08.09.2023 | 12:00

«Дьокуускай — килбиэннээх үлэ куората»: сэдэх быыстапканы көтүтүмэҥ!

Балаҕан ыйын 4 күнүгэр Дьокуускай куорат дьаһалтатын дьиэтигэр “Дьокуускай – килбиэннээх үлэ куората” диэн архыып докумуоннарынан быыстапка үөрүүлээхтик аһылынна.
«Дьокуускай — килбиэннээх үлэ куората»: сэдэх быыстапканы көтүтүмэҥ!
Ааптар: Вера КАНАЕВА
Бөлөххө киир

История чахчыларыгар олоҕурбут быыстапка Дьокуускай куорат төрөөбүт күнүгэр туһуланна. Дьоҕус, ол эрээри сүҥкэн ис хоһоонноох быыстапканы Дьокуускай куорат муниципальнай архыыбын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай архыыбын үлэһиттэрэ тэрийдилэр. Бу докумуоннар Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар Дьокуускай олохтоохторун күүстээх санааларын, Кыайыы туһугар күүрээннээх үлэ, куораппыт уустук, ыарахан олоҕун туһунан  саҥата суох кэпсииллэр. Докумуоннары тэҥэ оччотооҕу Дьокуускай куорат олоҕун көрдөрөр хаартыскалар ыйаммыттар. Сүрүннээн быыстапка “Перестроить всю работу на военный лад...”, “Все для фронта”, “Жизнь города в годы войны”, “...Мы должны работать еще лучше, еще напряженнее...” диэн кэрчиктэргэ араарыллыбыт.

Быыстапканы Дьокуускай куорат муниципальнай архыыбын дириэктэрин э.т. Айталина Захарова аста. Ону таһынан Дьокуускай куорат дьаһалтатын баһылыгын солбуйааччы Наталья Степанова, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистири бастакы солбуйааччы Афанасий Ноев, Дьокуускай куорат бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Николай Тряпша уонна ЯТЭЦ дириэктэрэ Вадим Андриевскай эҕэрдэ тылларын анаатылар.

Айталина Афанасьевна Захарова, Дьокуускай куорат муниципальнай архыыбын дириэктэрин э.т.:

– Архыыптар кыттыгас иккис быыстапкабыт буолла. Былырыын баччаларга Дьокуускай куорат бочуоттаах олохтоохторун сырдатар улахан, олус интэриэһинэй быыстапканы үлэлэппиппит. Бүгүҥҥү “Дьокуускай – килбиэннээх үлэ куората” быыстапкабыт дойдубут Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин уурааҕыгар тирэҕирэн тэрилиннэ. Сэрии ыар сылларыгар куорат үрдүнэн үлэ кэлэктииптэрэ, куорат олохтоохторо үлэнэн хорсун быһыыларын көрдөрөр дьиҥнээх архыып докумуоннарын уонна кинилэр куоппуйаларын аан бастаан көрдөрүүгэ таһаардыбыт. Олор истэригэр Горисполком 1941-1945 сс. боротокуолларыттан араас боппуруостар көрүллүбүттэрин, Кыайыы пуондатыгар “Советская Якутия” тааҥкаҕа биэрбит үптэрин туһунан  докумуоннар бааллар. Биһиги архыыппыт сэдэх  матырыйааллардаах, ону сэргэ дьоһун суолталаах улахан промышленнай тэрилтэлэр докумуоннара хараллаллар. Олорго электростанция киирэр. Сэрии сылларыгар электростанция көмөтө олус улахана. Бу тэрилтэ дириэктэрин бирикээстэрэ бааллар. Аҥаардас биир үлэ кэлэктиибин холобуругар олоҕуран, биһиги куораппыт олохтоохторо сэрии сылларыгар хайдахтаах курдук улахан үлэни үлэлээбиттэрин көрөбүт, булгуруйбат санааларын киэн тутта кэпсиибит. Холобура, 120-чэ киһилээх тэрилтэттэн 88 киһи тута Арассыыйа Кыһыл Кириэһин кэккэтигэр киирбитин туһунан тус докумуоннара, эр дьону солбуйбут дьахтар аймах хачыгаар, токарь, электрик үлэтин баһылаан, “Лучшие из лучших женщин” диэн бирикээскэ ахтыллыбыттара бааллар. Бу докумуоннар көмөлөрүнэн куораппыт олохтоохторо сэрии сылларыгар күүрээннээх үлэлэрэ бигэргэнэн, дойду үрдүнэн “Килбиэннээх үлэ куората” үрдүк аат ситиһиллибитэ.

Вячеслав Сергеевич Сивцев, СӨ Национальнай архыыбын докумуоннары туһаныыга салаатын кылаабынай архивиһа:

– Дьокуускай куорат сэрии кэмнэригэр хайдах олорбутун туһунан сиһилии кэпсиир быыстапканы туруордубут. Манна оскуола оҕолорун үлэҕэ сыһыарыы, тэрилтэлэр күүрээннээх үлэлэрэ, куорат салалтата хайдах үлэлии олорбута сырдатылынна. Биир табылыыссаҕа куорат олохтооҕун бородууктатын лимиитэ көстөр. Ол сылларга куорат олохтооҕо аһынан хааччыллыыта хайдаҕа, тугунан аһаан олорбута көстөр. Фроҥҥа ичигэс таҥас, атах таҥаһа барыыта докумуоҥҥа суруллубута баар. Бу докумуоннар үксэ көрдөрүүгэ саҥа таҕыстылар.

Афанасий Иванович Ноев, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирин бастакы солбуйааччы:

– Быыстапка куорат төрөөбүт күнүгэр аналлаах тэрээһиннэр чэрчилэринэн аһылынна. Дьокуускай “Килбиэннээх үлэ куората” үрдүк ааты ылыыта биһиэхэ барыбытыгар чиэс, бочуот буолар. Өрөспүүбүлүкэбит киин куората маннык улахан ааты ылыыта –  биһиги эһэлэрбит, эбэлэрбит, куорат олохтоохторун килбиэннээх үлэлэрин туоһута. Архыыппыт үлэһиттэрэ бириэмэтигэр докумуоннары тиһэн, кичэллээхтик харайан, бу докумуоннар бааллар. Устуоруйаны кэрэһилиир докумуоннарбыт Дьокуускай куораппыт чахчыларын тилиннэрэр уонна бигэ туоһулуур. Бу буолар дойдуга бэриниилээх буолуу.

Быыстапка үөрүүлээх аһыллыытын кэннэ архыып үлэһиттэрэ Айталина Захарова, Вячеслав Сивцев мустубут дьоҥҥо быыстапканы бэрт интэриэһинэйдик сырдаттылар.

История биир кэрдиис кэмэ сэгэтиллэн, күүрээннээх  үлэлэринэн Улуу  Кыайыыны турууласпыт Дьокуускай куорат олохтоохторун хорсун быһыылара докумуоннарга тиһиллэн, бар дьон иннигэр көрдөрүүгэ таҕыста.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...