Дьокуускай куоракка эһиил ханнык саҥа паарка баар буолуон сөбүй?
Кулун тутар 15 – муус устар 30 күннэригэр 2025 сылга тупсарыллар эбийиэктэри быһаарар Бүтүн Арассыыйатааҕы куоластааһын буолаары турар.
Дьокуускай куорат олохтоохторо быйыл маннык уопсастыбаннай туоналарга куоластыыр кыахтаахтар: Гагарин аатынан сквер, Щорс күөлүн кытыла, Сэргэлээх күөлүн кытыла (ДСК оройуона), Теплай күөл кытыла уонна «Ытык сир» паарка (Новопортовской оройуон).
Кулун тутар 15 күнүттэн https://14.gorodsreda.ru/ Бүтүн Арассыыйатааҕы платформаҕа киирэн, ааттаммыт эбийиэктэр бырайыактарын кытта билсиэххэ сөп.
Теплай күөл
Бырайыак быһыытынан, Теплай күөлгэ саҥа муоста уонна кытыытынан сатыы дьон күүлэйдииригэр, сынньанарыгар аныгылыы, табыгастаах зона оҥоһуллар.
Муостаҕа олорон сынньанар, айылҕаны, куораты кэрэхсиир мас ыскамыайкалардаах буолар. Муоста бэйэтин матырыйаалыгар тимир конструкциялары кытта маһы дьүөрэлээһин сабаҕаланар. Оттон халтараан буолбатын туһугар, анныгар терраса дуоската дэнэр анал матырыйаал тэлгэнэр.
Күөл таһынан бэлисипиэттиир, сайын спордунан дьарыктанар, катамаранынан, тыынан хатааһылыыр, ролигынан, самокатынан сылдьар сирдэрдээх буолар. Кыһыҥҥы өттүгэр хаҥкылыахха, сыыртан сырылыахха сөп буолуоҕа.