21.01.2021 | 07:08

ДЬОКУУСКАЙ ЭРГЭ ТУТУУЛАРА

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бүгүн биһиги куораппыт ааспыт үйэлэргэ тутуллубут эргэ дьиэлэрин, тэрилтэлэрин салгыы билиһиннэрэбит.

Нуучча-Азиатскай баан

Бу аныгылыы истиилинэн тутуллубут дьиэ, сэбиэскэй кэм иннинээҕи биир саамай көстүүлээх, бэлиэ тутуунан буолар. 1908-1909 сылларга Анна Ивановна Громова күтүөтүн харчытынан тутуллубута. Күтүөтэ Илин Сибииргэ Митрофан Васильевич Пихтин атыы-эргиэн фирматын биир бөдөҥ бас билээччитэ этэ. Манна бастаан Нуучча-Кытай баана баара, онтон 1910 сылга Нуучча-Азиатскай баан үлэлээбитэ. Сэбиэскэй кэмҥэ бу дьиэҕэ госбаан, сбербаан, муусука уонна фольклор музейдара бааллара. 2005 сылга дьиэни чөлүгэр түһэрбиттэрэ. Маныаха тутуу урукку, эргэ бэрэбинэлэрин туһаммыттара. Билигин манна “Алмаасэргиэнбаан” баанын офиһа баар, кини тутууну чөлүгэр түһэриини үбүлээбитэ.

Градо-Дьокуускай Преображенскай таҥара дьиэтэ

Куолакаллаах, биир мэндиэмэннээх таас таҥара дьиэтэ 1845 сыллаахха тутуллубута. Оччолорго тэлгэһэтигэр икки мэндиэмэннээх мас Преображенскай таҥара дьиэтэ турбута, онно маарыннатан, аттыгар туппуттара. Таас таҥара дьиэтин тутуутун саха атыыһыта Соловьев уонна Дьокуускай куорат прихожаннара үбүлээбиттэрэ. Сэбиэскэй кэмҥэ манна библиотека, ыскылааттар, о.д.а. тэрилтэлэр бааллара. 2001 сыл атырдьах ыйын 19 күнүгэр чөлүгэр түһэриллибит таҥара дьиэтигэр бастакы молебен ыытыллыбыта.

Дьахталлар гимназиялара

Икки мэндиэмэннээх мас дьиэ ХХ үйэ саҕаланыытыгар тутуллубута. 1893 сыллаахха прогимназия Попечительскай сүбэтэ саҥа дьиэни тутарга быһаарыы ылыммыта. Үп-харчы хомуйуута саҕаламмыта. Атыыһыттар Федот Астраханцев уонна Петр Кушнарев иккилии тыһыынчаны биэрбиттэрэ. 1906 сыллаахха икки мэндиэмэннээх мас дьиэ таас акылаат үрдүгэр тутуллубута. Гимназия дьиэҕэ үөрэтэр учууталлары уонна оскуола алын кылааһын учууталларын бэлэмниирэ. Маныаха оскуолаларга учууталлары бэлэмниир анал педагогическай кылаас Саха сиригэр биир бастакынан этэ. Сэбиэскэй былаас бастакы сылларыгар манна партийнай оскуола түстэммитэ, ол кэннэ – опытнай-көрдөрөр оскуола, 26 №-дээх орто оскуола, Саха судаарыстыбаннай университетын медицинскэй факультетын анатомияҕа кафедрата бааллара. Кэлин чөлүгэр түһэриллибитин кэннэ Дьокуускайдааҕы патриархальнай епархия управлениета баар.

«Наследники Кушнарева» атыы-эргиэн дьиэтин маҕаһыына

Атыы-эргиэн дьиэтин 1903 сыллаахха 1-кы гильдиялаах биллиилээх атыыһыт Апексим Михайлович Кушнарев сыдьааннара: уола Петр, кыыһа Агриппина уонна огдообото Екатерина тэрийбиттэрэ. Сүрүн хонтуора Дьокуускайга баара, филиаллара уонна атыы туочукалара – уобалас бары бөдөҥ нэһилиэнньэлээх пууннарыгар, ону таһынан Охотскайга уонна Киренскэйгэ үлэлээбиттэрэ.

Атыы-эргиэн дьиэтэ биирдиилээн, кууһунан уонна дьаарбаҥкаҕа араас мануфактураны, таҥаһы-сабы, бытархай табаардары, тимиртэн оҥоһуллубут дьиэ тээбириннэрин, аһылык сорох табаардарын оҥорон атыыга таһаарара. Өрөбөлүүссүйэ иннинээҕи сылларга фирма атыытын эргитиитэ, оҥорон таһаарыыта, түүлээҕи тутууну учуоттаабатахха, сылга үс-түөрт мөлүйүөн буолара. Петр Кушнаревка уот ситимин, музейы, библиотеканы туттарбытын уонна кыраайы аһынан-таҥаһынан хааччыйбытын, бары үтүөлэрин иһин “Дьокуускай куорат бочуоттаах олохтооҕо” аат иҥэриллибитэ. Сэбиэскэй кэмҥэ манна НКВД, Госбаан, дойду наукаларын Академиятын Дьокуускайдааҕы филиала бааллара.

Уобаластааҕы суут  дьиэтэ

1914 сыллаахха дьиэ акылаатын түһэрии буолбута. Маныаха үөрүүлээх быһыыга-майгыга молебен ыытыллыбыта уонна Николай II ыраахтааҕы мөссүөннээх дуосканы уурбуттара. Маны таһынан тутуу саҕаламмыт күнэ-дьыла, уокуруктааҕы суут бэрэссэдээтэлэ, статскай сүбэһит Леонтий Лукашевич бэрэссэдээтэллээх тутар хамыыһыйа састааба уонна үлэ хаамыытын ыйбыт-кэрдибит, салайбыт инженер Николай  Баумгартен ааттара өйдөбүнньүк сурукка киллэриллибиттэрэ. Тутуу үлэтин Сибиир араас куораттарыттан ыҥырыынан кэлбит 16 маастар-каменщик ыыппыттара. Архыып докумуоннара кэпсииллэринэн, матырыйаалы бэлэмнииргэ, тутарга барыта 80 тыһыынча көрүллүбүтэ. Истиэнэ кирпииччэлэрин тута миэстэтигэр оҥорон испиттэрэ, араас быһыылаах-таһаалаах кирпииччэлэри эрэ атын сиртэн аҕалбыттара.

Библиотека дьиэтэ

Иһигэр Музей түстэниэхтээх библиотека дьиэтин бырайыагын архитектор Климентий Лешевич оҥорбута. Крафт губернатор архитектор үлэтин салайбыта уонна бу дьиэ куорат биир көстүүлээх, мааны тутуутунан буолуон баҕарара, ол иһин тас көстүүтүн баайдык, кыраһыабайдык оҥорорго модьуйбута. Кини оннооҕор тас көстүүтүн былаанын куоппуйалаан худуоһунньуктар Академияларыгар экспертизаҕа ыыппыта. Дьиэ акылаатын түһэрии 1909 сыл ыам ыйын 6 күнүгэр буолбута. Сайыҥҥы кэмнэргэ олоҕо уонна бастакы мэндиэмэнэ бүппүтэ. Тутуу сезона бүтүүтүгэр туох баар үп барыта туттуллубута, онон 1910 сыл сааһыгар, тутуу үлэтэ ыытыллыан иннинэ, губернатор эмиэ харчы хомуйуутун салҕаабыта. Крафт олохтоох атыыһыттары үрүҥ бурдуктан атын кэлэр табаардарыттан, биирдии бууттан (16 кг) 5-тии кэппиэйкэни биэрэн иһэллэригэр тылын ылыннарбыта. Ол курдук харчы хомуллан иккис мэндиэмэн тутуллубута, онтон 1911 сыл сайыҥҥы ыйдарыгар – ис үлэлэр оҥоһуллан, тутуу түмүктэммитэ. Ааҕан көрүүнэн, библиотеканы тутууга барыта 60-ча тыһыынча солкуобай туттуллубут этэ. 1911 сыл алтынньы 5 күнүгэр музей-библиотеканы арыйыы үөрүүлээх быһыыга-майгыга ааспыта.

Казначейство дьиэтэ

1908 сыллаахха Дьокуускайдааҕы уезднай казначействоны тутуу туһунан быһаарыы ылыллыбыта. Куорат быраабата Правленскай уонна Казарменнай уулуссалар быһа охсуһууларыгар (билигин Петровскай уонна Орджоникидзе) буор босхо сир учаастагын биэрбитэ. Тутуу бырайыагын инженер-архитектор Лешевич оҥорбута, маны таһынан кини өссө эбийиэк салайааччытынан анаммыта. 1909 сыл ыам ыйын 6 күнүгэр норуоту мунньан тутуу бастакы акылаатын үөрүүлээх быһыыга-майгыга түһэрбиттэрэ. Тутуу матырыйаалын сүрүннээн улуустартан аҕалтараллара. Архитектор дьиэни эрэ бырайыактаабата, кини бэйэтинэн хаһаайыстыбанньык буоларын көрдөрбүтэ – сметаны уларытан оҥорууга, тутуу матырыйаалын сыанатын түһэрсиигэ, о.д.а. саамай актыыбынай кыттыыны ылара. 1909 сыл олунньутуттан кини хас күн аайы тыһыынчанан буут испиэскэни, уонунан туонна тааһы, кумаҕы, бурууһу, бэрэбинэни, тоһоҕону, сыыҥкабай, тимир лиистэри, кырааскалары Иркутскай уонна олохтоох оройуоннар атыыһыттарыттан бэйэтинэн тутара, ылара. Матырыйааллар уонна тутуу төлөбүрдэрэ губернатор Иван Иванович Крафт кыраҕы хараҕын кэтэбилинэн ааһара. Казначейство тутуута 1911 сыллаахха түмүктэммитэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...