 2018 сыллаахха бүтэһик сэрэбиэй ыытыллыбыта, ол кэннэ быйыл кулун тутар 24-31 күннэригэр Нам трагар, Туллагы-Киллэмҥэ 190 сир учаастага түҥэтилиннэ. 120-чэ ыал “Проект межевания территорий” докумуон фрагменын ылла, билигин кадастровай үлэни ыытар. 4 ыал куораттан ыраах диэн аккаастанна. Мантан ыла ити этиллибит учаастактарга өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн көмөтүнэн суол оҥоһуллуохтаах, уот, гаас ситимэ киириэхтээх. 

2011 сылтан Табаҕаҕа, Хатаска, Птицефабрикаҕа, Мархаҕа “Севернай” кыбаарталга барыта элбэх сир учаастага бэриллибитэ. Тулагыга 2, Киллэмҥэ – 2 территория. “Севернай” кыбаарталга гаас киирбитэ, уот баар, суол оҥоһуллубута. Хатаска гаас, уот киирбитэ. Табаҕаҕа,Табаҕаҕа, Тулагы-Киллэмҥэ үлэ ыытыллыахтаах.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Өксөкүлээх суолунан...
Дьон | 27.09.2024 | 10:00
Өксөкүлээх суолунан...
Саха норуотун сайдыытын суолун түстэспит улуу киһибит А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй олорбут олоҕо, сүҥкэн суолталаах айымньылара күн бүгүн ааҕылла, үөрэтиллэ тураллара кини сүдүтүн, кэрэхсэбиллээх олоҕу олорон ааспытын туоһулуур. Өксөкүлээх Өлөксөй олоҕун биир дойдулааҕа, С.Р. Кулачиков-Эллэй аатынан Чычымах орто оскуолатын алын сүһүөх учуутала  Вера Богдокумова чинчийэн үөрэтиитин бу нүөмэргэ билсиэҕиҥ. Вера Васильевна...
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Дьон | 26.09.2024 | 16:00
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Анал байыаннай дьайыыга тыылга көмөлөһөр дьоммут уолаттарбытыгар биир улахан тирэх, өйөбүл буолалларын ааҕан сиппэккин. Кинилэр тустарынан хайаан да билиһиннэрэр, дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсиир эбээһинэстээхпит.   2022 сыл сэтинньи ыйтан анал байыаннай дьайыы тиэмэтигэр суруйабын. Ийэлэри, уолаттары, сүтүктээхтэри, волонтердары... Биһиги, суруналыыстар, кинилэри сырдатарбыт, кэпсиирбит, ааҕааччыларга тиэрдэрбит олус наада. Сорох ардыгар суруйар дьоруойгун көрдүүрүҥ уустуктардаах...
«Кыһыл көмүс» выпуск
Сонуннар | 27.09.2024 | 12:00
«Кыһыл көмүс» выпуск
Бүлүү педучилищетын 50 сыл анараа өттүгэр баһаатай идэтин баһылаабыт эдэркээн кыргыттар, уолаттар пионерскай үлэҕэ оҕо аймаҕы үөрэтэ, сырдыкка угуйа туруммуттара. Бүгүн бу выпуск туһунан СӨ үөрэҕириитин туйгуна, методист-баһаатай Любовь Николаевна Сидорова кэпсиир. Сыл-хонук түргэнник да ааһар эбит. 1970 сыллаахха кырылас кумахтаах Бүлүү куоратыгар турар Н.Г. Чернышевскай аатынан педучилищеҕа саҥа арыллыбыт...
Судаарыстыбаннас күнэ киэҥник бэлиэтэнэр
Сонуннар | 25.09.2024 | 11:46
Судаарыстыбаннас күнэ киэҥник бэлиэтэнэр
Балаҕан ыйын 23-27 күннэригэр өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн Судаарыстыбаннас күнэ киэҥ далааһыннаахтык бэлиэтэниэҕэ. Сүрүн тэрээһиннэр Саха сирин бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев аатын үйэтитиигэ ананыахтара. Ол курдук, киин куорат оскуолаларыгар линейкалар, кылаас чаастара, бэсиэдэлэр, викториналар, кинигэ быыстапкалара, аһаҕас уруоктар, күрэхтэр ыытыллаллар. Балаҕан ыйын 26 күнүгэр Нам улууһугар Өрөспүүбүлүкэтээҕи судаарыстыбаннас историятын түмэлигэр уопсастыбаннас мунньаҕа,...