Дьокуускай куоракка эһиил ханнык саҥа паарка баар буолуон сөбүй?
Кулун тутар 15 – муус устар 30 күннэригэр 2025 сылга тупсарыллар эбийиэктэри быһаарар Бүтүн Арассыыйатааҕы куоластааһын буолаары турар.
Дьокуускай куорат олохтоохторо быйыл маннык уопсастыбаннай туоналарга куоластыыр кыахтаахтар: Гагарин аатынан сквер, Щорс күөлүн кытыла, Сэргэлээх күөлүн кытыла (ДСК оройуона), Теплай күөл кытыла уонна «Ытык сир» паарка (Новопортовской оройуон).
Кулун тутар 15 күнүттэн https://14.gorodsreda.ru/ Бүтүн Арассыыйатааҕы платформаҕа киирэн, ааттаммыт эбийиэктэр бырайыактарын кытта билсиэххэ сөп.
«Ытык сир» паарка
«Ытык сир» паарка Гагарин аатынан уокурук Новопортовской оройуонугар сабаҕаланар. Пааркаҕа Күнү көрсүү сиэрин-туомун билиһиннэрэр композиция, спорт, оҕо оонньуур балаһааккалара, Дьоруойдар аллеялара о.д.а. сонун тутуулар бырайыактара баар.
Ол курдук, концепция быһыытынан, «Күнү көрсүү» композиция Аал Луук Маһы санатар искусственнай үрдэлгэ оҥоһуллар. Комплекс ортотугар түһүлгэҕэ алгысчыт уонна кинини арыаллыыр тоҕус уол уонна 8 кыыс скульптуралара баар буолар.
Паарка хоту өттүгэр Дьоруойдар аллеяларыгар 25 устуука билиитэ таас туруоруллар. Киирии муоста «Ытык сир» паарканы Кыайыы пааркатын кытта ситимниир аналлаах.
Спорт балаһаакката көхтөөх уонна чуумпу сынньалаҥҥа аналлаах икки зонаҕа арахсар, манна теннистиир корт, тренажердар, воркаут-балаһаакка, футбол оонньуур хонуу оҥоһуллаллар. Кырачааннарга эмиэ анал оонньуур балаһаакка көрүллэр.