24.04.2020 | 13:06

Дьокуускай “Килбиэннээх Үлэ куората” буоларыгар куоластаа!

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Арассыыйа Бэрэсидьиэнин В.В.Путин кулун тутар 1-гы күнүнээҕи уурааҕынан, “Килбиэннээх Үлэ куората” ытык аат Аҕа дойду Улуу сэриитигэр кыайыыны уһансыыга, байыаннай уонна гражданскай оҥорон таһаарыынан, маассабай геройдуу үлэнэн, бэриниилээх буолуунан кылааттарын киллэрбит куораттарга иҥэриллэр буолла.

“Килбиэннээх Үлэ куората” ытык ааты Дьокуускай куорат ыларын ситиһэргэ, эн биһикки куоласпыт туһалыан сөп.

1. Куоластыыргаhttps://www.pobedaykt.ru сайтка киирэбит.

2. “Поддержать” кнопканы баттыыбыт.

3. Толору ааппытын, аадырыспытын, төлөпүөммүт нүөмэрин  киллэрэбит.

4. Эмиэ “Поддержать” баттыыбыт.

Билиҥҥитэ 12000-тан тахса куолас киирдэ.  

Маны тэҥэ, бу сайтка эбээлэргит, эһээлэргит, ийэлэргит, аҕаларгыт, үлэ кэлэктииптэрэ тыылга геройдуу үлэлээбиттэрин туоһулуур докумуоннары киллэриэххитин сөп.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...